Кыыллаахтар 2018 сылы Ыччат сылынан биллэрдилэр

Ааптар: 
17.01.2018
Бөлөххө киир:

Ааспыт сыл Саха сиригэр Ыччат сылынан биллэриллибитэ. Ол эрээри, биир сыл — кылгас болдьох. Сиппэтэх-хоппотох толкуйдар бааллар, нэһилиэк ыччата өссө даҕаны болҕомтону эрэйэр диэн санаанан салайтаран, кыыллаахтар нэһилиэккэ үүммүт сылы Ыччат сылынан биллэрбиттэр.

edersaas.ru


Кыыллаах нэһилиэгин баһылыга Раиса Лавернова көҕүлээһининэн, сэтинньиттэн ыччат мунньаҕа ыытыллыбыта итиэннэ нэһилиэккэ эдэрдэр үлэлэрин салайар дьонунан Ольга Сильвестрова (нэһилиэк дьаһалтатын социальнай боппуруостарга кылаабынай исписэлииһэ), Туйаара Банчина (оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы), Светлана Желлаева (англия тылын учуутала), Владимир Павлов (физкультура учуутала), Александр Слепцов (Култуура уонна искусство Арктикатааҕы институтун бүтэрбит) талыллыбыттара. Салгыы сэтинньи бүтүүтэ ыччат сүлүөтүн тэрийэн, сабыылаах куоластааһын ыыппыттара. Ол түмүгэр, лидеринэн оҕо саадын иитээччитэ Лидия Худаева талыллыбыта.

Лидия Худаева

Нэһилиэккэ уопсайа 103 ыччаттаахпыт. Кинилэри барыларын бииргэ түмэр, хамсатар, көмөлөһөр сыалтан Ыччат сыла биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн сэтинньигэ сүлүөт тэрийбиппит. Тренинг, станциянан оонньуу, флэшмоб ыыппыппыт. Ахсынньыга “Вместе в одном ритме” диэн улуустааҕы  бэстибээлгэ алта нүөмэринэн кыттыбыппыт.

Нэһилиэк ыччатын түөрт хамаандаҕа араарбыппыт. Сылы быһа бөлөхтөрүнэн үлэлиэхтээхпит, хас биирдии тэрээһиҥҥэ кыттыахтаахпыт. Кыайыылаах бөлөх сыл бүтүүтэ биллиэхтээх. Ыччат сыла “төгүрүк остуолтан” саҕаланна. Ол курдук, тустаах тэрээһиҥҥэ улуус дьаһалтатын ыччакка салаатын кылаабынай исписэлииһэ Анна Софонова, Ыччат уонна дьиэ кэргэн социальнай-психологическай өйөбүлүн киинин үлэһиттэрэ, нэһилиэк эдэр дьоно кытыннылар. Олохтоохтор сүрүннээн эдэрдэргэ көрүллэр грант,  исписэлиистэргэ дьиэ-уот, үлэтэ, үөрэҕэ суох дьоҥҥо көмө туһунан ыйыталастылар. Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ араас тиэмэлэринэн трениннэри тэрийдилэр. Салгыы олохтоох ыччат түөрт хамаандата уонна Дьокуускайтан кыһыҥҥы сынньалаҥнарыгар тиийэ сылдьар устудьуоннар хамаандалара КВН оонньууга кытыннылар”, — диэн лидер Лидия Худаева санаатын үллэһиннэ.

Сыл устата “Үтүө дьыала ыллыга” акция, “Көмүс хотуур” күрэхтэһии, “Туруйалар көттүлэр” диэн киинэни устар, арассаада үүннэрэн атыылыыр, аттынааҕы нэһилиэктэри кытта кыттыгас араас тэрээһиннэри ыытар, бэл диэтэр, арыыга киирэн хонуу луугун хомуйар былааннаахтар. Итини таһынан культурнай тэрээһиннэрдээхтэр.

Биллэн турар, Ыччат сылынан сирэйдээн, олохтоох эдэр дьону  сомоҕолуур, уопсастыбаннай, социальнай, экэнэмиичэскэй олоххо сыһыарар, бэйэ дьыалатын толкуйдаан суол-иис солоноллоругар өйөбүл буолар баҕалаахтар. Онон, Ыччат сыла ситиһиилээх, үтүө түмүктээх буоларыгар эрэнэллэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0