Күүстээх Соппуруон

Ааптар:  Александр ПШЕННИКОВ
Бөлөххө киир:
Хаартыска: www.perfectstock.ru

Кэрэ Киһи уола Күүстээх Соппуруон диэн киһи Ньурба улууһугар Дьаархан нэһилиэгэр төрөөн-үөскээн олорбут.

Биһигиттэн аҕа көлүөнэ дьон Ньурбаҕа, Чаппандаҕа, Дьаархаҥҥа, Антоновкаҕа биирдэ эмит мустан олорон күүстээх дьон туһунан кэпсэтии таҕыстаҕына,
Күүстээх Соппуруон туһунан билбиттэрин-көрбүттэрин кэпсииллэрэ, кэпсэтэллэрэ. Кэпсиир дьон элбэх киһи ортотугар аһара эбэн-сабан эппэттэр, хата, туох баарынан кэпсииллэр дии саныыбын.
Дьаархан нэһилиэгэр холкуос оҥочотун уонча киһи буолан кытылга, сыыр үрдүгэр таһаараары соһо сатыыллар да, кыайбакка өр мучумааннаһа сылдьыбыттар. Биэрэк кытыытынан  Күүстээх Соппуруон сис туттан баран ааһан испит. Оччону көрөөт, дьон үөрэн: «Соппуруон, кэлэн көмөлөс, бу оҥочону үөһэ кыайан таһаарбакка турабыт, сыырга таһааран биэр эрэ, көмөлөс», — диэбиттэр. Дьон үксэ: «Соппуруон кэлэн тардыстаҕына кыайыахпыт, таарыччы Соппуруон төһө тардарын көрүөхпүт», – диэн үөрэ санаабыттар.

Соппуруон дьон ыҥырыытыгар аккаастамматах, аллара дьоҥҥо түспүт. Оҥочолорун бары тарда  сатаабыттар да, кыайбатахтар. Күнүс буолан, дьон устунан чэйдии барбыттар. «Тото аһаан кэллэхпитинэ, дьэ хайаһабыт», – дэспиттэр.

Дьон дьиэлэриттэн эбиэттээн кэлэн көрбүттэрэ – оҥочолоро сыыр үөһэ сытар эбит. Эбиэт кэмигэр ким кэлэн оҥочону үөһэ таһаарбыта биллибэт. Сирэй-сирэйдэрин көрсөн баран, бары биир санааҕа кэлбиттэр: «Бука, Соппуруон буолуо», – дэспиттэр, атыны булан этэллэрэ суох этэ.

Чаппанда дэриэбинэтиттэн Дьаархаҥҥа бараары маҕаһыын таһыгар бырысыаптаах «Беларусь» трактор турбут. Бырысыап үрдүгэр сопхуос оробуочайдара кэлиэхтээх аҕыйах киһини кэтэһэн олорбуттар. Ол олорон көрдөхтөрүнэ маҕаһыын таһыгар «Беларусь» трактор иннигэр Күүстээх Соппуруон сис туттан баран хаама сылдьар эбит. Сотору хойутаабыт дьон кэлэн, «Беларусь» Дьаарханнаабыт. Күүстээх Соппуруон маҕаһыын таһыгар хаамыталыы сылдьарын дьон көрөн хаалбыттар. Дьаархан Чаппанда нэһилиэгиттэн уон түөрт биэрэстэ ыраах Марха өрүс кытылыгар баар.  Трактордаахтар Дьаархан дэриэбинэтигэр маҕаһыын таһыгар тохтообуттар. Бырысыапка олорор дьон өйдөөн көрбүттэрэ – киһилэрэ маҕаһыын таһыгар
бу хаамыталыы сылдьар эбит. Дьон бэркиһээн тугу да саҥарбатахтар.

Александр ПШЕННИКОВ, «Саха сирэ» хаһыат архыыбыттан, 2014 сыл

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0