Өлүөхүмэ уонна Туора Күөл олохтоохторо босхо цифровой ханаалга холбоннулар

Бөлөххө киир:

«2009-2018 сылларга РФ тэлэбиидэнньэнэн уонна араадьыйанан биэриини сайыннарыы» тус сыаллаах федеральнай бырагырааманы олоххо киллэрии үлэтэ бүтэһик биэтэккэ үктэнэн эрэр.

edersaas.ru

Ол чэрчитинэн, бу күннэргэ Өлүөхүмэ куорат уонна Чурапчы Туора Күөлүн олохтоохторо цифровой тэлэбиидэнньэҕэ холбоннулар. 2017 сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн цифровой тэлэбиидэнньэнэн көрдөрүү 211 эбийиэгэ үлэлиэхтээҕин туһунан СӨ сибээһин уонна информационнай технологияларын миниистирэ Александр Борисов этэр. Бу ый 20-гэр диэри федеральнай бырагырааманы олоххо киллэрии үлэтэ түмүктэниэхтээх.  Онон 390 нэһилиэнньэлээх пуун олохтоохторо 10 цифровой ханаалы босхо көрөр кыахтаныахтара. Кэлэр сылга ханаал ахсаана 20-ҕэ диэри улаатыахтаах.

Федеральнай бырагыраамаҕа олоҕуран босхо көстөр ханааллар испииһэктэрэ олохтоммута. Ол курдук, бастакы мультиплекска (судургутук эттэххэ, биэриилэр бакыаттарыгар) «Бастакы ханаал», «Россия-1», «Россия-2», «НТВ», «Петербург-5», «Россия-К», «Россия-24», «Карусель», «Россия общественнай телевидениетэ», «ТВ-Центр», иккискэ — «РЕН ТВ», «Спас», «СТС», «Домашний», «ТВ-3», «НТВ Плюс Спорт», «Звезда», «Мир», «ТНТ», «Муз ТВ».

Анивера АКИМОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0