Күүстээхтэр, быһыйдар, сымсалар. ААППЫЙ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Былыр Верхоянскай сиригэр Суордаах нэһилиэгэр Дулҕалаах диэн сиргэ 1881 сыллаахха төрөөбүт Васильев Харлампий Васильевич — Ааппый диэн эмиэ биир улуу күүстээх бухатыыр киһи олорбут.

Ааппый өрөбөлүүссүйэ иннинэ таһаҕас таһыытыгар,  дьаам сүүрдүүтүгэр элбэхтик сылдьыбыт.  Кини орто уҥуохтаах, кэтит түөстээх, сарыннаах, модьу харылардаах, суон, кылгас моойдоох, киппэ, мөҥүрүөн киһи эбитэ үһү. Бытаан сөҥ куоластаах, липпэрдэтэлээн хаампыт бэрт холку киһи эбит.

Күүстээх Уйбаан Ааппыйы кытта мас тардыһан көрөн баран доҕоругар: «Дьэ, доҕор, олох ыксаабытым кэннэ, мас тостон абыраата. Аатырыан аатырбыт улахан бухатыыр киһи эбит», — диэбит. Кини Ааппый күүһүн туһунан урут элбэхтэ истибит эбит. Ол гынан баран кини тоҥ килиэби сутуругунан үлтү охсорун ордук интэриэһиргээн, анаан билсэ бара сылдьыбыт.

       «Айар» кинигэ кыһата таһаарбыт «Саха ыалын халандаарыттан».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0