КЫЫС ААТА (КЭПСЭЭН)

Ааптар:  Анатолий Слепцов
31.07.2024
Бөлөххө киир:

Соҕотох чүмэчи симик уота

Сырдык күн анныгар көстүбэт.

Арай, хараҥа түүн буолуута,

Им балайдыын мөккүһэрэ бүппэт…

Киһи санаалара… Олох халлаанын кытта саҕахха силбэһэр ыраас уулаах күөл тэҥэ буоллахтара… Бэтэрээ эҥээргэ, уу түгэҕэр үүммүт салаа от, устан ааспыт балык күлүгэ, бадарааны будулутар чоху, бу баардыы, көстөр. Дьэҥкир уу төһөнөн дириҥиир да, оччонон ньуура киһи хараҕа саатыах күөх өҥнөнөн киэҥник тэнийэр, улам дириҥээн, хараҥаран, умустахха даҕаны дьиҥ түгэҕэ көстүбэт буолан эрдэҕэ… Сөрүүн сиккиэр, уҥуоргу кытылтан уу кырсын сырыһыннаран аҕалан, чэпчэки бэйэлээх долгуҥҥа кубулутан, атаҕыҥ анныгар, эмиэ да уоскутардыы, эмиэ даҕаны аймыырдыы, сабыта биэртэлиир…

Кытылга оонньуу сылдьар кыыһыгар Сиимэ, сотору-сотору, хараҕын быраҕар. Арыт уу күөх ньуурун эргиччи көрөр, сороҕор уҥуор, халлааны уонна күөлү икки аҥыы араарар, куула тыатын одуулуур. Саҥа хааман эрэр кыыс оҕо кыһыл кууркатын анныттан былаачыйатын тэллэҕэ быһа сайбайбыт. Онто күһүҥҥү тыалга оҕустаран оҕо атаҕын кыаһылыыр, охтороору моһуоктуур. Кыыс кыһаммат, сайбайбыт таҥаһын өрө тардан, төҥкөйөн, атаҕын анныттан таастары ылан ууга тамныыр, өссө даҕаны сылаас дойдуларыгар көтө илик хоптолору дьиктиргии одуулуур уонна кинилэргэ туһаайан, тугу эрэ саҥаран, дьаһайбыта буолар…

 

Бастакы долгун…

— Нохоо, кыыстааххын дуо? Аата ким диэний? — таайа Дьаакып «Урал» массыынатын аппа уҥуор турар бугулларга хаамтаран иһэн Сиимэттэн ыйытар.

— Эс! Суох! — диир Сиимэ уонна ойоҕос аан түннүгүнэн быган, массыына көлүөһэлэрэ батыллалларын дуу, батыллыбаттарын дуу манаабыта буолар.

Ол аата Дьаакыпка иэдэстэрэ кытарбытын көрдөрүмээри. Дьиҥэр, кубарыйар эрэ кытарар, көр да көрүмэ, синэ биир. Сайыны быһа ходуһаттан тахсыбакка оттообут уол сирэйэ, күҥҥэ харааччы буһан, омунугар көҕөрөн көстөр курдук буолбут. Инньэ гынан, барбах, кэбиинэ иһиттэн харахтара уонна тиистэрэ эрэ килэйэллэр.

Быйыл кыһын биир кыыс аата Сиимэ өйүн-санаатын сүүйбүтэ эрээри, уол ону кимиэхэ даҕаны кэпсээбэт. Туох диэҕэй? Ол кыыс Сиимэ бу күн сиригэр баарын даҕаны сэрэйбэт ини. Кини биир сыл балыс, быйыл онус кылаас буоллаҕа. Туйгун үөрэнээччи, спортсмен ааттааҕа.

Сиимэ буоллаҕына токур үһүнэн оскуоланы быйыл бүтэрэн сопхуоска тахсыахтаах этэ. Хата, биир үтүө күн иһэ быһыта кымаахтаан таһырдьа туалеттыы тахсыбыта, киин хаһыат ойо тардыллыбыт эмтэркэйэ сытарыгар хараҕа хатаммыта. Онно «Ыччат! Оробуочай идэни баһылаа!» диэн ыҥырыы анныгар, куоракка ПТУ-га суоппар идэтигэр үөрэтэллэрин туһунан биллэриини булан ылбыта. Аармыйаҕа барыах иннинэ туох эрэ идэ дуомун баһылаатахха сатанар диэн санааттан сонно райкомолга сүүрбүтэ. Хомсомуол сэкирэтээригэр тиийэн ол хаһыат лоскуйун көрдөрбүтүгэр «оробуочай идэҕэ үөрэниэн баҕалаахтары туппаппыт» диэн туран орто үөрэххэ барарга путёвка биэрбитэ.

