Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах Арыытыттан төрүттээх дьон соторутааҕыта Сомоҕолоһуу сылынан маҥнайгы тэрээһиннэрэ буолла. Биир кэрэхсэбиллээҕэ баар, манна Бүлүүттэн, Өлүөхүмэттэн, Горнайтан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан, Тулагыттан, Хатастан үлэ күнүн аахсыбакка туран кэллилэр.
edersaas.ru
Көрсүһүү биир дойдулаахпыт Татьяна Дмитриевна Яковлева “Виктория” көстүүнэйин киэҥ саалатыгар буолла. Тэрээһин, Мария Ларионова, Мария Поскачина тылларыгар, Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөйө суруйбут Кыыллаах нэһилиэгин өрөгөй ырыатын сүрэхтээһинтэн саҕаланна.
Сүүрбэччэлии сыл көрсүбэтэх дьон итии үүттээх чэйдээх сандалы тула олорон Кыыллаах нэһилиэгин баһылыга Раиса Еремеевна Лавернова нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын кэпсиирин иһиттилэр, ирэ-хоро кэпсэттилэр, хомсомуол төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан уһуллубут “Туруйалар көттүлэр” киинэни көрдүлэр, Мария Поскачина “Көмүс туйахтаах миҥэлээх Мэйик бухатыыр” диэн суруйа сылдьар олоҥхотуттан быһа тардан аахта.
РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Учууталларын учуутала, 50 сыл педагогическай ыстаастаах Марра Алексеевна Пономарева: “Уһун кэм устата дойдубуттан тэйэ сылдьан баран, 1976 сыллаахха Кыыллаахха тиийэн бэйэм история, кыыһым математика, күтүөтүм химия, биология учууталларынан үлэлээбиппит. Кыыллаахпар 18 сыл устата учууталлаабытым”, — диэн ахтар. Манна даҕатан эттэххэ, Марра Пономарева ийэтэ Пономарева (Догоюсова) Марина Николаевна судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай диэйэтэл (эдьиийдии балыс Догоюсовалар), бастакы хомсомуоллартан биирдэстэрэ, Москватааҕы И.В.Сталин аатынан Илиҥҥи норуоттар коммунистическай университеттарын бүтэрбит, сэбиэскэй-партийнай оскуоланы салайбыт, Саха АССР тылга, литэрэтиирэҕэ уонна историяҕа институтун старшай научнай сотруднигынан үлэлээбит.
“Туруйалар көттүлэр” диэн хомсомуол тэриллибитэ 100 сылыгар анаммыт киинэҕэ көрдөрбүт, билигин даҕаны Даппарайга турар пааматынньык эскииһин, Марра Пономарева сиэнэ Алексей Федоров сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан оҥорбут эбит.
“Соторутааҕыта Кыыллаах оскуолатыгар улуустааҕы учууталлар тэрээһиннэрэ буолбутун тэлэбиисэринэн долгуйа көрдүбүт. Оскуолабыт тигинэччи үлэлии турарыттан, үгүс тутуу ыытылларыттан үөрэбит. Маннык көрсүһүүнү тэрийбиккитигэр улахан махтал”, — диэн Марра Алексеевна түмүгэр санаатын тиэртэ.
Кыыллаахтар былыр-былыргыттан талааннаахтарын, көхтөөхтөрүн бу да сырыыга итэҕэттилэр. Ол курдук, билигин Бэрдьигэстээххэ (Горнай улууһа) олорор биир дойдулаахпыт, норуот маастара Надежда Афанасьевна Иванова баайыынан, Елизавета Елисеевна Хохолова оҕуруонан үлэлэрин аҕалан көрдөрүүгэ уурдулар.
