Күүстээхтэр, быһыйдар, сымсалар. Кэрэ Киһи Уола

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Былыр Ньурба сиригэр 2-cДьаархан нэһилиэгэр 1875 сыллаахха төрөөбүт Андреев Софрон, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр аата  Кэрэ Киһи Уола диэн бэрт улахан күүстээх, бухатыыр киһи олорон ааспыта.

Софрон уол оҕо эрдэҕиттэн кыанар уонна олус күүстээҕэ эбитэ үһү. Тэҥ саастаах уолаттар иккилии-үстүү буола-буола куолаан охтороору үрдүгэр түһэллэр үһү да, барыларын үрүт-үрдүгэр суулаталаан кэбиһэр эбит.

1922 сыллаахха саас Күүстээх Софрон аймаҕа киһилиин, Никифоров Степанныын, Ньурба Бэстээҕэр бурдук тиэйэ сылдьыбыттар. Үс хааһах бурдугу, барыта 400 киилэттэн тахса буолуон сөп, өрүс сыырыгар ат кыайан таһаарбатах. Софрон атын булгутан баран,  сыарҕаны олгуобуйатыттан ылан,  сыыр үрдүгэр соҕотоҕун таһаарбыт уонна киһитигэр:  «Аанньа көмөлөспөтүҥ ээ, быһыыта, тоҕо эрэ ыарахана», — диэбит.

Ыйааһына 116 киилэ, үрдүгэ, дьон кэпсээнинэн, 180 см курдук үһү.

80 сааһыттан тахсан иһэн өлбүт.

«Айар» кинигэ кыһатыгар 2007 с. тахсыбыт «Саха ыалын халандаарыттан».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0