Онон, ый анараа өттүгэр, куоракка киирэн, докумуоннарын ПТУ-га туттарбыта уонна, төннөн кэлээт, от үлэтигэр умса түспүтэ.

Кыыһа билигин ханна баарын билбэт. Сэниэ төрөппүттэрдээх кыыс ханна эрэ соҕуруу лааҕырга эҥин сырыттаҕа буолуо. Үөрэххэ барыан иннинэ, саатар ыраахтан көрөрө буоллар, Сиимэ саҕа дьоллоох киһи бу сиргэ суох буолуо этэ…

Сураҕа ол кыыһы оскуолаттан Үөрбэ Баанньа атаарар үһү. Ол Баанньа дэриэбинэ кыахтаах уолаттарыттан биирдэстэрэ, Сиимэни сиэтэҕинэ да топпото сэрэйиллэр. Чэ, Сиимэ да, аармыйаҕа баран кииллийэн кэллэҕинэ, син уҥа-хаҥас бэрсэргэ үөрэнэр ини.

Иккис долгун…

Сиимэ үөрэҕиттэн кыһыҥҥы уһун өрөбүлүгэр дойдутугар кэлэ сылдьан, эр санаатын ылынарга санаммыта. Тастыҥ эдьиийин кытта ыаллыы олорор, «эн-мин» дэһэр, дэҥҥэ тыл бырахсан ааһар кыыһыгар биир үтүө күн сурук сыыһын туттарбыта:

— Кыдаана, бу суругу Лияҕа биэрээр эрэ, — диэн көрдөспүтэ.

Кыдаана, уол сирэйэ-хараҕа туруммутун сөхтөҕө буолуо, биир-биэс тыла суох, буолуохтааҕын курдук ылан, суругу уктан кэбиспитэ уонна кылааһынньыссатыгар илдьэн биэрбитэ. Хата, уол дьолугар, Лия диэн ааттаах, оскуола үрдүнэн, соҕотох буолан абыраабыта. Сарсыҥҥытыгар Кыдаана эмиэ саҥата суох аҕалан, Сиимэҕэ бүк тутуллубут кумааҕыны туттарбыта.

«Сиимэ, дорообо! Суруккун туттум, наһаа үөрдүм, долгуйдум… Арай, ааппын эрэ сыыһа суруйбуккун. Мин Лия буолбатахпын, Лилиябын. Дьонум Лиля диэн ыҥыраллар, эн эмиэ инньэ диир буол. Тоҕо диэтэххэ, Лия — атын аат, мин сөбүлээбэппин, адьас тириим таһынан ылынабын. Чэ, аны биллэҕиҥ дии, онон суруйаар, төлөпүөннүү сылдьаар. Кэтэһэ хаалабын, Лиля».

Уол суругу ааҕан баран тугу гыныан билбэт турукка киирбитэ. Дьиэтигэр сүүрэн тиийэн Лиляҕа сонно төлөпүөннүөн баҕарбыта эрээри, аны кыыс дьоно туруупканы ылыахтара, кимин, туох наадатыгар эрийэрин туоһулаһыахтара диэн толлубута.

Сарсыҥҥы киэһэтигэр, дьиэтигэр ким даҕаны суоҕунан туһанан, Лиляҕа эрийбитигэр, хата, кыыс бэйэтэ ылбыта. Ол киэһэ иккиэн буолары-буолбаты өр кэпсэппиттэрэ, эбиитин сарсын көрсүһүөх буолан болдьоспуттара.

Өрөбүл кэмигэр уоллаах кыыс аҕыйахта көрсүбүттэрэ. Тохсунньу томороон тымныыларыгар уулуссаны төһө өр кээмэйдиэхтэрэй? Аны киинэҕэ сырыттахтарына, кыыс дьоно билиэхтэрэ уонна сөбүлүөхтэрэ суоҕа диэн туттуммуттара. Ол оннугар, уһун өрөбүлүн кэнниттэн сайыҥҥа тиийэ, Сиимэ нэдиэлэ аайы сурук тутар буолбута. Инньэ гынан үөрэнэр ПТУ-тун уопсайыгар суруксутунан аатырбыта.

