Өлүөхүмэ Саҥыйахтааҕар хортуоппуй хомууругар көмөлөһө 300 устудьуон тиийиэҕэ
Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатыгар устудьуоннар этэрээттэрин 442 байыаһа үлэлиэҕэ. Ааспыт сыллааҕар байыас ахсаана 54 бырыһыанынан эбиллибитин (былырыын 287 устудьуон үлэлээбитэ) үрдүнэн муниципальнай тэриллиилэртэн киирбит сайаапкаҕа ырааҕынан тиийбэт: улуустар 1688 байыаһы көрдүүллэр.
Билиҥҥи туругунан, 40-ча ыччат киин уонна илин эҥээрдээҕи улуустарга үлэлии сылдьар. Устудьуоннар, сүнньүнэн, күрүө тутуутугар, от хампаанньатыгар уонна күһүн хортуоппуй, оҕуруот аһын хомууругар үлэлиэхтэрэ. Байыастары түһэрии, аһатыы уонна айан-суол ороскуоттарын дуогабардаах хаһаайыстыба уйунарын таһынан ыйга ортотунан 30 тыһ. солкуобай хамнаһы төлүөхтээх. Маннык дуогабары 16 хаһаайыстыба түһэристэ уонна түһэрсээри сылдьар.
Саамай улахан сакаасчыт – «Саҥыйахтаах» ТХПК (Өлүөхүмэ). Производственнай кэпэрэтиип быйыл хортуоппуй хомууругар Дьокуускай куорат идэ биэрэр орто үөрэҕин тэрилтэлэриттэн 300 уонна Өлүөхүмэтээҕи техникумтан 30 устудьуону илдьэн үлэлэтэргэ былааннаан олорор. Хаһаайыстыба салайааччыта Егор Ефимовтыын төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттым.
– Нэһилиэнньэ эдэр, үлэни кыайар өттө үксэ, 86 киһи, үс учаастагынан хаһаайыстыбаҕа үлэлиирин таһынан хортуоппуй хомууругар эбии элбэх үлэһит илии эрэйиллэр. Тастан дьону көмөлөһүннэрдэхпитинэ эрэ хомууру кэмигэр түмүктүүр кыахтаахпыт, – диир Егор Егорович. – Былырыын күһүн 200 устудьуону аҕалан үлэлэппиппит. Үүнүүбүт былырыыҥҥытааҕар ордук. Ол иһин хомуур үлэтин икки нэдиэлэнэн бүтэрээри 300 байыаһы көмөлөһүннэрэргэ быһаардыбыт.
Ааспыт сылга комбайн атыыласпыппыт. Онтубут ардахха хаампат. Онон илии үлэтэ син биир элбэх буолуо. Хамнас үүнүүттэн уонна үлэ кээмэйиттэн тутулуктаах. Хортуоппуйбутун ортотунан 18-20 солкуобайга туттарабыт. Эккэ курдук субсидия көрүллүбэт буолан, үпкэ-харчыга ыктарабыт. Саамай уустук, ыарахан боппуруоспут – суол ороскуотун уйунуу. Былырыын уу суолунан хас биирдии оҕоҕо кэлэ-бара айаныгар 10 тыһ. 600-түү солкуобайы төлөөбүппүт. Онон, министиэристибэ быйыл суол-айан ороскуотун толуйууга үп көрөн көмөлөһөрүгэр туруорсабыт.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru