“КЫЫМ” КЫҺАТЫГАР УҺААРЫЛЛЫБЫТА, ХАЙА ҮЛЭТИГЭР ХАТАРЫЛЛЫБЫТА
1964 сыл. Өрөспүүбүлүкэ Бүлүү өрүһү быһыттаабыттары айхаллыыра, Алдан көмүсчүттэрин саҥаттан-саҥа кыайыыларынан эҕэрдэлиирэ, кыһыҥҥы тайҕаны хайа солоон тыһыынчанан биэрэстэлээх ыарахан айан суолун солуур мохсоҕоллору уруйдуура. Ити туһунан билигин «Кыым» хаһыат саһарбыт страницалара кэпсииллэр.
Мирнэй куорат «Алмаз» кулууба оччотооҕу кэм сиэринэн кыһыл былаахтарынан, өрө күүрүүлээх плакаттарынан киэргэтиллибит этэ. Трибунаҕа ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан РСФСР Миниистирдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ М.А. Яснов тахсыбыта. Онтон сотору диктор дорҕоонноох, киэн туттуулаах, долгуйбут куолаһынан: «За выдающиеся успехи, достигнутые в создании алмазодобывающей промышленности в Якутской АССР, присвоить звание Героя Социалистического Труда с вручением ордена Ленина и золотой медали «Серп и Молот» Семену Митрофановичу Васильеву – машинисту экскаватора рудника «Мирный» диэбитэ…
… Кыһыл көмүс Сулус саха аҕамсыйбыт киһитин кэтит түөһүгэр күлүмүрдүү умайбыта, саала түллэх гынарга дылы гыммыта – мустубут дьон бары ойон туран биһиги уолбутун ньиргиэрдээх ытыс тыаһынан уруйдаабыта. Ити кэнниттэн Дьоруой Сулуһун «Якуталмаз» трест управляющайа, билигин норуокка киэҥник биллэр, Мирнэйгэ уһулуччу ытыктанар В.И.Тихоновка уонна «Мир» трубка экскаваторщиктарын биригэдьиирэ В.Г. Трофимовка туттарбыттара.
Бу сонуну Саха сирин ааҕааччыларыгар аан-маҥнайгынан «Кыым» хаһыат тириэрдибитэ. Хаһыат онно толору бырааптааҕа, тоҕо диэтэххэ, Семен Митрофанович ити иннинэ «Кыым» хаһыакка уонча сыл кэрэспэдьиэнинэн уонна отдел салайааччытынан, онтон кэлин «Кыым» Мииринэйдээҕи корпуунун тэрийбитэ уонна хаһыат бэйэтин кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбитэ.
— Бу өрөгөйдөөх түгэни үйэм тухары умнуом суоҕа,— диэбитэ Семен Васильев. — Мин аҕам, эһэм, хос эһэм бары булчуттар этилэр. Кинилэр аам-даам тымныыга үүтээҥҥэ хоно сылдьан, тыһыынчанан биэрэстэлээх хаары оймоон сымнаҕас көмүһү булаллара да, дьолу булбатахтара. Оттон мин кэмим атын. Бырааттыы норуоттар биир ньыгыл сомоҕолоһуулара үөскэппит дойдутугар олоробун, онон мин дьоллоохпун, — диэн суруналыыстарга кэпсээбитэ.
“ҮӨРЭХТЭЭХ ДЬОН ОҤОРТУУ САТААР…”
Семен Митрофанович Васильев 1917 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр Бүлүү улууһун Н.Г. Чернышевскай аатын сүгэр нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата, Митрофан Васильевич, 1926 сыллаахха саас куор ыарыыга хаптаран баран, бултуу сылдьан тымныйан аҕыйах хонон хаалбыта. Ийэтэ Ирина Кузьминична кэргэнэ өлөрүгэр биэс уу кырбас кырачаан оҕолорун кытта хаалаахтаабыта. Ол курдук, Дунята тоҕустааҕа (кэлин Арассыыйа потребкооперациятын үтүөлээх үлэһитэ буолбута), Сэмэнэ аҕыстааҕа, кыра уола Киэсэтэ биэстээх бэдик (Аҕа дойду иһин сэрии бэтэрээнэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала буолбута). Маасыҥката үстээх этэ, оттон Стешата биир эрэ саастааҕа (Арассыыйа уонна Саха АССР үтүөлээх бырааһа). Кэлин төрөөбүт Софьята Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Бочуот Знага» уордьан кавалера буола үүммүтэ.
Аҕалара нэһиилэ сытан кэриэһин: “Үчүгэй былаас кэмэ кэллэ, оҕолоргун кытаатан үөрэхтээх дьон оҥоро сатаар”, — диэбитин Ирина Кузьминична утуйар уутун умнан, туох баар күүһүн-кыаҕын ууран, ырааҕынан-чугаһынан аймахтарын көмөлөһүннэрэн оҕолорун үөрэхтээх дьон оҥортоон толорбута!
