Өлүөхүмэҕэ — Олоҥхо ыһыаҕа

Ааптар: 
26.06.2021
Бөлөххө киир:
Аанньаах хочотугар бэс ыйын 26-27 күннэригэр унаар сайыммыт саамай күүтүүлээх күндү бырааһынньыга Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, ыһыахха бары хааччахтыыр уонна харыстанар миэрэлэр тутуһуллаллар. Ону сэргэ, коронавирус дьаҥын тарҕаппат туһуттан, түһүлгэҕэ түмсээччилэр бары быһыыны ылбыттара ирдэнэр диэн СИА суруйар. Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтигэр ыраахтан-чугастан ыалдьыттар сарсыардаттан муһуннулар.  Үгэс курдук киирэр ааҥҥа ыалдьыттары алгыы, үтүөнү баҕара көрүстүлэр.
Түһүлгэҕэ анаан-минээн оҥоһуллубут, чочуллан, туойуллан тахсыбыт Аал Дууп Хатыҥ Мас анныгар туран Өлүөхүмэ ытык-мааны кырдьаҕастара Капиталина Трынкина уонна Борис Чичирбынов күүтүүлээх Олоҥхо ыһыаҕынан мустубут ыалдьыттарга үтүөнү-кэрэни баҕардылар. Өлүөхүмэҕэ эбэҥки тылын илдьэ сылдьааччы, култууратын тарҕатааччы, төрүт олохтоох норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ Ляна Яковлева аал уоту отунна, айах тутан күндүлээтэ, Ростислав Крижановский алҕаата.
Сиэр-туом силигэ ситэриллибитин кэнниттэн салгыы  бэртээхэй театрализованнай көрдөрүү буолла. Бу бар дьон иннигэр оонньоон, оруолларынан толорон көрдөрүүгэ, сыанаҕа олоҥхо мецената, 2-с гильдиялаах атыыһыт, былыр олоҥхоһуттар күрэстэрин үөрүүнэн тэрийээччи уонна кыайыылаахха улахан бэлэҕи оҥорооччу Степан Идельгин, кинини сэргэ, олоҥхоһуттар: Егор Торговкин — Ырыа Бабанча, Михаил Шараборин-Кумаров, Мэкчиргэ уола Бэhиэлэйдээх Мэхээлэ, Иван Павлов — Түүллээх Уйбаан, Дмитрий Говоров — Ырыа Миитэрэй, Иван Догоюков — Доҕойук уола, Аким Татаринов — Акыым Уус, Федор Тимофеев — Биэчэрэ, Николай Бурнашев — Боодьоҕос сыанаҕа тахсыылара ытыс тыаһынан арыалланна, көрөөччүлэр болҕомтолорун тартылар. Санатан эттэххэ, режиссер  «Желанный берег» тыйаатыр бэстибээлин лауреата, олоҥхону толорооччу, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа уонна режиссера Павел Колесов бу курдук киллэрэн биэриитэ олохтоохтору улаханнык сэргэхситтэ, кэрэ кэпсээн оҥостубут ытык дьоннорун киэн тутта ааттыылларыттан ордук улаханнык долгуйдулар, астыннылар. Олоҥхо тыйаатырын сэргэ, манна төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырдарын артыыстара, АГИКИ устудьуоннара, Өлүөхүмэ оройуонун айар кэлэктииптэрэ кытыннылар.
Салгыы Олоҥхо ыһыаҕын көһөрүллэ сылдьар Ытык дуоҕа — Сомоҕо күүс бэлиэтин туттарыы долгутуулаах түгэнэ үүннэ. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев үрүҥ ойуунтан Ытык дуоҕаны илиитигэр тутан ытык сэргэҕи хороччу аста.
«Күндү доҕоттор, эһигини ис сүрэхпиттэн Өлүөхүмэ ытык сиригэр саҕаламмыт Олоҥхо ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин. Өлүөхүмэ оройуонун дьонугар-сэргэтигэр, ыарахаттары аахсыбакка туран бүгүҥҥү бырааһынньыгы  күүстэрин түмэн, сомоҕолоон тэрийбиттэригэр ис сүрэхпиттэн махтанабын. Өлүөхүмэҕэ араас норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ түмсэн, үйэлэр тухары иллээхтик, эйэлээхтик олороллор,өрөспүүбүлүкэлэрин, оройуоннарын, дойдуларын сайыннарар туһугар үлэлииллэр. Мин бүгүн манна элбэх улуустан, дойдуттан ыалдьыттар бу үөрүүлээх-көтүүлээх бырааһынньыгы көрөөрү мустубуттарыттан олус үөрэбин. Өлүөхүмэ оройуона — тыа хаһаайыстыбатын, ойуур хаһаайыстыбатын сайыннарар, бырамыысыланнай производствоны көҕүлүүр, үлэни-хамнаһы өрө тутар  сиринэн буолар.  Бу үрдүк култуура уонна хаачыстыбалаах үөрэх сирэ. Олоҥхо ыһыаҕа дьону-сэргэни өссө сомоҕолууругар уонна саҥа сыаллары-соруктары ситиһэргэ сирдииригэр эрэнэбин.  Бу үөрүүлээх күн мин Саха сирин бары олохтоохторугар дьолу, үтүөнү уонна биллэн турар, доруобуйаны баҕарабын», — диэн Айсен Николаев эҕэрдэтин тиэртэ. Салгыы СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин эҕэрдэ тылларын тиэртилэр.
Олоҥхо ыһыаҕын арыллыытын үөрүүлээх чааһын оһуохайынан түмүктээтилэр. Оһуохайга Олоҥхо ыһыаҕын кыттыылаахтара бука бары киирдилэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0