КЫЫС АММА АЙЫЛҔАТЫН АБЫЛАҤАР ЫЛЛАРБЫТ МУСУКААН ГЕЛЯРИЙ СИДОРКЕВИЧ

Ааптар: 
10.01.2019
Бөлөххө киир:

“Хара муора биэрэгиттэн ордоробун эйигин…” – диэн Ольга Иванова кэрэ куолаһынан Кыыс Амматын хоһуйан сардааналаах хочотугар ис сүрэҕиттэн ыллыы турара саха дьонун хараҕар көстөн кэлэр.

Оттон кини сүрэҕин аҥаара, күүһүгэр күүс эбэр эрэллээх, холоонноох доҕоро Гелярий Владимирович  Сидоркевич буолар. Кинилэр билигин Ольга Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинин устуоруйатын кэрэһиттэрэ, айар үлэҕэ ыҥырар, угуйар холобур оҥостор сүдү дьоммут.


Бурятияттан тымныы кыһыннаах Саха сиригэр

Гелярий Владимирович тохсунньу 6 күнүгэр 1944 сыллаахха Улан-Удэ куоракка күн сирин көрбүтэ, омугунан поляк. 1953 сыллаахха Улан-Удэ муусукаҕа оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ, биэс сыллаах толору кууруһу 1958 сыллаахха бүтэрбитэ. Ол сыл идэ ылаары Петр Чайковскай аатынан Улан-Удэтээҕи муусука училищетыгар үөрэххэ киирбитэ. Училищеҕа 1958-1961 сылларга байаан идэтигэр толору үс кууруһу үөрэнэн баран, бүтэһик сылын ситэрбэккэ, 1961 сыллаахха Бурятияҕа “Байкал” Судаарыстыбаннай ансаамбылыгар концертмейстер идэтинэн үлэтин  саҕалаабыта. Саха сиригэр кэлэн 1964 – 1966 сыллардаахха Платон Ойуунускай аатынан Дьокуускайдааҕы муусука-драма тыйаатырыгар артыыһынан үлэлээбитэ. 1965 сыллаахха Гелярий Сидоркевич Ольга Ивановалыын холбоһон ыал буолбуттара. Эдэр ыал бастаан куоракка олорбуттара.

Гелярий Владимирович педагогическай үлэтин 1967 сыл­лаахха Дьокуускайдааҕы культпросвет оскуолаҕа байаан кылааһыгар преподавателинэн саҕалаабыта. Ол сыл Аммаҕа көһөн кэлбиттэрэ. Атырдьах ыйыгар СӨ Култууратын министиэристибэтин бирикээһинэн Амматааҕы муусука оскуолатыгар байаан кылааһын уһуйааччытынан анаммыта, 1973 сыллаахтан концертмейстэринэн үлэлээбитэ.  Амма нэһилиэгин кулуубугар музыкальнай салайааччы быһыытынан сылдьара, уус-уран көрүү күрэхтэһиитин көхтөөх кыттааччыта этэ. Өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Арассыыйа бэстибээллэрин лау­реата,  Москваҕа Башкирскай АССР уонна Саха сирин литературатын уонна искусствотын күннэригэр кыттыыны ылбыта.

“Амма чэчиригэр” олук уурсубута

70-с сылларга олоҥхоһут, чабырҕахсыт, тойуксут, хомуска оонньуур эдэр ыччат олох аҕыйах эбит. Ону Гелярий Владимирович кэргэнэ Ольга Петровналыын, оччолорго кулуупка үлэлии сырыттаҕына, оҕо уус-уран кэлэктиибин тэрийэн норуот уус-уран айымньытыгар уһуйуу наадатын өйдөөбүттэрэ уонна кулуупка оҕолору мунньан дьарыктаан барбыттара.

