Булт — саха төрүт үгэһэ. Аныгы цифровой тиэхиньикэ сайдыылаах үйэтигэр ыччаты бултка сыһыарыы уустуктардаах курдук. Эдэр дьон төрүт үгэстэн тэйэн иһэр үйэтигэр, “Кыымаан” булт кулуубун сырдатар санаалаах салайааччытын, удьуор булчут Александр Тастыгины кытары сэһэргэстибит.
— “Кыымаан” булчут кулуубун туох сыаллаах-соруктаах тэрийбиккитий?
— Булт диэн өбүгэ саҕаттан төрүт дьарыкпыт буоллаҕа. Биһиги, сахалар, булт туһунан туспа өйдөбүллээх, туспа айдарыылаах дьон буолабыт. “Чулуу булчут дьон баар этилэр” диэн ааттарын үйэтитээри, булт суруллубатах сокуонун, төрүт үгэс сиэрин-туомун, ирдэбилин кэнчээри ыччаппытыгар тиэрдээри, үөрэтээри тэрийбиппит.
— “Кыымаан” кулуубун үлэтин туһунан сырдат эрэ.
— Кулууппут аҕам илин эҥэргэ биллэр кадровай булчут Николай Петрович Тастыгин – Кыымаан аатын сүгэр. Кини туох да үөрэҕэ суох да буоллар аҕыс уолу, икки кыыһы булдунан, балыгынан иитэн киһи оҥортообут киһи буолар. Ийэбит Анна Петровналыын уон оҕону иитэн, атаҕар туруорбута. Аҕыс уол, бары аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыппыт, бары үрдүк үөрэхтэнэн орто киһи олорор олоҕунан этэҥҥэ сырыттахпыт. Улахан убайбыт Петр Николаевич, хомойуох иһин, икки сыллааҕыта олохтон туораабыта…
Аҕам СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев олохтообут “Ытык аҕа” аатын бастакынан сүкпүтэ. Ол саҕана, биһиги, аармыйаттан саҥа кэлэн сылдьар уолаттар этибит. Оҕо дыбарыаһыгар улахан тэрээһин оҥороннор “Ытык аҕа” анал аатын туттарбыттара. Төрөппүттэрбит сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэн аҕабыт аатын үйэтитэн, кэнчээри ыччаппытыгар хаалларар – биһиги, оҕолор, ытык иэспит. Ол санааттан “Кыымаан” булчут кулуубун бииргэ төрөөбүттэр, чугас доҕотторбут буолан тэрийбиппит, отучча чилиэннээхпит. Туора дьону кулуупка ылбаппыт, көннөрү бултатабыт эрэ. Бултка түбэспиччэ киһини кытары сылдьыбатыҥ курдук, эрэнэр чугас дьоҥҥун эрэ кытары бараҕын. Тас дойдуттан кэлэр булчуттары, туристары бултатабыт. Онон аан дойду таһымыгар үлэлиибит.
— Кыымаан диэн туох суолталаах тылый?
— Аҕабыт Николай Петрович Тастыгин илин эҥэргэ, чуолаан дойдутугар Мэҥэ Хаҥаласка Кыымаан булчут диэн аатынан биллэрэ. Элбэх булду бултаабыт, элбэх түүлээҕи туттарбыт кадровай булчут. Социалистическай үлэ түүлээхтээһиҥҥэ күрэхтэһиигэр андаатар тириитин туттарыыга чөмпүйүөннээн ВДНХ-аҕа икки төгүл баран кэлбитэ. Оччотооҕу кэмҥэ пуонданан «Дружба» эрбии, истиэҥкэ, миэбэл бэлэх биэрэллэрэ. Билигин кэлэн өйдүүбүн уонна сонньуйа саныыбын.
