Кыыллаах кэскилин кыһата тэриллибитэ 155 сылын бэлиэтииллэр

Ааптар: 
29.03.2018
Бөлөххө киир:

Быйыл Өлүөхүмэ оройуонун Кыыллаах нэһилиэгэр оскуола тэриллибитэ 155 сыла. Улууска эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга биллэр дьону үүннэрэн таһаарбыт, үтүө үгэстэрдээх оскуолалартан биирдэстэрэ буолар. Бу үөрэх дьылыттан “СӨ сыл учуутала-2015” куонкурус кыайыылааҕа, “Арассыыйатааҕы сыл учуутала-2016” куонкурус кыттыылааҕа, кэскиллээх 27 саастаах Иннокентий Малгаров дириэктэринэн анаммыта. Эдэр салайааччылыын сэһэргэһиибитин ааҕыҥ.

edersaas.ru


 Сүрэхтэнии

—Иннокентий Иннокентьевич, дириэктэрдээн биир үөрэх дьылын түмүктээн эрэҕин. Санааҕын үллэстиэҥ буолаарай.

—Бастатан туран, олус эппиэтинэстээх. Үөрэхпин бүтэрээт, биэс сыл учууталлаатым. Учуутал үлэтиттэн арыый атын. Үксэ кэллиэгэлэри, докумуону кытта үлэ. Докумуон өттүгэр биир сыл, кырдьык, кылгас кэм буолан уустук соҕус. Төрөөбүт нэһилиэгим, устудьуоннуур сылларбар быраактыкабыттан саҕалаан бииргэ үлэлэспит кэллиэгэлэрим буолан өйдүүллэр, өйүүллэр. Дириэктэринэн анаммыт бастакы сылбар оскуолабыт үбүлүөйэ диэн, Рособрнадзор бэрэбиэркэтэ диэн… Онон, кулун тутар ыйы мүччү түстэрбит, тус бэйэм, сүрэхтэммит курдук сананыам этэ.

—Хас үөрэнээччилээххитий?

—Үс бүтэһик сылы кытта тэҥнээтэххэ, үөрэнээччибит ахсаана уонча оҕонон эбилиннэ. Барыта 178 үөрэнээччилээхпит, 27 педагогическай, 23 тэхиньиичэскэй үлэһит баар. Педагогическай састаап 74 бырыһыана үрдүк үөрэхтээх. Ол эрээри, эдэр кэлэктиип буолан, квалификациябыт намыһах соҕус. Билигин болҕомтону ону үрдэтиигэ уурабыт. Исписэлиистэринэн толору хааччыллан олоробут.

Нэһилиэнньэ кэлиитэ-барыыта элбэх. Эдэрдэр даҕаны олохсуйуулара үгүс. Атын нэһилиэктэри кытта тэҥнээтэххэ, демографиябыт боппуруоһа үчүгэй. Улууска тыа оскуолаларыттан элбэх ахсааннаах оҕолоох оскуолалартан биирдэстэрэ диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Көһөрүүнэн сибээстээн, 2010 сыллаахха Даппарай сэлиэнньэтигэр 220 миэстэлээх, икки мэндиэмэннээх,  аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир, сырдык таас оскуола үлэҕэ киирбитэ. Онон үлэлииргэ, үөрэнэргэ  усулуобуйа баар.

Атын оскуолалартан көһөн кэлбит оҕолор, оҕоҕо сыһыан арыый даҕаны уратытын бэлиэтииллэр. Оҕо санаатын, баҕатын учуоттуур, нууччалыы эттэххэ, “демократичнай” соҕуспут эбит. Үөрэнээччи сыанабыла туохха да тэҥнэммэт хайҕабыл дии саныыбыт. Үөрэнээччилэр санааларын аһаҕастык этинэллэр. Ити хаачыстыба оҕо иитиллэн, личность быһыытынан үүнэн-сайдан тахсарыгар үтүө өттүнэн сабыдыаллаан эрдэҕэ диэн үөрэбит эрэ.