Семен Митрофанович 17-лээҕиттэн Гострудсберкасса ситимигэр үлэҕэ киирбитэ уонна кэскиллээх ыччат быһыытынан сыаналанан, Саха АССР Нархозучуотун дьаһалтатынан Өлөөн улууһунааҕы салаатыгар инспекторынан ыытыллыбыта. Хоту дойду дьонун-сэргэтин кытта олус тапсан, кинилэр кыһалҕаларын сатаан туруорсар киэҥ билиилээх ыччаты, түөрт сыл үлэлээбитин кэнниттэн, партийнай үлэҕэ таһаарбыттара. Онтон Дьокуускайга кэлэн, Японияны кытта сэриигэ ыҥырыллыар диэри бэчээт уорганнарыгар үлэлээбитэ. Сэрии кэнниттэн «Кыым» хаһыат бэйэтин кэрэспэдьиэнинэн, кэлин отдел сэбиэдиссэйинэн үлэлээн, суруналыыстыка эйгэтигэр буспута-хаппыта. Бу да дьыалаҕа бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта.
АЛМААСТААХ МИИРИНЭЙГЭ – “КЫЫМ” БЭЙЭТИН КЭРЭСПЭДЬИЭНЭ
1959 сыл. Алмаас булуллан, Саха сирин кэскилэ саҥа үөскүүр Мииринэй оройуонугар түстэнэр кэмэ этэ. Бырамыысыланнас төрүттэнэр, сүүһүнэн омук тоҕуоруспут, уһулуччулаах кэм эргийэр киинигэр киэҥ билиилээх, баай үөрүйэхтэри мунньуммут, политическай өттүнэн буспут-хаппыт, сахалыы судургутук эттэххэ «тобуллаҕас» киһи Мииринэйгэ тиийэн саҥа кэм ыллар хардыытын туһунан сыанабыл биэрэн, ырытан саха норуотугар сэһэргиирэ наада буолбута. Оччотооҕуга «Тугу барытын каадыр быһаарар» диэн кынаттаах өйдөбүл баара. Ол иһин бастыҥтан-бастыҥ, эрэллээх, дьон-сэргэ ытыктыыр, билинэр киһитэ Семен Васильев «Кыым» хаһыат Мииринэйдээҕи бэйэтин кэрэспэдьиэнинэн ананан үлэлии барбыта.
«Кыым» кыһатыгар 14 сыл буспут-хаппыт суруналыыс саҥа дьыалаҕа төбөтүн оройунан түспүтэ. Оччолорго чахчы да уһулуччулаах кэм этэ. Дойду үрдүнэн идеология үрдүк чыпчаалга тахсыбыт, ыччат сырдык, кэрэ олоҕу тутарга дьулуспут, «романтика» диэн ааттанар дууһа ыраас күүрүүтэ
тапталы, дьолу уонна Ийэ дойду туругурарын туһугар патриотическай өйү-санааны өрүкүппүт үтүө кэмнэрэ этилэр. Хас биирдии киһи, кэлэктиип, саҥа тутуу, саҥа күн «Кыым» хаһыат страницатын чаҕылхай строката буолан суруллара. Сырдык олох, кэрэ кэскил, дойду кыаҕа Мииринэйгэ уһаарыллар кэмэ этэ. Үлэ киһитэ өрө тутуллубута, кини сэбэрэтэ кэрэ, үрдүккэ дьулуһуу мэктиэтэ, толорор үлэтэ умсугутуулаах кэмэ этэ.
СҮРЭҔИН БАҔАТА БАТАРБАККА
Итинник кэм инники күөнүгэр сылдьар суруналыыс хайдах да тулуйбатаҕа, кэскили түстүүр күүрээннээх үлэ умсулҕанын бэйэтин илиитинэн уһансар санааҕа киирбитэ уонна 1960 сылтан саҕалаан «Якуталмаз» трест «Мир» трубкатын карьерыгар ЭКГ-4 экскаватор машиниһын көмөлөһөөччүтүнэн үлэҕэ ылыллыбыта. Өйүн-санаатын, күүһүн-кыаҕын барытын саҥа дьыаланы баһылыырга туһаайбыт киһи бэрт сотору уустук массыынаны үөрэппитэ, үлэтин сыыйа баһылаабыта. Онуоха эбии Свердловскай уобаласка «Вахрушевуголь» кэмбинээккэ ыытан машинист-экскаваторщиктар куурустарыгар үөрэттэрбиттэрэ. Онтон кэлээт, тута экскаватор машиниһынан үлэлээн барбыта.