Елена Готовцева сувенирдары мунньар. Бу бэйэтэ кылгас историялаах эбит. “Маҥнай кыыллары, көтөрдөрү мунньар этим. 2010 сыллаахха Италияҕа туристыы тиийдим. Евро оччолорго да үрдүк. Төннөрүм чугаһаата, мин буоллаҕына өйдөбүнньүк быһыытынан тугу даҕаны атыылаһымаары гынным. Арай, биир маҕаһыыҥҥа киирбитим кинигэлээх Пиноккио турар эбит. Ону атыыластым. Улахан коллекциям ол курдук Пиноккиоттан саҕаламмыта. Сыыйа элбээн истэ. Билигин коллекциям балачча хаҥаата. Манна араас кыыл, көтөр, дьон, аанньаллар… бааллар”, — диэн кэпсиир. Елена Михайловна бибилэтиэкэр идэлээх буолан, коллекцията үлэтигэр туһалыырын, кинигэ оҕону иитиигэ улахан суолталааҕын бэлиэтиир. Ону таһынан, кини кинигэҕэ кыбытыктары (закладка), кыракый (миниатюрнай) кинигэлэри, аккырыыккалары, кинигэлээх дьоҕус халандаардары мунньар эбит. Барыта — кинигэни кытта сибээстээх.
Надежда Иванова: “Горнай улууһугар “Надежда” оҕо устуудьуйатын үлэлэтэбит. Кыыһым – модельер. Быйыл 15 сыллаах үбүлүөйбүтүн бэлиэтээри сылдьабыт. Баайыынан тугу баҕарар көрдөрүөххэ сөп эбит. Оонньуурдары бэйэм хайдах көрөрбүнэн баайан таһаарабын. Тыһыынчанан таҥаһы айабыт. Манна уустук үлэлээх оҥоһуктарбын аҕаллым. Бөөлүүн түүн, биир дойдулаахтары кытта көрсөр үөрүүбүттэн бу курдук үлэлэр айыллан таҕыстылар”, — диэн ат оҥоһуктары, аанньалы көрдөрөр. Аанньалын дьиэлээх хаһаайкаҕа Татьяна Яковлеваҕа махтанан, мэлдьитин араҥаччылыы сырыттын, дьоҥҥун-сэргэҕин түмэ тур диэн бэлэх уунна.
Кыыллаахтан 1961 сыллаахха көспүт, 33 сыл устата Муома улууһугар үлэлээбит, эбии үөрэхтээһин педагога Елизавета Елисеевна Хохолова: “Төрөөбүт дойдубуттан төһө да ырааппытым иһин, син биир талаһабын, бара турабын. Вера Афанасьевна Максимованы, Капиталина Романовна Корнилованы санааммын, иллэҥ кэммэр дьарыгырар үлэлэрбин аҕаллым”, — диэн оҕуруонан симэммит оҥоһуктарын аҕалан туруорда.
Кыыллаахтар улууска ырыаны-тойугу өрө туппут нэһилиэк диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Ол курдук, СӨ үтүөлээх артыыһа, Өлүөхүмэ улууһун уонна куоратын бочуоттаах гражданина Сергей Попов, Петр Кузьмин, Мария Васильева, Иннокентий Акимов, Дмитрий Прокопьев кэлэн дойдуларын туһунан истиҥ ырыалары бэлэхтээтилэр. Мустубут дьон утаппыттыы иһиттилэр. Тарбаҕар талааннаах Сергей Лавернов тэрээһин кэмигэр оонньуу ыытта. Бирииһэ – бэйэтэ тикпит чаппарааҕа. Бирииһи Сардаана Олесова сүүйдэ.
Манна мустубут дьон Кыыллаах нэһилиэгин баһылыгар Раиса Лаверноваҕа, “Сомоҕо” түмсүү Дьокуускай куораттааҕы көҕүлүүр бөлөҕөр, чуолаан салайааччы Надежда Корниловаҕа, өрүү өйөбүл буолар Татьяна Яковлеваҕа махталларын тиэртилэр.
Ханнык баҕарар киһи силиһэ-мутуга — төрөөбүт түөлбэтэ, оҕо сааһа ааспыт дойдута. Төрөөбүт түөлбэбититтэн төһө да тэйиччи тэлэһийэ сырыттарбыт, сүрэхпитигэр өрүү чугас. Бу курдук бары тутуспутунан биир санаанан олорорбут, үлэлиирбит-хамныырбыт, бэйэ-бэйэбитин өйөнсө сылдьарбыт саныахха да үчүгэй.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат