Өрөспүүбүлүкэҕэ 2015 уонна 2016 сс. “Бастыҥ учууталынан” Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах уонна Солянка оскуолаларын учууталлара ааттаммыттара. Тус бэйэм, икки сыл субуруччу өлүөхүмэлэр бастаабыттара, үөрэх эйгэтигэр үлэ сөптөөх суолунан баран иһэрин туоһулуур дии саныыбын. Итини өссө чиҥэтэн, бу күннэргэ Кыыллаах орто оскуолатыгар улуустааҕы Эдэр учууталлар баалларын тэрийэн ыыттылар. Тустаах оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччыта, тэрээһин ааптара Раиса Лавернованы кытта кэпсэттим.
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
Эдэрдэр маҥнайгы бааллара
— Раиса Еремеевна, кылгастык баал туһунан кэпсии түһүөҥ буолаарай. Туох-сыаллаах соруктаах ыытылынна?
— Эдэр педагогтар бааллара улууспутугар аан маҥнайгытын буолла. Баалы тэрийэр баҕа санаа өссө былырыын киирбитэ. Ол эрээри, быйыл, Ыччат сылыгар сөп түбэһэн, олоххо киирбитэ икки бүк көдьүүстээх. Улуустааҕы үөрэх управлениета маастар-кылаастары уонна эдэр учууталларынан аһаҕас уруоктары ыыттарыахха диэн этии киллэрбитэ. Тэрээһин сыала-соруга— күн бүгүн Өлүөхүмэ улууһугар үлэлии-хамсыы сылдьар эдэр учууталлар талааннарын арыйыы, уопут атастаһыы. Усулуобуйа быһыытынан, биэс сыл устата үлэлээбит эдэр педагогтар эрэ кытыннылар.
Өлүөхүмэ улууһун үөрэххэ управлениетын начальнигын солбуйааччы Т.Н.Карташова, методист Е.И.Томская, иитэр үлэҕэ салаа сэбиэдиссэйэ Н.П.Фокина, улуустааҕы эдэр учууталлар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Кристина Иванова кэлэн көрдүлэр-иһиттилэр, сыаналаатылар. Өлүөхүмэ куораттан уонна кэккэлэһэ сытар уонча нэһилиэктэн, уопсайа, 68 эдэр исписэлиис кэлэн кытынна. Бэйэбит оскуолабыт бэтэрээн, аҕам саастаах учууталлара баалга сөп түбэһэрдии таҥнан, симэнэн кэлэн, эдэрдэр үлэлэрин-хамнастарын сыаналаатылар.
Тэрээһиммит Ыччат сылын үөрүүлээх линейкэтэ «Тэтим» этно-бөлөх «Аанньаах ыччата» ньиргиэрдээх композициятынан аһылынна. Кыыллаах оскуолатын тумус туттар кырдьаҕас учуутала, Доҕордоһуу уордьанын кавалера, СӨ үөрэҕириитин туйгуна В.С.Малгарова сахалыы сиэринэн-туомунан алгыс тылын эттэ.
Уопут атастаһыы
2015 сылга “Бастыҥ учуутал” аатын биһиги оскуолабыт физикаҕа учуутала Иннокентий Малгаров ылбыта. Эһиилигэр 2016 сыл “Бастыҥ учууталынан” Солянка оскуолатын математикаҕа, информатикаҕа учуутала Василий Лазарев ааттаммыта. Бастыҥ аатын сүкпүт бу икки учуутал, итиэннэ Өлүөхүмэ куорат 1-кы №-дээх оскуолатын английскай тылын эмиэ биир чаҕылхай учуутала Юрий Бояркин аныгы сайдыылаах оҕону үөрэтиигэ уопуттарын кистэлэҥнэрин үллэстэн, маастар-кылаас ыыттылар. Кинилэр уруоктарын эдэр учууталлар улаханнык сэргээтилэр, чахчы кыайыахтарын кыайбыттар эбит диэн санааларын үллэһиннилэр.
Салгыы эдэр учууталлар саастыылаахтарын аһаҕас уруоктарын көрдүлэр. Ол курдук, Н.Н.Кугасова (Кыыллаах) алын сүһүөх учуутала математикаҕа, О.П.Попов (Уолбут) химияҕа, биологияҕа, Л.В.Сергеева (Токко) саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр, М.А.Семенова (Токко) математикаҕа, К.А.Иванова (Үҥкүр) английскай тылга, А.А.Шараборина (I-Нөөрүктээйи), Т.А.Слепцова (Хоро) иккиэн физика уруоктарыгар олус интэриэһинэй аһаҕас уруоктары ыыттылар. Бары даҕаны бииртэн-биир талааннаах, кэскиллээх, элбэҕи эрэннэрэр үлэһиттэр эбит диэн, биһиги, саастаах педагогтар хайҕыы көрдүбүт.
Баал, быыстапка…
— Баал уон тохсус үйэҕэ курдук полонез үҥкүүнэн саҕаланна. Бары эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлбит вальстарын үҥкүүлээн көрдөрдүлэр. Ону таһынан, “Эдэр саас”, “Таптал”, «Саас» диэн тиэмэлэргэ сахалыы, нууччалыы, английскайдыы, оннооҕор кытайдыы тылларынан хоһоон ааҕан, сүргэбитин көтөхтүлэр, улаханнык сөхтөрдүлэр. Барахсаттар эдэрдэрин, кыраһыабайдарын, киһи эрэ көрө астынар, дуоһуйар. Баалы эдэр учуутал Ю.В.Бояркин уонна үөрэх управлениетын эдэр исписэлииһэ, биир дойлулаахпыт Л.А.Гермогенова салайан ыыттылар.
