Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыа дуо?

Бөлөххө киир:

Бүгүн, бэс ыйын 1 күнүгэр, 11:00 чааска Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев эрэгийиэҥҥэ коронавирус балаһыанньатын туһунан брифинг ыытта.

Ил Дархан Айсен Николаев:

— Хомойуох иһин, Өлүөхүмэҕэ ыарыы түгэннэрэ бэлиэтэннилэр. Билигин ыарыһахтары кытта алтыспыт дьону быһаара сылдьаллар. Онон, суһал ыстаап сорудаҕынан, бырабыыталыстыбаҕа Өлүөхүмэҕэ бэс ыйын 21 күнүгэр ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕын тохтоторго этии киллэрдим. Бу нэдиэлэ бүтүүтэ чуолкайын быһаарыахпыт. Оройуоҥҥа ыарыы тарҕанан эрдэҕинэ олохтоохторго куттал суоһуон сөп. 

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун өссө төгүл ылыныллыбыт хааччахтыыр миэрэлэри тутуһаргытыгар ыҥырабын.

edersaasa.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0