Өлүөхүмэҕэ коронавирус утары быһыыны биэрии саҕаланна

Ааптар: 
29.01.2021
Бөлөххө киир:

Икки нэдиэлэ устата хамсык дьаҥын утары вакцинаны Өлүөхүмэ улууһугар халлаан туругунан сибээстээн, кыайан ыыппакка сылдьыбыттара. Бэҕэһээ тиэртилэр, быһыыны биэрии саҕаланна.

edersaas.ru

Ол курдук, өлүөхүмэлэр улуус “Гам-КОВИД-Вак” (“Спутник V”) вакцина 100 устуука бастакы баартыйатын туппуттар. Тута быһыыны биэрии саҕаламмыт. Улууска бастакынан быһыыны кылаабынай быраас эбээһинэһин толорооччу Любовь Пивсаева ылбыт.

Үөрэх тэрилтэтин үлэһиттэриттэн бастакынан Үөрэх управлениетын начаалынньыга Андрей Солдатов  быһыыны туруортарбыт. “Хамсык биһиэхэ, арааһа, уһун кэмҥэ кэллэ быһыылаах. Онон эрдэттэн сэрэтэр, харыстанар (профилактика) үлэтин ыыттахпытына кэлин бэйэбитигэр даҕаны үчүгэй буолуоҕа. Үөрэх эйгэтигэр үлэлиирим быһыытынан, тус бэйэм салайааччылары, учууталлары кытта үгүстүк алтыһабын. Онон быһыыны ылан бэйэбин да көмүскэнэбин, тулалыыр дьоммун даҕаны харыстыыбын. Гражданскай уонна социальнай эппиэтинэспин тутуһан ыллым.

Күн бүгүн улууска баара-суоҕа 100 эрэ устуука кэллэ. Онон бастакынан балыыһа, Роспотребнадзор үлэһиттэрэ ыллылар, аҕыйах вакцина хаалбытын биһиэхэ – үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр биэрдилэр. Онон туһанан уонна холобур буолар туһугар быһыыны бүгүн ыллым. Билиҥҥитэ доруобуйабар туох даҕаны уларыйыы баара биллибэт. Баҕар, сарсын-өйүүн биллиэҕэ”, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Бары биир сомоҕо буолан вакцинаны ылан, доруобуйабытын харыстаныаҕыҥ диэн улуус үөрэҕин салайааччыта ыҥырар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0