2019 сыл олунньу 25 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун уонна Саха сирин бары олохтоохторугар биир бэлиэ, долгутуулаах түгэн тосхойдо. Ол курдук, сахалартан биир бастакынан муусука кэрэ эйгэтигэр киирбит, ол эйгэни баһылаабыт самодеятельнай композитор-этнограф, хор салайааччыта, саха муусукатын төрүттээбит чинчийээччи, педагог Федор Григорьевич Корнилов төрөөбүтэ 140 сыла буолла.
edersaas.ru
Федор Григорьевич Корнилов Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Кудай диэн сиргэ элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. Аҕата булчут, балыксыт. Тоҕус саастаах Сүөдэр уолу ыраах тайҕаттан нэһилиэк ыстаарыһата, үөрэхтээх киһи буолар чинчилээх диэн, I Нөөрүктээйигэ церковнай-приходской оскуолаҕа бэйэтэ тэрийэн, арыаллаан илдьэн биэрбит. Бу оскуола түөрт кылааһын 1882 сыллаахха туйгуннук бүтэрбит. Салгыы Духуобунай училищеҕа да үөрэҕи чэпчэкитик ылынар. Онон Духуобунай сэминээрийэҕэ хааллараллар. Муусука, мэлииппэ уруоктара кини олоҕор быһаарыылаах оруолу ылаллар.
Сэминээрийэни 1900 сыллаахха бүтэрэр итиэннэ оскуолаҕа ырыа, муусука биридимиэттэрин биэрэр сахаттан бастакы учуутал буолар. Оскуолаларга сахалыы хордары тэрийэр, онон саха оҕолоро кэрэ эйгэтигэр сысталларыгар, ырыаны, муусуканы таптыылларыгар бастакы олугу түстээбитэ. 1902 сыллаахха 23 саастаах уол Кыыллаахха көһөн учууталлыыр. Манна олоҕун доҕорун, огдообо дьахтары Александра Грязнухинаны көрсөн, сөбүлээн кэргэн ылар. 1918 сыллаахха дьиэ кэргэнин кытары Дьокуускайга көһөр. Дьокуускайга кэлэн талааннаах киһи айымньылаах олоҕо арыллан үлэлээн барар. Хордары тэрийиинэн дьарыктанар, норуот матыыптарын хомуйар. Ол сылдьан бэйэтэ эмиэ ырыалары айар. “Чолбон» сурунаалга 1926-1927 сылларга хас да ыстатыйаны бэчээттэппитэ биллэр. Сахалыы матыыбы нуотаҕа түһэрэр үлэни ыытар.
Искусствовед, музыковед Т.В.Павлова бэлиэтииринэн, Федор Корнилов балалайкаҕа уонна скрипкаҕа уһулуччу үчүгэйдик оонньуур эбит. Саха эдэр талааннаах мусукаана саха норуотун искусствотыгар сайдыыны киллэриэхтээҕэ таайдаҕа. 1934 сыллаахха Саха сиринэҕи Наркомпрос Федор Корниловы Москва куоракка саха норуотун муусукатын култууратыгар иккис “Сахалыы ырыалар” хомуруунньуктарын бэчээккэ таһаарарга бэлэмнииригэр анаан ыытар. Бастакы хомуруунньугу “Саха ырыаларын нуоталара” диэн Адам Скрябин таһаартарбыт.
Иккис хомуруунньук 1936 сыллаахха Москва куоракка «Музгиз» издательствоҕа бэчээттэммит. Бу хомуруунньукка Федор Корнилов 88 мелодияны таһаартарбытыттан 39-һа норуот биллэр ырыалара, 49-һа Корнилов бэйэтэ суруйбут матыыптара эбит.
1921 сыллаахха ахсынньы 21 күнүгэр “Манчаары” түмсүү мунньаҕар аан бастаан “Интернационал” толоруллубут. «Интернационалы» нууччалыыттан сахалыыга саха чулуу уола Былатыан Ойуунускай тылбаастаабыт. Бу үлэтин Федор Корниловтыын сүбэлэһэн оҥорбуттар. Табатык тылбаастаммыт тыллары муусука тэтимигэр сөп түбэһиннэрэр сыаллаах-соруктаах бииргэ үлэлээбиттэр эбит. Дьэ онон, оркестр доҕуһуоллаах «Интернационал” сахалыы тылынан 1922 сыллаахха сэтинньи 6 күнүгэр толоруллан ньиргийбит. Бу Федор Корнилов хору оркестры кытары холбоон ыллаппыт бастакы холонуута этэ. Оччолорго айар киһиэхэ төһөлөөх улахан долгутуулаах түгэн буолуой, дойду сүрүн ырыатын сахалыы саҥардан, өссө оркестр доҕуһуоллаан, Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 5 сылын бэлиэтиир түгэҥҥэ саха норуотугар итинник дьоһун бэлэҕи уунар?!
Бу кэмтэн ыла биһиги биир дойдулаахпытын Федор Корниловы саха норуотун бастакы композитора диэн ааттыыр буолбуттара. Федор Григорьевич Корнилов тохсунньу 21 күнүгэр 1939 сыллаахха өлбүтэ. Кини сахатын норуотугар уонна саха норуотун искусствота сайдарыгар элбэх сыратын биэрбитэ. Кырдьыга даҕаны, саха ырыатын нуотаҕа түһэрэн үйэтиппит киһини оҕо эрдэҕинэ тайҕаттан булан тэрийэн, үөрэххэ киллэрбиттэрэ — бу кинини дьылҕата бэйэтэ булан, сиэтэн илдьибит эбит буолбаат?
Дьылҕатын бэлэҕин үрдүктүк тутан, чиэстээхтик толорон, айбыт-туппут киһибит олоҕунан киэн туттар санаабыт хаһан даҕаны халбаҥнаабакка үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдии турдун.
Мария ПОСКАЧИНА.
Хаартыска: интэриниэттэн