1980 сыллаахха Амматааҕы пионердар уонна үөрэнээччилэр дьиэлэригэр Ольга Петровна уонна Гелярий Владимирович салайыыларынан «Амма чэчирэ» оҕо ырыа уонна үҥкүү кэлэктиибэ тэриллибитэ. Манна Гелярий Владимирович хору, ансаамбылы, солистары салайбыта, үҥкүү дьарыгар, кэнсиэрдэргэ байаанынан доҕуһуоллуура, сыанаҕа туттуллар маллар, көстүүмнэр кини уус илиитинэн оҥоһуллаллара. Айар үлэҕэ дүҥүрү, дьаҕаны, табыгы, күпсүүрү, хомуһу туһаналлара. Тулалыыр эйгэ, айылҕа тыаһын-ууһун үтүктэн ырыаларын, үҥкүүлэрин туспа тыынныыллара.

1983 сыл балаҕан ыйыгар Амматааҕы пионердар уонна үөрэнээччилэр дьиэлэригэр концертмейстеринэн, куруһуок сала­йааччытынан үлэҕэ киирбитэ. 1984 сыллаахтан методистаабыта. Гелярий Владимирович аккомпаниатор идэтин баһылаабыт мусукаан «Амма чэчирэ» ансаамбылын репертуардарынан ырыа аранжировкатын бэйэтэ таҥан, композициялаан ураты ис хоһоонноохтук оҥороро, улууска куруһуок салайааччыларын сайаапкаларынан муусуканы оҥорон биэрэрэ, ис сүрэҕиттэн сүбэлиирэ, көмөлөһөрө.

Педагог быһыытынан үөрэнээччилэргэ бэйэлэрин оҕолоругар курдук сылаастык, сымнаҕастык сыһыаннаһара, санааларын табара, аһаҕастык санааларын үллэстэн кэпсэтэллэрин ситиһэ сатыыра, биир тылы булара. Музыкальнай салайааччы быһыытынан оҕо куолаһын арыйарга, сөпкө тыынарыгар, муусуканы ылыныыга, өйдүүрүгэр үөрэтэр туспа ньымалардааҕа. Хас биирдии ырыаһыт оҕоҕо ырыатын тэтимин, мелодиятын тус-туһунан сөптөөхтүк талара, муусука кэрэ эйгэтигэр күннэтэ уһуйара.

Айылҕаны харыстааһыҥҥа ахсаабат кыһамньы

Амма кэрэ айылҕатын абылаҥар ылларан, Гелярий Владимирович  Ойуур хаһаа­йыстыбатын Амматааҕы салаатын инженерэ Семен Семенович Яковлевтыын  уонна «Амма чэчирэ» ансаамбылтан оҕолору илдьэ, 1993 сыллаахха, Амма улууһугар бастакы экологическай «Yөһээ Аммаҕа айан» эспэдииссийэни  Амма – Өнньүѳс – Таҥха;  Таҥха – Биэлимэ – Күүлүпчү – Булуҥ – Ааллаах – Чакыр —  Олимпик – Амма хайысханан тэрийбитэ. Төрөөбүт дойдуга тапталы, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иҥэрэр сыаллаах-соруктаах Амма өрүһүнэн эрэһиинэ оҥочонон 600 килэ­миэтири устубуттара. Оҕолору кытта өрүс балыктарын, эмтээх оттору, үөннэри-көйүүрдэри үөрэппиттэрэ, айылҕаҕа сылдьыы сүрүн сатабылларыгар уһуйуллубуттара. Манна баралларыгар төрөппүттэр оҕолорун  хас да хонуктаах эспэдииссийэҕэ эрэнэн туран, Гелярий Владимировичтыын ыыппыттара элбэҕи этэр. Ол педагог үрдүк таһымын, киһи быһыытынан сиэрдээҕин, оҕолору таптыырын, кинилэр сайдалларын туһугар кыһалларын көрдөрөр.  Оҕолор манна сылдьан айылҕа дьиктилээх түгэннэрин илэ харахтарынан көрөн, Амма өрүс ыраас, дьэҥкир уутугар умсаахтыы оонньоон, балыктаан, эмтээх үүнээйилэри хому­йан, хатаран, өрүс кытылыгар үүнэр мастары-оттору, үөннэри-көйүүрдэри үөрэтэн,  «Yөһээ Амма» уутун анаалыһын  ылан, «Уста тур, кыыс Амма», «Айылҕаны харыстааҥ!» диэн суруктары туруортаан, сүрдээх улахан суолталаах дьоһун үлэлэри оҥорон төннүбүттэрэ. Гелярий Владимирович айылҕаҕа сылдьыы үөрүйэхтэригэр уһуйан, төрөөбүт дойду кэрэ көстүүлээх сирдэригэр оҕолору сырытыннаран, сынньатан, табанан дьарыктанар эбээннэр сирдэрин-уоттарын көрдөрөн, ураты харыстанар сиргэ —  заповедникка сырытыннаран, үүнэн эрэр кэнчээри ыччакка хаһан да умнуллубат бэлиэ түгэннэри бэлэхтээбитэ, айылҕаны харыстааһыҥҥа ылсан үлэлэһэр дьону үөрэтэн-такайан таһаарбыта саарбаҕа суох.

Амма өрүһүн харыстыыр сыаллаах “Амма – мин төрөөбүт дойдум” эспэдииссийэ 1994 сыллаахха салгыы ыытыллыбыта. Гелярий Владимирович «Yөһээ Амма» эспэдииссийэтин эко-бырайыага Москваҕа ыытыллыбыт ISAR Американскай тэрилтэ тэрээһининэн күрэскэ (куонкуруска) кыайан, Грант (919 $) ылары ситиспитэ. Бу Грант эко-бырайыак салҕанан, тэнийэн барарыгар төһүү күүс ­буолбута.

1995 сыллаахтан Ольга Петровна Иванова-Сидоркевич салайыытынан Амма Бөтүҥүгэр Хотуйа үрэҕи чөлүгэр түһэрии экологическай уопсастыбаннай хам­сааһын саҕаламмыта. Онно Гелярий Владимирович ууну хаайан турбут даамбаны көтүрүүгэ күүстээхтик үлэлэспитэ. Хотуйа үрэх «Амма чэчирин» оҕолорун көмөтүнэн ыраастанан, устар сүнньэ быһыттан  босхолонон, өр сылларга  мунньуллубут уута барбыта, оттор-мастар, үөннэр үөрэтиллэн-чинчийиллэн, харыстанан сыыйа чөлүгэр түһэн, көҕөрөн, «Хотуйа» экологическай пааркаҕа кубулуйбута.

Дууһаны долгутар иэйиилээх ырыа уонна үөрэтэр-такайар испэктээк

«Амма чэчирэ» ансаамбылга Ольга Петровна сценари­йынан, Гелярий Владимирович муусукатынан төрөөбүт ийэ айылҕаны көмүскүүр ис хоһоонноох «Хорсун кыыс Сардаана уонна Тимир Дьигистэй», «Маҥан таба» музыкальнай-хореографическай остуоруйа испэктээк сити­һиилээхтик туруоруллубуттара. «Маҥан таба» Киин тэлэбиидэнньэҕэ көстөн көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта. Ол кэнниттэн, Арассыыйа араас муннуктарыттан «Маҥан таба» испэктээги көрбүттэрин туһунан оҕолор, улахан дьон санааларын үллэстэн, махтанан 300-тэн тахса сурук ыыппыттара. Кэлин ол суруйбут оҕолор ансаамбыл доҕотторунан ­буолбуттара, кинилэр «Амма чэчирэ» ансаамбыл “Помогите спасти Амгу!”  диэн ыҥырыы суруктарыгар Амма өрүһү көмүскээһиҥҥэ биир са­­наалаахтарын биллэрэн,  “Эйэ холуубар” илии баттаан бигэргэтэн ыыппыттара. Бу буолар, уһуйааччылар, иитээччилэр, педагогтар Ольга Петровна, Гелярий Владимирович Сидоркевичтар ырааҕы көрөн, сайдыыны сардаҥалаан иитэр ньымаларын биир сүрүн кистэлэҥэ.