Аҕам эдьиийин уонна балтын кытары сэрии кэмигэр ийэтэ, аҕата суох төгүрүк тулаайах хаалбыттар. Бэйэ-бэйэлэрин көрсөн киһи буолбут дьон. Аҕам олох кыра эрдэҕиттэн тыаҕа сылдьа үөрэнэн, сэрии сут дьылларыгар кустаан, туһаҕынан куобахтаан, туунан балыктаан элбэх киһини аһаппыт-сиэппит киһи эбит. Кыһыҥҥы тымныыга аан тэлэллээтин кытары кып-кыра булчут уол дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түһэр үһү. Кыым курдук киирэн кырдьаҕастарга куобах туһахтаан тарҕатара үһү. Кырдьаҕастар кыым курдук биирдэ өрө көтөн киирэн тахсан кыра оҕо бэйэтин Кыымаан диэн таптаан ааттаабыттар. Онтон ыла Кыымаан булчут аатын ылбыт.
— Бэйэҥ хаһааҥҥыттан бултуугунуй?
— Булчут буолбутум бэйэтэ туһунан остуоруйалаах. Бэйэм улаханнык бултка сыһыана суох этим, атыынан-эргиэнинэн дьарыктанарым. Этэргэ дылы, саата да суох этим. Аҕам орто дойду олоҕуттан арахсан, түөрт уон хонуга буоларыгар “булчут киһи остуолугар булт аһа баар буолуохтаах” диэн өйдөбүлү тутуһан булчут убайдарбын кытары тыаҕа тахсыбыппыт. Ол сылдьан, бултаабатах киһи, мунаммын убайдарбыттан дэлби мөҕүллүбүтүм: “Дьиэҕэр баран тэрээһиҥҥэ, аһыгар-таҥаһыгар көмөлөс,” — диэбиттэрэ. Тэҥнэһиэм дуо, төннүннүм. Бортовой уазигынан айаннаан иһэн суолга буксуйан сиргэ хоннубут. Сарсыарда халлаан суһуктуйуута, арай, иннибэр тайах киирэн туран биэрдэ. Ону ытан, бултуйан улахан бултка бастакы сүрэхтэниибин ааспытым. Онон аҕам остуолугар тайах этин мин, оччолорго бултка сыһыана суох киһи бултаабытым. Түөрт уон хонук остуолун ыытар аҕам доҕоро тыл этэригэр: “Николай Петрович бэйэтин булдун Байанайын тохсус оҕотугар биэрбит” диэбитэ. Ол күн убайдарым аҕам бултка тутта сылдьыбыт тэриллэрин, таҥаһын-сабын, сэбин-сэбиргэлин барытын миэхэ туттарбыттара. Ол иһин манна эмиэ туспа туох эрэ үөһэттэн айдарыы диэххэ сөп эбитэ дуу. Ол күнтэн ыла булчуттар кэккэлэригэр киирбитим, тиһиги быспакка күн бүгүнүгэр диэри бултуубун.
— Булт кулууба хайдах үлэлиирий?
— Уопсайынан “Кыымаан” кулууп тэриллибитэ сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Булт туурдарын оҥорбуппут уонтан тахса сыл буола. Ол иһин сыл аайы таас үрэхтэргэ бил, быйыт диэн омук булчута балыксыта ымсыырар балыктааһынын тэрийэбит. Былырыыҥҥыттан саҕалаан Эдьигээҥҥэ бэйэбит эбэбитигэр бултуур гына кэпсэтэн, дуогабардаһан, доҕотторбут бултуур сирдэригэр өрүс балыктарыгар – тууччахха, чыырга, уомулга, сордоҥҥо, хатыыска турдары тэрийбиппит. Барбыт дьон бары иһиттэрэ балыгынан туолан үөрэн-көтөн, сүрдээх үчүгэйдик баран кэлэллэр. Бэйэлэрин илиилэринэн балыктаан, сибиэһэй балыгы тууһаан, дьонноругар илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэллэрэ туохха да тэҥнэммэт түгэн.
— Александр, кэпсээниҥ иһин махтал! Айаҥҥыт аартыга аһаҕас буоллун, Барылы тутуу Баай Байанай эһэҕит түүлээҕиттэн, кынаттааҕыттан куду бэрсэ турдун, Күөх Боллох Тойон көмүс хатырыктааҕын күндүлүү турдун!
Надежда ИЛЬИНА.
Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.