Саввинова Варвара Степановна-Балтараа Балбаара — Маамыра эмээхсин соҕотох кыыһа. Балбаара төрүт Хорула. Тас көрүҥэ уһаат курдук, моонньо саннын кытта күдьүс түһэр, харылара кырыылаах, холун былчыҥнара сутуругун тутуннаҕына, балта курдук бөлтөрүһэн тахсаллар, туох да киһитэ ону хомуру туппат эбит. Муҥура суох күүстээх дьахтар олорон ааспыт эбит Хорулаҕа. Былыргы ыал бэнсиин буочукатын тэһэн, уу буочуката оҥостор, ону билэн көрбөккө аҥаар илиитинэн тутан, хомуоһу сыҕарытар курдук тутара үһү, хабар тарбахтара оннук иҥиирдээхтэрэ, дьэ, дэгиттэр кыахтаах дьахтар эбит.
Арай биирдэ быраата Чоҕуллай Ньукулай Өрүүнэ уола эппит: «Маспыт бүттэ, эдьиэй, биир массыынаны дьиэҥ таһыгар бэлэмнээр эрэ,» — диэбит. Ону быраатын «күүһүмсүйэҕин да, маскын бэлэмнэммэккин» — диэн сэмэлээн баран, сөбүлэспит. Дьэ туран, дьиэтин таһыгар тыраахтарынан оһорбо бөҕөнү состорбут. Ону начаас “Дружбанан” эрбэтэн, бэлэмнээн баран, быраатыгар илдьиттээбит. «Бэлэмнээтим маскын, кэлэн тиэн,» — диэбит. Ону тиэйэ суоппар Туола куруусчута Додоохоптуун уонна Чоҕуллай бэйэтэ “УАЗ” бортобуойунан кэлбиттэр.
Ол курдук айаннаан кэлэн, эдьиийигэр биир көлүһүөк кэһиитин киллэрэн биэрбит. Ону эдьийэ ылан оронун баһыгар уурунан кээспит. Кэлбит дьон чаайдаан баран, мастарыгар тахсыбыттар. Тахсан өөр баҕайы буолан баран, улаханнык илистибит дьон киирэн сынньана олорбуттар. Ону көрөн, Балбаара «Хайа, барытын тиэйдигит дуо?» – диэбитигэр, Чоҕуллай: «Ээ эдьиэй, барытын тиэйээн,» — диэбит. Эбэн эппит: «Кыайарбытын тиэйэ сатаатыбыт,» — диэбит.
Балбаара ону «баҕайы тугу этэриҥ буолла,» — диэн баран, таҥнан таһырдьа тахсыбыт. Онто били маһын төбөлөрүн эрэ тиэйбиттэр уонна били оһорболорун төрдүлэрэ сыталлар үһү. Буочука саҕа лэкэчэктэр. Туох да ыатарбат ыарахан мастара, ону таах ыла-ыла үөһэ тамнаан кэбиспитэ, массыыналара “ньахчас” кына түспүт. Үс эр бэрдэ кыайбатах лэкэчэктэрин билэн көрбөккө тамнаабыт.
Онтон дьиэҕэ киирэн быраатын мөхпүт: «Күүһүмсүйэриҥ бэрт дии, ити бөдөҥ маһы тоҕо хааллардыҥ, дьэ,» — диэбит. Били дьон сып-сап чаайдаат, тахсан, били мастара массыыналарын үөһэ өрөһөлөнөн турарын көрөн саллыбыттар. Ону Чоҕуллай эппит: «Ити эдьиийим миигин үтэн-анньан көрөр быһыыта, соруйан итинник бэлэмнээбит,» — диэбитэ үһү.
Ити курдук күүстээх-уохтаах дьахтар Хорулаҕа үөскээн-төрөөн, олорон ааспыт эбит. Ол ити биллэрбэккэ бараахтаабыт.
Эргэ Дьабыга дьиэ таһыгар икки модьу тиит чөҥөчөктөрө баар этилэр. Олор кэлэр-барар сырыыны мэһэйдиир этилэр. Дьон олору туура сатаан баран, кыайбаттар этэ. Онтулара биир күн буордары-сыыстары түөрэ олуллан тахсан, киэр эһиллэн сытарын көрөннөр, соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыспыттар. Булгу Балбаара үлэтэ буолуо диэн сэрэйбиттэр.
Икки куул хорукумуоруну икки өттүгэр кыбыммытынан, тоҥ күөс быстыҥа туран кэпсэтэрэ үһү, дьэ, оннук иҥиирдээх киһи. Кэлин Чаппандаҕа көһөн, онно көмүс уҥуоҕа хаалбыта. Ийэтэ Маамыра кыра баҕайы эмээхсин этэ. Лэппиэскэтэ минньигэһэ бөҕөө, оҕоҕо халыҥ арыылаан биэрэр этэ. Биһиги дьоммут суохтарыгар Маамыра лэппиэскэтин элбэхтэ сиэбиппит буолуо ээ.
Хорула.