Быйылгы үөрэх дьылыттан тыа сирин аһаҕас адаптивнай оскуолатын (открытая адаптивная сельская школа) быһыытынан сыал-сорук туруорунан үлэлээн саҕалаатыбыт. Бу хайысха сүрүн тутуһар бириинсибинэн — үөрэнээччи санаатын учуоттааһын, кини личность быһыытынан сайдарыгар, билии иҥэринэригэр бары өттүнэн сөптөөх усулуобуйаны олохтооһун.

—Тыа сиригэр үлэлии тиийбит исписэлиистэри дьиэнэн-уотунан хааччыйыы ханна баҕарар уустук боппуруос. Кэлэктиип эдэр диэн этэн аһардыҥ. Тустаах боппуруоһу хайдах быһааран олороҕутуй?

—Кыыллаах оскуолатын бүтэрбит эдэр дьон үөрэнэн,  дойдуларыгар үлэлии кэлэллэр. Онон бары дьиэлээх-уоттаах дьон. Биир кэлии исписэлиис эрэ ыалга олорор. Уоннааҕылара олохтоохтор. Оттон кэрэ аҥаардар үлэлии кэллэхтэринэ бары кэргэн тахсан, дьиэ-уот туттан олохсуйа хаалаллар.

Оскуола бүгүҥҥү олоҕо

—Кыыллаах оскуолата бүгүн туох, хайдах үлэлии олороруй?

—Оҕо бэйэтэ үлэлиир, дьарыктанар кыаҕын үрдэтэр инниттэн оҕо тэрилтэтин күүһүрдэн үлэлэтэн эрэбит. Ол курдук, туспа исписэлиис анаан, хос көрбүппүт. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Дьулуур” хамсааһыҥҥа кыттыһан үлэлиир былааннаахпыт. Кэлин сэминээрдэргэ, куурустарга, сүлүөттэргэ кыахпытынан көрөн ыытан иһиэхпит.

Былырыын 1 мөл. солк. сууммалаах граны сүүйбүппүт. Манна урукку дириэктэрбит Анисия Павловна Макарова, оччолорго дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы, билигин Кыыллаах нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Раиса Еремеевна Лавернова, оройуоннааҕы үөрэх салалтата (начальник Солдатов Андрей Вячеславович) өҥөлөрө улахан. Номнуо тэрилтэни кытта дуогабардаһан, бастакы баартыйаны аҕаллылар. Сүрүннээн материальнай-тэхэньиичэскэй базабытын хаҥатынарга туһанныбыт. Ол курдук, паарта, спортивнай инвентарь, проектор, ноутбук, химия кабинеттарыгар реактив, үөрэххэ аналлаах босуобуйалар…

Түргэн интэриниэтинэн хааччыйбыппыт, оскуолабытыгар Wi-Fi ситимэ үлэлиир. Быйылгыттан кумааҕы сурунаалтан аккаастанан, олоччу электроннайга көстүбүт. Компьютернай кылааспыт интэриниэтинэн толору хааччыллан турар. Оҕолор уруок да кэмигэр, уруогу  таһынан даҕаны киирэн үлэлииллэр. Биллэн турар, араас саайтарга киирбэттэрин курдук контент-фильтрдаах.

Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго туспа усулуобуйаны тэрийдибит. Икки оҕону биир учуутал дьиэтигэр үөрэтэр, оттон биир оҕо оскуолаҕа үөрэнэр. Сүрүн биридимиэттэргэ үөрэнэригэр туспа бырагыраамалаах,  туспа учууталлаах, туспа кабинеттаах. Бу тиэмэҕэ үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы Баишева Ольга Викторовна оскуола иһинэн инновационнай былаһаакканы үлэлэтэр.

Агро хайысханы тутуһан үлэлиибит. Кэлин агрооскуола буолар соруктаахпыт. Ол курдук, былырыын хортуоска олордубуппут, 292 куулу хомуйбуппут. Инньэ гынан кыһыннары сиир хортуоскабытын хааччыммыппыт. Быйыл сайын үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырын тэрийэн, хаппыыста олордор былааннаахпыт.

Эппитим курдук, аһаҕас адаптивнай оскуола буолабыт. Онон атын тэрилтэлэри, хаһаайыстыбалары кытта үлэлэһэр соруктаахпыт. Билигин нэһилиэкпитигэр таһаарыылаахтык үлэлиир хаһаайыстыбалары кытта кыттыһабыт. Былырыын В.А.Ощепков бааһынай хаһаайыстыбатын кытта дуогабардаспыппыт. Биһиги үөрэнээччилэрбитин быраактыкалата таарыйа көмөлөһөбүт, кини биһиэхэ сири тиэриинэн, көмүүнэн, тиэхинньикэнэн  көмөлөһөр.

 

СӨ Наукаларын Аччыгый академиятыгар – үс оҕо

—Хас даҕаны үөрэнээччилэрэ СӨ Наукаларын Аччыгый академиятын чилиэннэринэн буоллулар диэн истибитим. Туох ситиһиилэрдээххитий?

—Үөрэнээччилэрбит араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэһиилэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ өрүү кытталлар. Арассыыйаҕа тиийэ миэстэлэһэллэр. Ол курдук, быйыл икки үөрэнээччибит Аркадий Яковлев (10 кылаас) уонна Матвей Ларионов (11 кылаас) СӨ Наукатын Аччыгый академиятын дьиҥнээх чилиэнинэн, Вася Алексеев (11 кылаас) член-кэрэспэдьиэнинэн буоллулар. Оҕолор тэхэньиичэскэй хайысхаҕа чинчийиилээхтэр.

Спорт өттүгэр ситиһиибит элбэх. Физкултуура учуутала, оҕо спортивнай оскуолатын бокска тренерэ Владимир Владимирович Павлов иитиллээччилэрэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэргэ өрүү миэстэлэһэллэр.

Итини таһынан интеллектуальнай көрүҥнэргэ үчүгэй көрдөрүүлэрдээхпит. Дуобакка норуоттар икки ардыларынааҕы гроссмейстер Ксения Нахова — биһиги оҕобут. Аҕата, технология уруогун учуутала Владимир Альбертович Нахов дуобакка тренердиир. Саахымакка Арсентий Анатольевич Иванов эрчийэр. Бу икки тренербит иитиллээччилэрэ улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ миэстэлэһэллэр. Атын даҕаны хайысхаларга хото кытталлар, миэстэлэрдээхтэр. Робототехникаҕа эдэр кэскиллээх педагог Ньургун Леонидович Банчин дьарыктаан үлэни салҕаата. Күн бэҕэһээ эрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи “РОБОТС» күрэхтэһииттэн ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.

—Оҕолоргут үөрэххэ киириилэрэ хайдаҕый?

—Үөрэххэ киириибит үчүгэй. Оскуоланы бүтэрбиттэртэн 70-80 бырыһыаннара үрдүк үөрэххэ киирэллэр. Кэлин оробуочай идэлэр ааттара-суоллара өрө тахсан, хамнаһа үрдээн, уопсай бэлиитикэ даҕаны оннук хайысханан барар буолан, орто үөрэххэ туттарсыы сыыйа үрдээн эрэр. Быйыл өссө үрдүүр чинчилээх. Оҕолор орто үөрэххэ эрдэттэн былааннанан киирэр буоллулар. Итиэннэ биир үксүн, орто үөрэх кыһаларыгар биир кэлим эксээмэн түмүгэ ирдэммэтин иһин да буолуо. Аны үөрэҕи быраҕыы суоҕун кэриэтэ. Биир үчүгэйэ диэн, ыйыталаһан көрдөххө, Кыыллаах оҕолоро бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар, аһаҕастар, үөрүнньэҥнэр эбит. Сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр нөҥүө барытын билэ-көрө, истэ сылдьабыт.

