Кэлэр бэнидиэнньиэктэн оскуола оҕолорун сынньалаҥнара бүтэн, дьиэттэн олорон (дистанционно) үөрэниэхтэрэ. Бу нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ оскуолалара, учууталлара хас оҕоҕо үөрэнэр тэриллээҕин туоһулаһаллар, бэрэбиэркэлиир уруоктары ыыталлар.
Мэлдьэх буолбатах, түргэн интэриниэт киирбит улуустарга, оҕолор тэриллээх эрэ буоллаллар, үөрэх харгыһа суох барыаҕа. Уустугу төлөпүөнтэн киирэн үөрэнэр оҕолор көрсүөхтэрин сөп. Өлүөхүмэ улууһун биир улахан кыһата, 165 үөрэнээччилээх А.Л.Бахсыров аатынан Кыыллаах орто оскуолата төһө бэлэмин дириэктэртэн Иннокентий Малгаровтан туоһуластыбыт.
— Иннокентий Иннокентьевич, ыраахтан олорон үөрэтиигэ эһиги оскуолаҕыт, үөрэнээччилэргит төһө бэлэмнэрий?
— Оскуола күнтэн-күн бэлэмнэниитэ күүһүрэр. Маҥнай учууталлары барыларын тустаах систиэмэҕэ үөрэппиппит. Учууталларбыт мобильнайдар эбит, үөрэнэллэр. Саастаах учууталлар ылыныылара бытаан эрээри, хамсааһын барда.
Биһиги дэриэбинэбитигэр дьиэтээҕи интэриниэт суох. Ол иһин биһиэхэ үөрэх мобильнай сибээһинэн эрэ барар. Икки оператор баар (МТС уонна Билайн). Ити икки оператор хабар сирдэригэр үөрэх үчүгэйдик барар. Биллэн турар, хас биирдии оҕоҕо анал тэриллээҕэ (төлөпүөннээҕэ) ордук. Суох түгэнигэр уонна интэриниэт трафигын төлүүргэ аймахтара, чугас дьоно көмөлөһүҥ диэн ыҥырыы ыыппыппыт. Биллэн турар, сорох дьон улахаҥҥа уурбат. Кинилэргэ өйдөтүү үлэтин эмиэ ыытабыт.
Биһиги судургу суолу тутуспатыбыт. Судургу суолу талбыппыт буоллар маннык сирэйи ааҕыҥ, ыйытыыларга хоруйдааҥ, кэниспиэктээҥ диэн баран түөспүтүгэр силлэнэ-силлэнэ дистанционнай үөрэҕи ыыттыбыт диэн баран олоруох этибит.
Балаһыанньаны өйдөөн уонна куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, инникитин нэһилиэкпитигэр дистанционнай үөрэҕи сайыннарар санаалаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, биһиги тыйыс усулуобуйаҕа олоробут. Дьаҥ кэмигэр, тымныы күннэринэн сибээстээн дьиэҕэ олоруу элбэх. Ону таһынан, көхтөөх, араас тэрээһиннэргэ кыттар оҕолорбут элбэхтэр. Үөрэх бырагырааматыттан хаалбат туһугар, тута ол күн дистанционнай үөрэххэ көһөрөр кыахтанабыт. Кэлэктиип, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр итинник эрэсиимҥэ үөрэннэхпитинэ табыгастаах буолуох этэ.
— Эһиги ханнык платформаны талбыккытый?
— Оҕолорго дистанционнай үөрэҕи ыытаары, оскуолабыт иһинэн бэйэбит бэйэбитигэр, кэлэктиип иһигэр вебинардары, педагогическай сэбиэттэри ыытабыт.
Бастатан туран, эрэгийиэннээҕи “Сетевой город. Образование.” туһанабыт. Электроннай сурунаалга 2017 сылтан көспүппүт.
Иккиһинэн, ZOOM диэн сыһыарыыны баһылыы сылдьабыт. Эрдэ тутта илик этибит, онон ыарырҕатабыт. Сынньалаҥ уһаан биэрэн, бириэмэ баарынан туһанан эбии дьарыктанныбыт. Бу сыһыарыынан оҕолор учуутал уруогу ыытар кэмигэр сүүс бырыһыан бары холбонуохтаахтар. Маныаха учуутал оҕолору кытта быһаччы сибээстэһэн кэпсэтэр. Кыайан холбоммотох түгэнигэр, уруокка “сылдьыбата” диэн көрдөрөр.
Үсүһүнэн, алын кылаастарга Учи.ру систиэмэни үлэлэтэбит. Тустаах систиэмэни сорох кылаастар уруккуттан туһаналлар, үөрэтэ сылдьыбыттара, атыттар саҥа киирэн эрэллэр. Онон бу систиэмэ биһиэхэ соһуччу киирэр буолбатах.
Төрдүһүнэн, 5-11 кылаастарга ЯКласс диэн платформаҕа үлэлиэхтээхпит. Оскуолабыт дуогабардаах. Бу платформа биһиги оскуолабытыгар сэтинньиттэн 7-11 кылаас үөрэнээччилэригэр толору киирбитэ. Тус бэйэм информатика уруогар туһанабын. Онон бу ыйыллыбыт кылаас үөрэнээччилэригэр уустук суох, номнуо билэллэр. Оттон 5-6 кылаас үөрэнээччилэрэ эмиэ билсибиттэрэ, олимпиадаларга кытталлара. Манна арыый уустуктар бааллар. Тоҕо диэтэххэ, уруокка буолбакка, кэмиттэн-кэмигэр эрэ туһанан кэллэхтэрэ.
— Оччотугар уруокка бу систиэмэни барытын туһанар санаалааххыт дуо?
— Уруокка учууталлар оҕолору кытта сибээскэ тахсар, араспысаанньанан ZOOM-нан туһаналлар. Уруок уруок курдук барар. Оттон ЯКласс-ка бэйэлэрэ практическай сорудахтары оҥороллор. Якласс элбэх биридимиэккэ бэйэтэ сорудахтаах. Аны сорох биридимиэттэргэ оҕо тугу эрэ умнан кэбиспит эҥин түгэнигэр бэйэтэ (самостоятельно) учуутала суох үөрэтэр кыахтаах. Учуутал бэйэтэ уларытан, эбэн биэриэн сөп, сорудаҕа элбэх.
Учуутал санаата
Оскуола алын кылааһын учуутала, Татьяна Корнилова:
— 2012 сылтан федеральнай сокуон оскуолаларга электроннай үөрэтиини уонна дистанционнай технологиялары тутталларын көҥүллүүр. Биһиги, начальнай кылаас учууталлара, 2014 сылтан “Учи.ру” үөрэх платформатын кыралаан үлэбитигэр киллэрэн барбыппыт. Оҕолор бу саайт нөҥүө араас олимпиадаларга кыттан элбэххэ үөрэммиттэрэ, билиилэрин чиҥэппиттэрэ, кырааматаларынан элбэх төрөппүтү үөрдүбүттэрэ. Саайт көрүҥэ оҕоҕо чугас, араас хартыыналардаах, оонньуу ньыматынан үөрэтэр.
Мин санаабар, электроннай уонна дистанционнай үөрэх ханнык да кэмҥэ наада. Биһиги, учууталлар, оҕо туһугар үлэлиибит, ханнык да балаһыанньаҕа үөрэтэр эбээһинэстээхпит. Билиҥҥи курдук ыарахан кэмҥэ, саҥа технологиялары туһанан үлэлииргэ бэлэммит. Манна төрөппүт өйөбүлэ суох сатаммат. Оҕолор дьиэлэригэр олорон үөрэнэллэригэр сөптөөх усулуобуйа тэрийиэххитин наада. Хас биирдии оҕо биир интэриниэттээх тэриллээх (смартфон, планшет, ноутбук) буолуохтаах.
Интернет куйаара киэҥ. Өссө үчүгэйдик баһылаатахпытына, омук тылыгар дьиҥнээх англичанин даҕаны ыраахтан олорон үөрэтиэн сөп. Билиҥҥи төрөппүттэр түргэн хамсаныылаахтар, оҕолорун тустарыгар бары кыһаллаллар, кыһалҕалаах кэмҥэ бары биир санаанан, уопсай тылы булан, үлэлиэхпит диэн эрэнэбит”, — диэн санаатын үллэстэр.
Төрөппүт санаата
7-с кылаас төрөппүттэрэ Дарья Корнилова, Марианна Алексеева:
— Оҕолорбут төлөпүөннэригэр ZOOM диэн дистанционнай үөрэх сыһыарыытын баһылыы сылдьалларын билэ сылдьабыт. Батсаап нөҥүө аҥаардас сорудах толоруохтааҕар, оҕолор учууталларын, учуутал үөрэтэр оҕотун көрөн олорон үөрэтэрэ быдан ордук туһалаах, табыгастаах ньыма диэн сэргээтибит. Холобур, мин 50 саастаах төрөппүт, бэйэм сатыырбынан, Zoom сыһыарыыны хачайдаан туттан көрдүм. Үөрэнэ олорор кэмнэригэр оҕо илиитин уунан эппиэттиэҕин баҕардаҕына “Поднять руку” диэн кнопканы баттыыр, оччоҕо учууталга оҕо эппиэттиэн баҕарар диэн экраныгар көстөн кэлэр. Аны учуутал “дуоскаҕа” ыҥырдаҕына “дуоска” диэни баттыыгын, оччоҕо маҥан экран тахсар. Онно араас өҥүнэн суруйуоххун, уруһуйдуоххун сөп. Өссө ити сыһыарыынан туһанан, оҕоҥ ханнык биридимиэккэ ыарырҕатарынан көрөн, эбии репетитор кэпсэтэн көмөлөһүннэриэххин сөп эбит. Эбэтэр, ханнык үөрэххэ ордук интэриэһиргииринэн, эрдэттэн бэлэмнэнэн үөрэнэ да туруон сөп. Маннык үөрэнии кэлин өттүгэр наһаа наадалаах, оҕолорбутугар туһалаах буолуоҕа. Билиҥҥи XXI үйэҕэ сайдыыны кытта оҕолорбут тэҥҥэ хаамтыннар, оҕолорбутун батыһан, төрөппүттэр эмиэ сайдыылаах буолуоҕуҥ! Оҕолорбутун, учууталларбытын өйүөҕүҥ диэн ыҥырабыт!”, — диэн 7-с кылаас төрөппүттэрин аатыттан Дарья Корнилова, Марианна Алексеева санааларын үллэстэллэр.
Ити курдук, Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах оскуолата улууска бастакынан Якласс систиэмэҕэ холбонно, электроннай сурунаалга, дневниккэ көспүтэ быданнаата. Оскуола кэлэктиибэ нэһилиэнньэҕэ ыҥырыы, өйдөтүү, үөрэтии үлэтин күннэтэ кэриэтэ ыытар. Ситимин быспакка кылаастарынан уруоктары ыытан холонон көрөллөр. Оскуола 165 үөрэнээччитин барытын хабан үлэлиир былааннаах күүскэ туруннулар.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru