Өлүөхүмэҕэ зондировщик-сөмөлүөт көмөтүнэн ойуур баһаардарын иэнэ кыччаата

Бөлөххө киир:

Өлүөхүмэ улууһугар зондировщик-сөмөлүөт көмөтүнэн ойуур баһаардарын иэнэ кыччаабытын туһунан улуус баһылыга кэпсээтэ.

Улууска ойуур баһаардара хонтуруолланар зонаҕа баалларын туһунан Өлүөхүмэ баһылыга  Николай Харбин өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаапка иһитиннэрдэ.

Сайын устата төрдүс кылаас кутталлаах ойуур баһаардара турдулар. Бүгүҥҥү туругунан хааччыллар зонаҕа (обслуживаемые зоны) баһаардар суохтар. Ойуур баһаардара  хонтуруолланар зонаҕа — сылдьарга эрэйдээх, ыраах сирдэргэ  бааллар.  Онон нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат. Авиационнай зона хонтуруолугар баар ойуур баһаардарын умулларыыга авиалесоохрана көмөтө ирдэниэхтээх. Билиҥҥитэ оннук баһаардар суохтар. «Циклон» Ан-26 сөмөлүөт үлэлээн, ардах түспүтэ,- диэн эбэн эттэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0