 

Дириэктэр оскуолаҕа бэлэҕэ

—Иннокентий Иннокентьевич, бэйэҥ идэҕинэн физика учууталаҕын. Өссө хас даҕаны сыллааҕыта оскуола устун, уруокка туһанар араас бытыылкалардаах, бааҥкалардаах көрүдүөр устун хаама сылдьар, үөрэнээччилэрэ кэнниттэн харыс даҕаны хаалсыбакка батыһа сылдьаллар диэн кэпсээн баара. Ол да иһин СӨ “Сыл учуутала” куонкуруһугар кыайдаҕыҥ. Тус ситиһиилэриҥ туһунан кэпсии түс эрэ. Өссө 200 тыһ. солк. суумалаах гранын оскуолатыгар спонсордаабыт диэн иһиллибитэ. Тоҕо, туох санааттан?

— Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты 2012 сыллаахха бүтэрбитим. Хайаан даҕаны учуутал идэтин талабын, дойдубар кэлэн үлэлиэхтээхпин диэн сыал-сорук туруоруммутум. Киэҥ сиргэ хаалар туһунан санаабат да этим. Быраактыкабын өрүү дойдубар Кыыллаах оскуолатыгар барарым. Ол иһин, үлэлээбитим быдан ырааппыт курдук саныыллар эрээри, дьиҥэр, 2012 сылтан эрэ саҕалаатаҕым.

Физика экспериментан турар наука буолар. Онон учууталлыыр эрдэхпинэ, кырдьык, үөрэнээччигэ дириҥ билиини иҥэрэр, судургутук быһаарар инниттэн араас ньымалары туһанааччыбын. Ханнык баҕарар опыты олоҕу, айылҕаны кытта сибээстээтэххэ оҕоҕо быдан тиийимтиэ буолар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл учуутала” куонкуруска 2015 сыллаахха бастаабытым. Инньэ гынан, эһиилигэр бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттыбытым. Куонкурус кэмигэр биир санаалаах дьону-сэргэни кытта билсэн, эйгэм кэҥээн, учуутал идэтин арыый атыннык көрөр буоллум.

Былырыын 200 тыһ. солк. суумалаах дойду гранын сүүйбүтүм. Ону оскуолам хаһаайыстыбатын тупсарыыга ыыппытым. Массыына саппаас чааһын ылыыга, араас оробуочай үстүрүмүөннэри, о.д.а. наадалаах, туһалаах тэриллэри атыылаһыыга. Грант диэн грант, тус бэйэм үлэлээн өлөрбүт ыйдааҕы хамнаһым буолбатах, кэлэктиип барыбыт ситиһиибит курдук сыаналыыбын. Хайҕааһын, көҕүлээһин биир көрүҥэ буоллаҕа, үлэҕэ туһаныллыахтаах диэн санаалаахпын, онон өйдөбүл хааларын курдук оскуолам туһатыгар ыыппытым.

Кыыллаах оскуолатын 155 сыла

—Муус устар 30 күнүгэр Кыыллаах оскуолата төрүттэммитэ 155 сыла. Хайдах бэлэмнэнэ сылдьаҕыт. Үбүлүөйүнэн сибээстээн туох тэрээһиннэр ыытылыннылар.

