Өлүөхүмэҕэ дьону таһар бөртөлүөт бастакы боруобалыыр сырыыны оҥордо

Ааптар: 
26.02.2021
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин, Өлүөхүмэ аэропордун дириэктэрэ Владимир Разинков, улуус инфраструктуратын уонна инвестициятын сайыннарыыга управление начаалынньыга Петр Федоров Маҕан – Өлүөхүмэ – Маҕан хайысханан, олунньу 25 күнүгэр боруобалыыр авиа сырыыны оҥорууга оробуочай мунньаҕы ыыппыттара.

edersaas.ru

Көтүөн баҕалаах дьон соччо элбэҕэ суох буолан, тустаах сырыы боппуруоһа биллибэккэ турбута. Мунньах кыттыылаахтара “Полярные Авиалинии” хампаанньаны кытта кэпсэтии ыытан, олунньу 25 күнүгэр боруобалыыр сырыыны оҥорууга көҥүл биэрэллэригэр быһаарсыбыттара.

Ыспыраапка: Өлүөхүмэ аэропорда сабылларынан, Өлүөхүмэ — Ньурба — Дьокуускай хайысханан салгынынан сырыы боппуруоһа көрүллүбүтэ. Ньурбаҕа диэри быһа холоон 2 чаастан ордук, Ньурбаттан Дьокуускайга диэри 1 чаас 40 мүнүүтэ көтөллөр (билиэт сыаната 40 тыһыынча солкуобайтан тахса буолуох этэ. Субсидяланан – хомуура суох 22 тыһыынча солкуобайтан үөһэ). Ону тэҥэ, Үөһээ Бүлүүттэн сылы эргиччи массыына сырыыта баар буолан, Өлүөхүмэ — Үөһээ Бүлүү — Өлүөхүмэ маршрутун барыйаанын эмиэ көрбүттэрэ.

СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Өлүөхүмэҕэ миэстэтигэр ыыппыт кэллиэгийэтигэр Маҕан — Өлүөхүмэ — Маҕан хайысханан быһа сырыыны оҥорору быһаарбыттара. Төлөбүрэ 30 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр, субсидияланан – хомууру аахпатахха 12 тыһыынча солкуобай буолар. Бары хомууру ааҕан туран, билиэт сыаната 13 190 солкуобайга тэҥнэһэр.

Олунньу 25 күнүгэр кэлбит бөртөлүөтүнэн сырыы дьоно сөбүлээбиттэрин, көтөргө табыгастааҕын, салона сылааһын ыйаллар. Өлүөхүмэҕэ диэри саастаах, саҥа төрөөбүт уонна уһун айаны тулуйбат дьон кэллилэр.

Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтата олохтоохтор ааттарыттан “Полярнай Авиалиния” АХ махталын биллэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0