Хаартыска: Photo by form PxHere
Өрөбөлүүссүйэ иннинэ уонна сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар Горнай улууһугар Парфенов Егор Евсеевич — Күүстээх Дьөгүөр диэн киһи аатыра сылдьыбыт. Улаатан, сиһин этэ ситэн, холун этэ хойдон истэҕин аайы нэһилиэк, улуус бырааһынньыктарыгар тустан даҕаны, мас тардыһан даҕаны тэҥнээҕин булбатах.
Сайын Күүстээх Дьөгүөр туус балык үлэтигэр дуогабардаһан хоту Булуҥҥа борохуотунан айаннаан испит. Биирдэ палуба үрдүгэр сүүнэ улахан дьаакыры көтөҕүү буолбут. Сорох өндөтөр эрэ, сорох иҥнэри тардан хамсатар эрэ. Онуоха Күүстээх Дьөгүөр дьаакыр салбахтарыттан икки тоҕоноҕунан иилэн өрө көтөҕөн таһаарбыт уонна палубаны эргитэн аҕалан оннугар оргууй аҕай ууран кэбиспит үһү.
+1
1
+1
1
+1
+1
1
+1
+1
+1