—Былырыын “Оскуола үбүлүөйүн көрсө 155 үтүө дьыала” диэн аахсыйаны биллэрбиппит. Манна оҕолор, учууталлар, урукку сылларга үөрэммит дьон ким баҕалаах барыта кытынна. Кыралаан оскуолабыт иһин-таһын тупсардыбыт, бэлэмнэннибит. Күһүн оскуола олбуоругар оҕолор төрөппүттэрин кытта 155 мас олордубуттара. Маны педагог Кристина Эдуардовна Торговкина иилээн-саҕалаан ыыппыта. “Газпром” бэлэхтээбит оҕо былаһааккатын туруорбуппут. Үөрэнээччилэр технология учуутала Зоя Садотовна Малгарова көмөтүнэн оскуола хас биирдии түннүгэр барытыгар араас кырасыабай сабыы (штора) тигэн бэлэхтээтилэр. Инньэ гынан, үөрэнээччилэрбит бэртээхэй бэлэҕи толкуйдаатылар. Төрөппүттэр Жанна Халитовна, Константин Филиппович Анисимовтар фанеранан Аал Луук мас оҥордулар. Аал Луук мас оскуола биир улахан саалатын киэргэтиэхтээх. Үбүлүөй кэмигэр оскуола түмэлин саҥа саалатын аһар былааннаахпыт. Ону таһынан тиэмэлэринэн наардаан быыстапкалары туруоруохпут, интерактивнай устуудьуйалар, выпускниктар параадтара тэриллиэҕэ. Манна барытыгар дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Туйаара Александровна Банчина үлэлэһэр. Оскуолабыт сырдык, ыраас буоларыгар хаһаайыстыбаннай чааска дириэктэри солбуйааччы Светлана Егоровна Слепцова уонна тэхэньиичэскэй  үлэһиттэрбит элбэх үлэни ыыттылар. Үгүс выпускник, оскуолаҕа араас кэмҥэ үлэлээн ааспыт үлэһиттэр ыалдьыттыы кэлэллэрин күүтэбит. Оскуола үлэһиттэрэ, оҕолор, төрөппүттэр таптыыр оскуолабыт 155 сылын көрсөргө бэлэммит.

Ити курдук, Валентина Спиридоновна, Садот Моисеевич Малгаровтар педагог-дьиэ кэргэн 125 сыллаах династияларын күн бүгүн сиэннэрэ Иннокентий Иннокентьевич салгыыр. Эдэрдии эрчимнээх, аныгылыы көрүүлээх, үгүс былааннаах дириэктэр.

 

Ыспыраапка

Кыыллаахха оскуола сайдыытын хронологията

(“Кыыллаах Арыы кэскилин кыһата” кинигэттэн)

1863 с. – олохтоох атыыһыттар Степан Идельгин (I Нөөрүктээйи), Сергей Корнилов, Павел Одинцов (Кыыллаах), Василий Сокорутов (Уолбут) үптэринэн көһө сылдьар оскуола уонна Кыыллаахтааҕы биир кылаастаах инородческай начаалынай училище тэриллибитэ.

1887 с. – Церковнай-приходской оскуола арыллыбыта.

1920 с. – алын сүһүөх оскуолаҕа кубулуйбута.

1934 с. – Саха АССР Үөрэҕириитин народнай комиссариатын көрдөрүүлээх оскуолатынан (дириэктэр Д.П.Попов) буолбута.

1944 с. – оскуола 7 кылаастаах буолбута, интэринээт бары кыаҕынан үлэлээбитэ (дириэктэр М.П.Евмененко).

1962 с. – оскуола 8 кылаастаммыта (дириэктэр П.П.Ощепков).

1972 с. – орто оскуолаҕа кубулуйбута (дириэктэр С.М.Малгаров).

1993 с. – СӨ национальнай кэнсиэпсийэтин олоххо киллэрии базовай оскуолатынан буолбута (дириэктэр С.М.Малгаров).

2010 с. – көһөрүүнэн сибээстээн өрүс уҥуор Даппарай с. таас оскуола тутуллубута (дириэктэр А.П.Макарова).

2017 с. – И.И.Малгаров дириэктэринэн ананан үлэлии сылдьар.

Оскуола бүгүҥҥү олоҕун туһунан http://кыллахскаясош.рф саайтан билсиэххитин сөп.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0