Айта кыыс уус киһи чочуйан оҥорбутунуу чочуонай быһыылаах таһаалаах. Арылыччы көрөн, синньигэс биилинэн имиллэҥнээн хааман нуоҕайан киирдэҕинэ, аймана олорбут уолаттар уоскуйан уоран көрөллөр. «Ама маннык кэрэ сибэккини хайа бэйэлээх туурбут үһү» — диэххэ айылаах. Сорох уолаттар Айта сүрэҕин сорҕото буолаарылар сордоноллор. Хомоҕой тылларынан хоһоон суруйан, хоойго сытар холоонноох доҕор оҥостоору холонон көрөллөр. Урааҥхай урдуһу удьуордаабатах буолан, уруурҕаһан уһун буруону унаардыан баҕарбат кэрэ көстүү быһылаах. Уһун кыламанынан сапсынан, үрдүк хобулуктааҕынан дугунан аастаҕына уолан дьон умсугуйа көрөрө күүһүрэн истэ. Кэпсэтэ кэлэн баран, кэлэҕэйдээн төнүннүлэр. Айта кыыс, дьоллоох Дьокуускай куоракка үөрэнэ сылдьан, хайалаах хапкаас уолунуун ханыылаһар буолла. Хат буолан ханаһыйда. Хаарыан кыыһы хара омук үһүс ойох оҥостубут эбит. Туймаада устун тутуһан хаамтахтарына, тоҥкуруун харахтар хатыылаахтык көрөллөр.
Айта күннээх хапкаас кийиитэ буолан хайалаах сиргэ сүктүбүтэ. Хаарыан кыыс хайа охсубут аҥара хаалан, хара үлэһит буолбут. Бу омук сокуона адьас атын эбит. Эр дьоно дьахтары дьарыйар да буоллаҕа. Эрэ этэр кэмигэр эбилик буоллаҕына, эчэйиэн да сөп эбит. Омук эрбит Айта саастыы уоллаах, ол баҕайы уоран таптаһан таҕылын ханнарыан баҕарар. Эрэ буолуохсут эр киһи элээмэтэ, уола мэниктиирин мээнэ көрөн эрэ кэбиһэр. Айта кыыс амырыын олохтон хараҕа ууланар. Аанньа да аһаабат буолла. Сахатын сирин санаан хараастан хараҕа ууланар. Оо үчүгэй да эбиттэр сахам дьоно барахсаттар! Аны санаатахха, ыраах сырыттахха! Туохтаах буолан туоҕум илдьиэй?! Хатыылаах харахтар хатаннылар, хара хаһыыта иһилиннэ. Айта эрэйдээх аат эрэ харата хамсанан, эр дьон ыалдьыттарга ас тарта. Эр дьон аһыырыгар остуолга биир да дьахтар аймах олорбот буолар эбит. Оо, көй салгыҥҥа көөчүктэнэ оонньуурбут үчүгэй да этэ. Куйаас күн сөтүөлээн ыларбыт. Ыраата сылдьан санаатахха, ахтылҕаннаах, үчүгэй да эбит. Бу паранджаларыгар тыыным-быарым хаайтарар. Бииргэ үөскээбит оҕолорбун аанньа ахтыбатах аньыым тартаҕа.
Дьылҕа хаан ыйааҕын киһи таптаабатынан салайбат эбитин Айта саҥа өйдөөтө. Сахалыы тылы истибэтэҕэ ыраатта. Саатар телефону көҥүллээбэттэр. Сахалыы билбэтэх буола сылдьыбытын санаан кыыс сонньуйан ылар. Саха сиригэр фрукта илдьэр кэмнэригэр кыыс күрээн кэриэтэ, ытаан туран барсыбыта. Дьокуускайга үктэнээт эригэр эппэккэ улууһугар көппүтэ. Хапкаас киһиьэ ханналаатын да диэн харгыс буолбата! Хаарыан кыыһы олоҕун алдьатан баран, хайыһан да көрбөт, оройугар да оҕустарбат.
Айта төрөөбүт төрүт буоругар үктэнэн этэ сиинэ чөлүгэр түстэ. Чэмэличчи көрдө. Имин хаана кэйдэ. Күлбэтэҕэ-үөрбэтэҕэ ырааппытыын! Урут аанньа ахтыбат дьонун кытта атах тэпсэн олорон ирэ хоро кэпсэтэр. Сахалыы таҥаһы тигэн дьону үөрдэр идэлэннэ. Дойдутугар кэлэн идэтинэн үлэ булунна. Бастаан дьон тэһииркээбиттии көрөр этэ. Кыыс сахалыы таҥаһы тигэн, оҕолору үҥкүүгэ дьарыктаан, улахан конкурска үрдүк ситиһиилэннилэр. Дьон биһирэбилин ылла. Төрөппүттэртэн сылаас тылы иһиттэ. Айта атын сиртэн тэлэһийэн кэлэн эбитэ дуу, саҥа олоҕо сахалыы куттаах буолуон баҕарар. Сахалыы кинигэни хаһан да илиитигэр ылбат бэйэтэ ааҕар буолла. Дьоно сөхпүттүү көрөллөр да саҥарбаттар. Ийэтэ эрэйдээх үөһээ тынаахтыыр. Кыыһа ханнык эрэ омук сиригэр ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтүгэр төһөлөөх хараҕын уутунан суунна буолуой! Айта саҥа тутуу оскуола таһынан ааһан иһэн, кэлии омуктар үлэлии сылдьалларын көрөн этэ тымныйда. Хаамыытын түргэтэттэ, дьиэтигэр эбиэттии олорон : «Ити омуктар манна үлэлии кэлбиттэр дуо?»- диэн ыйытан аҕатыттан кынчарылынна. Ийэтэ көхсүн этиттэ. Аҕата: «Илиэһэй уолаттара илэ бэйэлэринэн үлэлии кэлбиттэр», — диэн үгэргээбиттии эттэ. Быраата кыһыйбыттыы эттэ: «Үөдэттэр! Үлэ харчылааҕын кинилэр ылбыттар! Биһиэхэ ол бу кыра үлэни биэрдилэр. Биэс мөһөөх сиргэ сыппат, арыгылаабакка күн аайы бара турдаххына баһаам буоллаҕа дии»,— аҕата уола үлэ булбутуттан үөрэр.
Бу кэмҥэ ыаллара киһи киирэн тугу кэпсэтэллэрин сэрэйэн: «Дьэ урдустар эмиэ дьахтар аймаҕы дьарыйар буолбуттар», — диэт, Айта диэки көрөн ылла. Кыыс кыбыстан хоһугар киирдэ. Айта аҕата: «Куонаан, эн эмиэ ойоххун манаан, арааһа тыаҕа барбатын буолуо, ээ? Һэ- һэ», — диэн иһигэр күлбүтэ буолла.
Айта аҕата Дьөгүөр Куонаанныын аҕыйах сыллааҕыта бултуу сылдьыбыттаах. Бултуур сирдэригэр тиийбиттэрин нөҥүө күнүгэр Дьээбэлээх Дьэкиим тиийэн кэлбитэ. Дьэкиим бу саарба сатыылаабыт, киис сыбыытаабыт сирин хаамаары хараҕын хатаабыта ыраатта. Үөннээх хараҕынан Куонаан диэки көрөн баран эппитэ:
— Куонаан! Хайа, нохоо, ити үлүгэр эдэр , кыраһыабай ойохтоох буолан баран, манаабакка манна тыаны кэтэ сылдьар эбиккин дуу?
— Онно тугуй, Дьэкиим? — Куонаан сөбүлээбэтэхтии ыйыппыта.
— Оттон нохоо, дэриэбинэҕэ үлэһиттэр бөҕө кэллилэр. Саатар үксэ эдэр уолаттар. Кырасаабыссаҕыттан матаайаҕын,—диэн, онто суох саарбахтыы сылдьар киһини күөртээн, Куонааннара саҥата иҥэтэ аҕыйаабыта.
Онтон эмискэ:
— Дьэкиим, туох эмит баар дуо? Сир уот аһаппаппыт дуо? — диэбитигэр Дьэкиим, ону эрэ күүппүттүү биир водканы рюзагыттан таһааран, остуолга уурбута. Ол киэһэ сөп буолалларын иһэн баран утуйбуттара. Куонааннара тоҕо эрэ уһуутуу хоммута. Киирэр тахсар тыаһа ууһа иһиллэрэ. Сарсыарда турбуттара киһилэрин суола сойбут этэ. Дьэкиим дьээбэтэ баппакка сымыйалаан, бултуу кэлбит киһини дьиэтигэр ыытан, элбэх киискэ тииспиттээх….
***
Айта Дьокуускай куоракка кэтэхтэн үөрэнэн үрдэтинэ сылдьар. Кини интернетинэн биир уоллуун билсибитэ. Ватсабынан кэпсэтэллэр. Бу диэн көрсөн кэпсэтэ иликтэр. Бүгүн көрсүөхтээхтэрин санаан долгуйар. Үнүр хаартыскатын ыыппыта хас ыал аайы баар саха сирэйдээх ис киирбэх уол эбит. Айта билигин киһини сирэйинэн сыаналаабат буолан турар. Бу уолтан истиҥ ис хоһоонноох суруктары туппута. Смс нөҥүө кэпсэтэн син ис туругун биллэ быһылаах. Хаһан да маннык иэйиилээх, хоһоон куттаах тыллары истэ илик буолан сүрэҕэ манньыйар, дьикти имэҥҥэ куустарар. Бастакы тапталын таптал да диэҕи сүөргү соҕус, саныан да баҕарбат. Бэйэтин уоскутунар, хата, киниттэн оҕоломмотоҕо да үчүгэй эбит. Атын ойохторо атыҥырыы көрөн, оҕотун түһэттэрбиттэрэ. Нууччалыы да билбэттэр, кус хаас саҥатын айдаана. Холбоһон олорон да киһи чэчирээбэт дьоно эбит. Сахалар курдук оҕолорун ымманыйа да таптаабаттар. Кытаанах сокуон, характер диэтэҕин. Саатар телефону да аанньа сатаабаттар. Дэлэҕэ да киһилии смс ыыттаҕа дуу. Ардыгар ама да аргыһыттарын иһин сахам дьоно, бэйэ дьоно ордук эбит. Айта күүтэ олордоҕуна телефонун дьоҕус экраныгар кэмбиэр оҕото көһүннэ. Арыйан көрбүтэ: «Кэллим, тахсыан дуо?»- диэн кылгас, боростуой гынан баран долгутуулаах тыллары аахта. Кирилиэһинэн аллараа түстэ. Дьолун көрсөрө буоллар.
Ородьумаан.