Үһүс долгун…

Сиимэ, эдьиийэ соҕурууттан ыыппыт муодунай ырбаахытын өтүүктэнэн, куораттан бэйэтэ атыыласпыт вельвет ыстаанын кэтэн баран, сэрэниин-сэрэнэн, саннын кэдэччи тардар бэрэбээски баайыытын уһулла. Үөрэҕин бүтэрээри сылдьан хомурҕанын тосту түһэн дойдутугар эмтэнэ кэлбитэ нэдиэлэ буолан эрэр. Бүгүн дискотека буолуохтаах, онно кыыһы кытта көрсүһүөх, бииргэ сылдьыах буолбуттара. Хомурҕана ыарыйдар даҕаны, уҥуоҕун тутар баайыытын устарыгар тиийэр, тоҕо диэтэххэ ол баайыы кини көхсүгэр сүгэһэр курдук олорор. Хайдах Лиля оннук бөкчөгөр киһини кытта сылдьыаҕай? Сатаммат буоллаҕа эбээт…

Дьикти баҕайы! Суруйсубуттара, төлөпүөнүнэн кэпсэппиттэрэ син ыраатта эрээри, Сиимэ билигин да кыыһын аатын сатаан саҥа таһааран ааттаабат. Өйүгэр, күн устата, сүүстэ хатылыыра буолуо даҕаны, утары туран аатынан хайдах ыҥырыан билбэт. Эгэ, илиититтэн сиэтэр санаа кэлиэ дуо?! Оннук чугас сыһыаҥҥа тиийэр эрдэтин сүрэҕэ таайар.

Сиимэ ырбаахытын кэтэн баран үрдүнэн чараас куурка кэттэ уонна от күөх хаппахтаах, култаҕар бытыылкалаах «О`Жён» одьукулуонунан сотунна. Бу маны киниэхэ Лиля Эргэ Саҥа дьылга бэлэхтээбитэ. Онно Сиимэ эмиэ бэлэхтээҕэ эрээри, киниэнэ судургу соҕус буолаахтаатаҕа…

Хаҥас илиитин кууркатын сиэбигэр уктан баран уол кыыһын көрсөөрү дэриэбинэ килбэйэр киинин диэки хаамта. Болдьоспут сирдэригэр тиийэн, кэтэһэн олордо. Арай ким эрэ кэнниттэн кэлэн сымнаҕас илиилэринэн Сиимэ харахтарын саба тутта уонна билэр баҕайы духуутун сыта уол тулатын былыттыы бүрүйдэ.

— Лиля…

— Өр кэтэстиҥ да? — кыыс күлэ-күлэ уол иннигэр кэллэ. — Хаама түһүөххэ эрэ, дьаарбайыахха, — диэтэ.

Уоллаах кыыс уулусса устун ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ өр соҕус хаамтылар, дэриэбинэ кытыытыгар баар күөлгэ тиийэн кэллилэр. Тимир буочукаларынан иһэрдэн оҥоһуллубут болуокка уйдаран турар уу хачайдыыр носуос далаһатыгар кэккэлэһэ олороннор киирэн эрэр күнү атаардылар.

— Сиимэ, эн инникитин туох былааннааххыный? — диэн кыыс эмискэ ыйытта.

— Аан бастаан аармыйаҕа баран кэлиэм, онтон көстөн иһиэ буоллаҕа дии, — көнөтүнэн Сиимэ хардарда.

— Аата дьиибэтин, киһи син биир туох эрэ ыра санаалаах буолара буолуо дии, бэйэҥ тугу да былааннаммаккын дуо? — Лиля атаҕынан бытархай кумаҕы далаһаттан ууга хаһыйар.

— Билбэтим ээ, оннук улахан баҕа санаа суох курдук. Эһиэхэ, кыргыттарга, судургу буолуо — аармыйа диэҥҥит суох, төһө баҕараргытынан былааннаныаххытын, ыраланыаххытын син. Онтон биһигини, уолаттары, икки сыл устата туох күүтэрэ биллибэт. Баҕар Афганистаҥҥа ыытыахтара дии…

— Эчи, кутталын! Арай онно бааһыран хаал? Хайдах буолаҕыный, оччоҕуна?

— Билбэтим… Баҕар, ити көнтөс атахтаах Киргиэлэй оннугар бу уу носуоһун харабыла буолуом, биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри маннык далаһа үрдүгэр олоруом…

— Бүт эрэ! Эн наар барытын көр-күлүү курдук аһараҕын, дьиҥэр, олох оннук чэпчэки буолбатах ээ…

— Чэ, баҕар, миигин төрүт даҕаны аармыйаҕа ылыахтара суоҕа.

— Тоҕо?

— Оттон хомурҕаным тостон баран сылдьар дии, баҕар, сыыһа оһон, номнуо быйыл кыһын Көнтөс Киргиэлэй оннугар олорор буолуом…

— Оо, дьэ! Бүт эрэ, Сиимэ! — Лиля күлэрэ күөл үрдүнэн ыраахха тиийэ дьиэрэйдэ…

Төрдүс долгун…

Сиимэ аармыйаттан төннөн кэлэн дойдутугар үлэлии-хамсыы сылдьар. Барыан иннинэ үлэлээбит «Сельхозтехника» тэрилтэтэ эстэн, уол билигин туох үлэ көстөрүнэн хамсанар. Эһиил, баҕар, үөрэххэ туттарсан көрүө.