Семен Митрофанович үлэлиир биригээдэтэ сылтан сыл аайы тириэрдиллибит сорудахтары куоһаран иһэр буолбута. Итини кинилэр үлэ ньымаларын саҥардан, тиэхиньикэҕэ саҥаттан саҥа тупсарыылары киллэрэн уонна чахчы охсуулаахтык үлэлээн ситиһэллэрэ. Ол курдук, 1960 сыллаахха ЭКГ-4 экскаватор сыллааҕы оҥорон таһаарыыта 390 тыһыынча кубометр эбит буоллаҕына, нөҥүө сылыгар 514 тыһыынча, өссө биир сыл буолан баран 700 тыһыынча кубометр хайа боруодатын хастаан тиэйэн рекорд олохтообуттара. Оччолорго итинник экскаватор, Уһук Хоту сир ураты тыйыс усулуобуйатыгар, сылга ортотунан, муҥутаан, карьер иһигэр 490 тыһыынча кубометры хостуур кыахтаах этэ. Ити ситиһиигэ экскаватор биир бастыҥ машиниһа Семен Васильев киллэрэр кылаата улахан этэ. 1964 сыллаахха үлэни биир бастыҥ тэрийээччи быһыытынан билиниллибит оробуочайы эмиэ итинник экскаватор экипаһын биригэдьииринэн анаабыттара. Нөҥүө сылыгар кини салайар биригээдэтэ былааннаах сорудаҕын 111% толорору ситиспитэ! Үлэ таһынан улахан уопсастыбаннай эбээһинэстэри толороро.
Дьэ, ити курдук, өрөспүүбүлүкэ суруналыыстара киэн туттар киһибит, Саха сиригэр алмаас бырамыысыланнаһа төрүттэнэр кэмигэр сахалартан биир бастакынан, модун тиэхиньикэни баһылаан, инники кэккэҕэ сылдьар үлэ кэлэктиибин салайан үрдүктэн үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит биир дойдулаахпыт Социалистическай Үлэ Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллэр үлэһитэ буола үүммүтэ.
ЧОЧУЛАР КИЭН ТУТТАЛЛАР, ААТЫН ҮЙЭТИТЭРГЭ ТУРУОРСАЛЛАР
… 2004 сыллаахха Бүлүү улууһун Н.Г. Чернышевскай аатын сүгэр нэһилиэк олохтоохторо бэйэлэрин оскуолаларын 75 сааһа туолуутун бэрт киэҥник бэлиэтээн ааспыттара. Көрсүһүү өрөгөйдөөх түгэнигэр олох киэҥ аартыгар бэлэмнээн ииппит-үөрэппит оскуолабытыгар Дьоруой Семен Васильев аатын иҥэриэххэ, ыччаттарбытын бырамыысыланнас идэлэригэр сыһыарарбытыгар туһалаах буолуо диэн тыл эппитим. Сонно тута 200-тэн тахса киһи мустан олорор саалатыгар боротокуол толоруоҕуҥ диэн быһаарыы ылыммыппыт. Өрөспүүбүлүкэбит бэрэсидьиэнигэр суруйарбытыгар Дьоруой С.М.Васильев нэһилиэгэр «Сайдыы» артыалга 1930-34 сылларга үлэлээбитин, бу оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыбытын, сайдыылаах омуктар бастыҥнарын кытта тэбис-тэҥҥэ үлэлээн бэйэтин нэһилиэгин, оскуолатын ааттаппытынан киэн туттарбытын ыйбыппыт.
Баһылык К.Л.Дьяконов көҕүлээһининэн нэһилиэк олохтоохторо 106 киһи мустан, С.М.Васильев аатын оскуолаларыгар иҥэрэргэ биир санаанан куоластаабыттара. Ол мунньах боротокуолугар киирбит кэпсэтиилэри көрдөххө, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Н.Ф. Кононов, нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ М.Х.Исакова, ыччат лиидэрэ М.С. Семенова, нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Р.П. Сортоева Дьоруой олоҕун, оскуола пионерскай тэрилтэтин кытта ыкса сибээстэһэ сылдьыбытын, оҕолору кытта суруйсубутун туһунан билиһиннэрбиттэр. Олохтоох оскуола дириэктэрэ К.К. Корякин оскуола кэлэктиибэ Дьоруой аатын сүгэргэ бэлэмин туһунан эппитэ.
«Саха сирэ» хаһыат кэлэктиибэ эмиэ биир идэлээхпит, саха суруналыыстыкатын кэккэтиттэн уһаарыллан бырамыысыланнас сайдыытыгар уһулуччулаах кылаатын киллэрбит, омукпут аатын өрө туппут дьоһуннаах киһибит Семен Митрофанович Васильев сырдык аатынан киэн туттабыт!
Николай КРЫЛОВ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Бүлүү улууһун, Бүлүү куорат, Н.Г.Чернышевскай аатынан нэһилиэк бочуоттаах гражданина