Күүстээх Куонаан

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Попов Конон Степанович — Күүстээх Куонаан (1865-1947) Дүпсүн улууһугар Чэриктэй нэһилиэгэр төрөөбүт киһи.

Күүстээх Куонаан төрөөбүт аҕата Күүстээх Көөтөөн хайа да бэйэлээх хаҥыл сылгы көҕүлүгэр түһэн баран, умса баттаан букатын хамсаппата үһү уонна торбос курдук соһон хаһааҕа киллэрэрэ дииллэр. Күүстээх Куонаан, хаҥыл сылгы көҕүлүгэр түһэн баран, умса баттыы сылдьан, суларын кэтэрдэрэ үһү. Бүтэй сиэрдийэтигэр ыбылы кэлгийэн туран ыҥыырдаан баран,  ыарахан бэрэмэдэйи уураат, үрдүгэр олоро түһэр да барара үһү. Кытаанах илиигэ уонна ыарахан таһаҕаска кыаҕын ылларбыт сылгы сонно тута сымнаан, астаабыт таҥас курдук буолан хаалара дииллэр.

Кини кырата 100 кг ыйааһыннаах, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, суон моойдоох, кэтит сарыннаах таһаалаах, көҕүстээх, толору эттээх сирэйдээх, сырдык хааннаах оҕонньор эбитэ үһү. Аһыырыгар балайда моҕус эбит. Эти-балыгы бэркэ сиирэ үһү. Биир сылабаар чэйи олорон эрэ иһэн кэбиһэрэ үһү.

«Бичик» («Айар») кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт «Саха ыалын халандаарыттан.

Уруһуй: «Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр» кинигэтиттэн ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0