Киэһэ, үлэлээн бүтэн дьиэтигэр баран иһэн, дьон остолобуой киирэр ааныгар үмүөрүһэрин көрөн, «Ок! Бүгүн эмиэ сыбаайба буолар быһыылаах» дии санаата. Ол кэмҥэ остолобуой иннигэр биир мааны массыына кэлэн тохтоото уонна кэлин ааныттан сыбаайбалыыр таҥастаах уоллаах кыыс түстүлэр. Уол кыыһы көтөҕөн ылан киирэр аан диэки хаамта, кирилиэскэ турар дьон күө-дьаа буола түстүлэр, сэлэллэн биэрэн эдэрдэргэ суолу астылар, онтон бары дьиэ иһигэр батыһан киирдилэр.

Сиимэ уулуссаҕа соҕотох туран хаалла. Лиля, эригэр көтөхтөрөн ааһан иһэн, кинини аахайбата…

 

Бэһис долгун…

«Лиля, дорообо! Бу суругу, баҕар, хаһан эмэ дойдугар кэллэххинэ, миигин санаатаххына, биһиги далаһабыт ордубут дьардьаматыттан булан ааҕыаҥ диэн бүк эрэллээх суруйан эрэбин.

Эн билигин мин хайдах да гынан тиийбэт дойдубар олохсуйан олороргун Кыдаанаттан истибитим. Сураҕа, номнуо ыал эбэтэ буолбут үһүгүн… Баҕа санааҥ барыта туоллаҕа…

Мин аармыйаҕа сылдьан эн бүтэһик суруккун тутан бараммын эйигин букатынныы сүтэрбиппин олох итэҕэйбэтэҕим. Хайаан даҕаны сирэй көрсөн, быһаарсан бараммын биирдэ тэйиэм диэн санаалаах этим. Онтон сыбаайбалыыр күҥҥэр, кэргэниҥ эйигин мин аттыбынан көтөҕөн ааспытыгар биирдэ, төннүбэт сүтүктэммиппин итэҕэйбитим…

«Олох чэпчэки буолбатах» диэбит тылларгын бу отучча сыл устата умнубакка кэллим. Араас моһуоктары туораан, буолар-буолбат эрэйи көрсөн, олохпун бэйэм кыахпынан син оҥосто сатаатым. Онно барытыгар, наар миэхэ тиксибит куһаҕаны эйигиттэн былдьаабыт курдук сананарым. Өскөтүн, ол санаам туолбут буоллаҕына, мин толору дьоллооҕунан бэйэбин ааҕынабын.

Кэнники сылларга дьэ киһилии олоруох курдук буолан испитим. Кэргэннэммитим, оҕоломмутум. Онтон бу сайын, ыарытыйаммын, куоракка киирэн көрдөрүммүтүм. Онно миэхэ үтүөрбэт куһаҕан ыарыыны буллулар. Бу кыһыны туоруур кыаҕым суох. Онон, быраһаай, Лиля! Билсибиппит тухары, саҥа таһааран, тапталбар билиммэтэхпин бырастыы гын… Дьоллоох эрэ буол!»

Сиимэ суругун суулаата, кураанах одьукулуон бытыылкатын иһигэр укта уонна от күөх хаппаҕынан бүөлээн баран, күөл кытыытыгар сытар болуот тимир буочукаларын быыһыгар кыбытта. Онтон төҥкөйөн, сиртэн биир хаптаҕай тааһы ылан уу үрдүнэн күүскэ кыыратта. Тааһа, уу ньууруттан тэйэ-тэйэ, хас даҕаны долгуну хайытан, ыраахха диэри дайда, онтон, бүтэһик долгуҥҥа кыайтаран, түгэххэ тимирдэ… Кыра кыыс, таас көтөр кэриэтэ көстүүтүн сонурҕаан, хап-хара харахтарын кэҥэтэн көрө турарын Сиимэ харбаан ылла, көтөҕөн баран ыга кууста уонна оҕотун тыбыс-тымныы быллаҕар иэдэһиттэн сыллаан ылла:

— Лиля! Чэ, дьиэбитигэр барыах. Ийэбит сүтэрэн эрдэҕэ буолуо… — диэтэ.

Анатолий Слепцов,

СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ

 

 

* * *

«Мин маҥнайгы тапталым” диэн “Бичик” национальнай кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэттэн ылылынна.

+1
12
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0