Өлүөхүмэ “Түмсүүтэ” көрүстэ

Ааптар: 
26.02.2020
Бөлөххө киир:

Быйыл өҥ буордаах Өлүөхүмэ сиригэр-уотугар  өтөрүнэн ыытыллыбатах тэрээһин – Олоҥхо ыһыаҕа буолаары турар. Онон сибээстээн, Өлүөхүмэттэн төрүттээх Дьокуускай куоракка олорор дьон улуус баһылыга Николай Харбины кытта көрүстүлэр.

edersaas.ru

Николай Харбин кылгастык улуус олоҕун сырдатта, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии хаамыытын, инники былааннары, соруктары билиһиннэрдэ. Тэрээһиҥҥэ, уопсайа, 10 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт кэлиэ диэн сабаҕалыыллар. Соторутааҕыта ыһыахха туһанарга диэн 200 чороону, биир оччо кытыйаны, куораты сибэккинэн симииргэ анаан сибэкки сиэмэтин туттарбыттар.

“Түмсүү” биир дойдулаахтар Үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ үбүнэн-харчынан көмөлөһүүлэрин, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэни кытта үлэ, о.д.а. боппуруостары ырытыстылар.

CӨ “Тыгын Дархан” уопсастыбаннай аһылык сулууспата” ГУП дириэктэрэ, уонтан тахса улахан ыһыахтары ыытыспыт уопуттаах Мария Габышева кэлэн бэрт үгүс сүбэни-аманы биэрдэ. Ону тэҥэ, соторутааҕыта ыытыллыбыт буулдьанан ытыыга күрэхтэһии туһунан иһитиннэрдилэр.

Санатан эттэххэ, улуус быйыл хас даҕаны бэлиэ даатаны бэлиэтиир. Ол курдук, Өлүөхүмэ улууһа тэриллибитэ 90 сылын, Өлүөхүмэ куорат төрүттэммитэ 385 сылын, Өлүөхүмэттэн төрүттээх сахалартан бастакы соҕотох лүөччүк дьахтар, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Вера Захарова, суруйааччы, тылбаасчыт Лев Габышев төрөөбүттэрэ 100 сылын бэлиэтиэхтэрэ.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0