«Амма чэчирэ» ансаамбыл салайааччылара Ольга Петровна, Гелярий Владимирович бэйэлэрэ дэгиттэр талааннаах дьон буоланнар, элбэх оҕону дьарык­таан, уус-­уран кэлэктииби тэрийэн, саха норуотун уус-уран айымньытын ыччат дьоҥҥо үөрэтэн, уһуйбут оҕолорун айар үлэҕэ кынат­таабыттара. Ол курдук, вокалга дьарыктаммыт Гелярий Владимирович оҕолоро култуура уонна искусство хайысхатынан И.Кузьмина, О.Сидоркевич, М.Михайлова, А.Петров үөрэнэн, үлэһит буолбуттара. Исай Брызгалов, Владимир Корякин, Владимир Захаров өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр мелодистар. Кэргэнэ О.П.Иванова-Сидоркевич ырыаларын нотаҕа түһэрэн,  суруйан  ырыанньык тахсарыгар туохха да тэҥнэммэт кылаатын киллэрбитэ. Гелярий Владимирович тапталлаах кэргэн, үс оҕо амарах аҕата буоларын ыал буолан олорбут олоҕор бэриниилээхтик толорбута, Ольга Петровна айымньылаах үлэ умсулҕаныгар кини көмөтүнэн кынаттанан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Кыргыттара айымньы, айар кут эйгэтигэр иитиллэн улаатан, кэлин төрөппүттэрин үлэлэрин салгыы, сырдата, үйэтитэ сылдьаллар. Улахан кыыһа Вера Гелярьевна Шилова  2003 – 2009 сыллар­даахха Амматааҕы оҕо айымньытын дьиэтигэр дириэктэринэн үлэлээбитэ, үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Амма улууһун мелодистарын салайааччыта, Ольга Гелярьевна Москваҕа Серпуховка тыйаатырыгар артыыһынан айымньылаахтык үлэлии сылдьар.

Гелярий Владимирович Амматааҕы оҕо айымньытын ­дьиэтигэр методиһынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, улууска уус-уран көрүү күрэһин көҕүлээччитинэн, кыраайы үөрэтэр, чинчийэр оҕолор, педагогтар сүлүөттэрин, сэминээрдэри тэрийбитэ, «Эркээйи» оҕону сахалыы иитии-үөрэтии бырагырааматын оҥорууга экологическай ­иитиини торумнуур хайысха бөлөҕөр үлэлэспитэ. Методист быһыытынан үлэтин сурукка киллэрэн, ырытан, ыспыраапкалары суруйан хаалларбыт докумуоннара, хаартыскалара тэрилтэ архыыбыгар хараллан билигин да методическай үлэҕэ көмө буолаллар.

Педагог, методист, концертмейстер, аккомпаниатор, мусукаан  Гелярий Владимирович үлэлээбит үлэтэ сыаналанан, СӨ министиэристибэлэрин элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта, СӨ уултууратын үтүөлээх үлэһитэ ааты сүкпүтэ. Гелярий Владимирович элбэх билиитин-көрүүтүн, сатабылын биэрэн, улуус, өрөспүүбүлүкэ, аан дойду таһымыгар оҕону кэрэҕэ уһуйууга туохха да тэҥнэммэт сүдү кылаатын киллэрсибитэ. Кини аатын  үөрэппит, ииппит,  култуура уонна искусство, айар үлэ кэрэ эйгэтигэр сыһыарбыт эдэр көлүөнэ ыччаттар ааттата тураллар.

Феврония СКРЯБИНА,

О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинин методиһа .

Амма.

Хаартыскалар О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы  айар сайдыы киинин архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0