Уопсайынан, баал биһиэхэ ыытылларынан сибээстээн, төһө кыалларынан онно сөп түбэһэр, таһымыгар эппиэттиир гына тэрийэ сатаатыбыт. Ол аҥардас таҥастан-саптан эрэ тутулуга суох. Саала киэргэтиитэ эмиэ улахан болҕомтону тардар. Тарбаҕар талааннаах педагог-психолог идэлээх Туйаара Банчина салайыытынан, эдэр учууталлар, улахан кылаас кыргыттара бары көмөлөөн, ыалдьыттар сүргэлэрин көтөҕөр гына киэргэттилэр дии саныыбыт.
Тэрээһин саҕаланыа хас да хонук инниттэн, эдэрдэр мустан үҥкүүгэ бэлэмнэммиттэрэ. Үҥкүүлэрин оскуола эбии үөрэхтээһинин учуутала, хореограф Валентина Арылахова туруорда.
Итини таһынан, анаан-минээн Кыыллаах эдэр педагогтарын быыстапкатын тэрийбиппит. Манна иистэнэр дьоҕурдаахтар бэйэлэрин араас үлэлэрин көрдөрүүгэ уурбуттара. Асчыт учууталлар тордуттан саҕалаан, минньигэс бүлүүдэ эриэккэһин аҕалбыттара.
— Баал королеватын уонна хоруолун талбыккыт. Түмүктэри туохха олоҕуран таһаардыгытый?
— Бу эдэр исписэлиистэр билиилэрин тургутар куонкурус буолбатах. Онон дьүүллүүр сүбэ баал үс түһүмэҕин (полонез, вальс, литературнай салон) түмүгүнэн быһаарда. Баал хоруолунан биһиги оскуолабыт физкультураҕа учуутала, Дьокуускайдааҕы педагогическай коллеһы бүтэрбит Владимир Павлов ааттанна. Владимир Владимирович физкультура уруогун ыытар, ону таһынан бокс секциятын салайар. Төһө да эдэрин иһин, оҕолору уонна төрөппүттэри кытта уопсай тылы түргэнник булар. Кини аҕыйах саҥалаах, ол эрээри ылыннарыылаах тыллаах. Оҕолор учууталларын истэллэр. Манна даҕатан эттэххэ, ааспыт сыл күһүнүгэр эр дьон учууталлар көмөлөрүнэн биир күннээх “Патриот” армейскай оскуоланы бэркэ салайан ыыппыта.
Оттон баал королеватынан Хоро орто оскуолатын физикаҕа учуутала Туяра Слепцова ааттанна. Мин билэрбинэн, Туяра Андреевна Өлүөхүмэ гимназиятын бүтэрбитэ. Чахчы талааннаахтар кыайдылар диэн сыаналыыбын.
Кэлбит учуутал – олохсуйа хаалар
— Оскуолаҕытыгар эдэр исписэлиистэр төһө элбэхтэрий?
— Холобур быһыытынан эттэххэ, кэлиҥҥи үс сылга Кыыллаах оскуолатыгар үс эдэр учуутал үлэлии кэллэ. Биһиэхэ кэлбит эдэр учуутал кыргыттар олохсуйа хаалар үгэстээхтэр. Ол курдук, атын улуустан төрүттээх түөрт эдэр педагог кэлэн баран, олохтоох уолаттарга кэргэн тахсан, билигин бэйэлэрэ номнуо ыал ийэлэрэ буолан олороллор. Билэргит курдук, Кыыллаах Арыыны уу ылар буолан, дьоно-сэргэтэ аҕыйах сыллааҕыта үрдүк сиргэ, Даппарайга көспүтэ. Онон сибээстээн, исписэлиистэри дьиэнэн хааччыйыы боппуруоһа уустук. Ол да буоллар, кэлбит учууталлары барыларын олохтуубут. Сүрүннээн, кырдьаҕас учууталларга олордобут. Күн бүгүн оскуолабытыгар 16 эдэр учуутал үлэлиир. 2010 сыллаахха, көһөрүүнэн сибээстээн, саҥа таас оскуола тутуллубута. Онно үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьабыт.
Түмүк оннугар
— Баалга кэлбит, көрбүт-истибит дьон санаата хайдаҕый?
— Улуустааҕы үөрэх управлениетын үлэһиттэрэ, эдэр исписэлиистэр, бэтэрээн учууталлар баал сыллата ыытылларыгар баҕа санааларын эттилэр. Бэйэбит даҕаны, биирдэ күлүмнээн баран уостан хаалбатыгар, ситим быстыбакка, салҕана турарыгар, көһө сылдьан атын нэһилиэктэргэ баал салгыы ыытыллыан баҕарабыт. Баалга кэлбит дьон бары махтанан, үтүө тылларын этэн бардылар. Эдэрдэр, элбэххэ үөрэннибит, биллибит-көрдүбүт дэһэллэр. Манна сыһыары тутан эттэххэ, кулун тутар 4 күнүгэр чугас сытар сахалыы тыллаах нэһилиэктэр үрдүкү кылаастарын уолаттарыгар аналлаах “Ийэ тыл сүмэһинэ” диэн литературнай күөн күрэс ыытаары олоробун. Инникитин 25 сыл бииргэ олорбут кэргэннии дьоҥҥо аналлаах, улуустааҕы “Үрүҥ көмүс баал” тэрийэр баҕа санаалаахпын.
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/