Айылҕа сокуонунан, үксүгэр кыыллар, көтөрдөр тыһылара эрэ оҕолорун көрөллөр, бүөбэйдииллэр. Ол эрээри, бу быраабылаттан туорааһыннар эмиэ бааллар. Ол курдук, сорох кыыллар атыырдара оҕолорун ийэлэринээҕэр ордук көрөллөр-харайаллар.
Муора ата
Муора атын (морской конек) атыыра бэйэтэ хат буолар кыахтаах. Тыһыынча кэриҥэ быыкайкаан оҕолорун иһигэр илдьэ сылдьар. Бу кэнниттэн оҕолорун олус чүүгэйдик көрөр-харайар, кутталтан көмүскүүр.
Император пингвина
Антарктидаҕа саамай тымныы кэмҥэ ийэлэрэ сымыыттаан баран, аҕаларыгар хааллараат, икки ый устата муораҕа аһыы барар. 50-60 кыраадыс тымныыга атыыр пингвиннэр сымыыттарын тоҥорумаары, атахтарын икки ардыгар уктан баран, аанньа аһаабакка, ыга сыстыһан тураллар.
Сымыыттан оҕо тахсыбытын кэннэ, аны аһатыан наада. Онон атыыр пингвин бэйэтэ үүт курдук убаҕаһы таһааран, оҕотун аһатар. Онтон ийэлэрэ оҕотугар анаан куртаҕар, куолайыгар толору балык уктан кэлэр. Бу кэнниттэн аҕалара, дьэ, муораҕа аһыы барар.
Дарвин баҕата
Соҕуруу Америкаҕа баар Дарвин баҕата сымыыттарын көмүскүүр туһуттан, ыйыстан кэбиһэр. Алта нэдиэлэ устата айаҕын аннынааҕы мөһөөччүгэр сымыыттарын илдьэ сылдьар. Сымыыттан оҕолоро тахсар кэмнэригэр өҕүйэн кэбиһэр.
Якана
Бу уу үрдүнэн хаамар, уһун атахтаах көтөр. Якана атыыра аан бастаан уйатын оҥостор, онтон тыһытын көрдүүр. Тыһы көтөр сымыыттаат, баран хаалар. Онон аҕалара хаалан, сымыыттарын баттыыр, онтон аһаталыыр, көрөр-истэр, сиэмэхтэртэн көмүскүүр.
Үс иннэлээх колюшка
Бу балык килиэй курдук убаҕаһы таһаарар, онон уйатын оҥостон киирэн барар. Бу кэнниттэн туора-маары хайбаҥнаан үҥкүүлүүр, ол аата кини тыһытын ыҥырар, угуйар. Тыһыта сымыыттаабытын кэннэ, үүрэн кэбиһэр. Искэҕин уйатыгар угар. Онтон эмиэ атын тыһыны ыҥыран, үҥкүүлээн киирэн барар. Бу курдук хас да тыһы искэҕин мунньан, уйатын томточчу толорор. Дьэ, ол кэнниттэн10-14 күн устата искэҕин салгынынан байытар, сиэмэхтэртэн көмүскүүр.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыка: fauna.ru