Өлүөхүмэ улууһугар, айылҕа маанылаан айбыт Аанньаах Хочотугар XIV төгүлүн Олоҥхо ыһыаҕа буолан ааста. Сүүһүнэн кыттааччы, тыһыынчанан көрөөччү ыраахтан-чугастан мустан, саха төрүт култууратын сэргээтэ, оонньууларын көрдө.
Түһүлгэҕэ — Ил Дархан
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Олоҥхо иккис онус сылын бэлэмнэниитин уонна ыытыытын национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Сергей Местников, ыраахтан-чугастан, хотуттан-соҕурууттан ыҥырыылаах ыалдьыттар муһуннулар. Ыһыах Ытык Дуоҕатын Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтинэн сэргэҕэ туруору аста.
Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Олоҥхо ыһыаҕынан эҕэрдэлээн туран дьолу, үтүөнү, кытаанах доруобуйаны баҕарда. Ыһыаҕы тэрийээччилэргэ, Өлүөхүмэ улууһун олохтоохторугар уустуктары, дьаҥы аахсыбакка умнуллубат бырааһынньыгы бэлэхтээбиттэригэр махталын биллэрдэ. Олоҥхо ыһыаҕа Өлүөхүмэ улууһун олохтоохторун өссө күүскэ сомоҕолууругар, саҥа ситиһиилэргэ сирдииригэр эрэнэрин эттэ. Уустар түһүлгэлэригэр сырытта, Арассыыйатааҕы Ыччат күнүн иитинэн Олоҥхо ыһыаҕын волонтердарын кытта көрүстэ.
Бастыҥтан бастыҥнар
Олоҥхо күрэһигэр улахан дьоҥҥо араас улуус олоҥхоһуттара кыттыбыттарыттан, “Кылаан бирииһи” — Гран-при үрдүк аатын Таатта уус тыллаах этээччитэ Александр Баҕардынов ылан, 700 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти тутта. Ыччаттарга Гран-при аатын Мэҥэ Хаҥаластан Виталий Никифоров, оҕолорго олохтоох оҕо, Кыыллаах Арыы кыыһа Надя Акимова ыллылар.
Оһуохайга Сунтаар улууһун бэрэстэбиитэлэ Светлана Зедгенидзева, хомуска Дьокуускайтан Варвара Степанова Гран-при үрдүк аатын сүктүлэр.
Эдьиийдии балыстар – эдэр олоҥхоһуттар
Кыыллаах орто оскуолатын быйыл бүтэрбит Надя уонна 11-с кылаас үөрэнээччитэ Саша Акимовалар оҕолорго олоҥхоҕо күрэскэ кыттан, туһааннааҕынан Гран-при уонна I истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ыллылар.
— Мин 8-с кылааска үөрэниэхпиттэн олоҥхолуубун. “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхону үөрэппитим. Аан маҥнай олоҥхоҕо уһуйбут киһинэн эбээм Атласова Пелагея Михайловна буолар. Бэлэмнэнэ олордохпуна эбээм: “Тыый, олоҥхолууһуккун дии, холонон көр”, — диэбитэ. Бэйэм эмиэ сэҥээрэн, саха тылын, литературатын учуутала Августина Саввична Корниловаҕа “олоҥхолуохпун баҕарабын” диэн эппитим. Онтон Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Василина Васильевна Баланова тойукпун чочуйбута, аҕыйах бириэмэҕэ уус-уран салайааччы Федор Радомирович Попов үөрэппитэ, иллэрээ сылтан тапталлаах салайааччым Ольга Афанасьевна Акимова уһуйар. Онон кинилэргэ улаханнык махтанабын, ону кытта иккис ийэм кэриэтэ киһибэр, олохтоох култуура киинин салайааччыта Лена Егоровна Даниловаҕа уонна тапталлаах төрөппүттэрбэр эмиэ махтал тылларын аныыбын.
Олоҥхо – олоҕу хоһуйан оҥоруу. Тус бэйэбэр олоҥхо уруккуну билэрбэр, тылым баайын саппааһын хаҥатарбар, өйгө тутар дьоҕурбун сайыннарарбар көмөлөһөр. Иккитэ-үстэ аахтахпына тута өйбөр хатанар. Сорох өйдөбүллэрин билбэт тылларым бааллар. Куолуга кытта сырыттахпына, урукку тыллар суолталарын быһаарыллыбыт ыйынньыгын биэрбиттэрэ, онон сирдэтинэбин. Онно суох тыллары бэйэм хасыһан ааҕабын эбэтэр аҕабыттан, салайааччыбыттан ыйытабын.
“Эрчимэн Бэргэн” олоҥхо аҥаарын үөрэппитим эрээри, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын күрэҕэр чаас аҥаарын курдук эттим.
Балтым Саша мин олоҥхону толорорбун көрөн сэҥээрбитэ. Улуустааҕы култуура управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Мария Дмитриевна Ларионова миэхэ “Бусхаа Бухатыыр” диэн олоҥхону үөрэт диэн биэрбитэ. Балтым интэриэһиргээбитин көрөн, маны үөрэтэн көрдөххүнэ хайдаҕый, диэн киниэхэ биэрбитим. Ыһыах буолуо икки нэдиэлэ баарына бэлэмнэнэн I истиэпэннээх лауреатынан буолла.
Олоҥхо ыһыаҕар миэстэлэһии биһиэхэ олус үөрүүлээх, долгутуулаах, — диэн санаатын үллэстэр оскуолатын быйыл бүтэрбит, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар кыайыылаахтара, Гран-при хаһаайката, артыыс буолар баҕа санаалаах Надя.
“Эр бэрдэ” күрэх
“Эр бэрдэ” күрэххэ 11 боотур кыттан күүһүн холосто, илин-кэлин түһүстэ. Уопсайа, биэс көрүҥҥэ – “Сыарҕа соһуутугар”, “Өлүөхүмэ таастарыгар”, “Балаҕан нөҥүө быраҕыыга”, “Бэрэмэйдээх сүүрүүгэ”, “Тааһы көтөҕүүгэ” куоталастылар. Роман Рива (Мииринэй) уонна Михаил Гоголев (Уус Алдан) хара ааныттан илин-кэлин түсүһэн, көрөөччү болҕомтотун тартылар. Түөрт түһүмэх тухары тэҥ очукуолаах испит эр бэртэри бүтэһик тааһы көтөҕүү түһүмэх быһаарда. Манна Михаил Гоголев утарсааччытыттан аҕыйах хардыы ырааҕы илдьэн, кыайыылааҕынан таҕыста. Роман Рива – иккис, Евгений Иванов (Нам) үһүс миэстэлэннилэр.
Түмүктээн эттэххэ, кыттааччылар, көрөөччүлэр Өлүөхүмэҕэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк таһымнааҕын, элбэх омук түөлбэлээн олорор улууһа буолан, үгүс норуоттар култууралара, үгэстэрэ, олохторо-дьаһахтара көстүбүтүн чорботон бэлиэтииллэр. Оттон айылҕа анаан айбыт Аанньаах Хочото манна үктэммити эрэ барытын абылыыр күүстээҕин оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ этэллэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Андрей СОРОКИН (СИА), Валерий МАЛЫШЕВ («Өлүөхүмэ» хаһыат) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.