Өлүөнэ мууһа Ленскэйгэ нэдиэлэ бүтүүтэ хамсыаҕын сабаҕалыыллар

Бөлөххө киир:

Өлүөнэ өрүс мууһун алын кырыыта Витим бөһүөлэгиттэн  190 килэмиэтирдээх сиргэ тиийдэ. Ленскэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар уу таһыма үрдүү турар. Ыам ыйын 9 – 14 күннэригэр Витим – Ленскэй учаастагынан муус эстэрэ күүтүллэр.

edersaas.ru

Ыам ыйын 7 күнүгэр, урукку сыллардааҕар 3 суукканан эрдэлээн, Ньүүйэ өрүс мууһа хамсаата. Ленскэй оройуонугар  Комака гидропоһун аннынан.

Өлүөхүмэ оройуонугар Тээнэ сэлиэнньэтин таһынан Тээнэ өрүс мууһа хамсаата.

Бүлүү өрүскэ уу таһыма үрдээн, муус харааран эрэр.

 edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0