Кыыл Уолун Ытык бэлиэтэ — Уус Алдаҥҥа

Бөлөххө киир:

 Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 120 сылыгар анаан удьурхай тэллэхтээх, сиэдэрэй ситиилээх, Аар Баҕах сэргэлээх, Кыһыл көмүс солотуулаах Кыыл Уола бүүстээх Ытык Бэлиэ эстафетатын Эҥсиллэр Эҥсиэли улууһун илин биэрэгэр   2-с Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Л.Н.Новгородов кулун тутар  10 күнүгэр,  Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгин делегацията баһылык М.М.Белолюбскай салайааччылаах Нам 2-с Хомустаах уонна Уус Алдан Баатаҕай нэһилиэгин  кыраныыссатыгар айах тутан көрүстүбүт.

edersaas.ru

Кулун тутар 11 күнүгэр Ытык Бэлиэ Уус Алдан улууһугар Баатаҕай нэһилиэгэр бастаан кэлбитинэн, олохтоох бэйэни салайыныы дьаһалтатын баһылыга Михаил Михайлович Белолюбскай нэһилиэгин олохтоохторугар, оҕолорго Ытык бэлиэ айанын, Кыыл Уола айар үлэтин, үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрдэ. С.А.Зверев 100 сыллаах үбүлүөйнэй өйдөбүнньүк бэлиэтин хаһаайката, Баатаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Троева Вера Иннокентьевна, биир дойдулааҕа Сунтаартан төрүттээх, Баатаҕай кийиитэ, Баатаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Готовцева Светлана Дмитриевна дириҥ ис хоһооннох ахтыыны оҥордулар.
Бу күн Баатаҕайдааҕы “Түмэн” Этнокультурнай киин дьиэтигэр нэһилиэкпит олохтоохторо, түмсүүлэрэ “Алгыс” аҕа көлүөнэ сал. Бурнашева А.П., “Алааас Хотун” дьахталлар түмсүүлэрэ сал. Сивцева В.Д., “Сардаҥа” инбэлииттэр түмсүүлэрэ сал. Гоголева Е.Д., ыччаттар муһуннулар.“Уолан” хоһоонньуттар бөлөхтөрө ”сал. Сивцева В.И. 1943 с. суруллубут “Сэриигэ барааччы ырыата” хоһоонун ааҕан, “Күнчээн” оҕо уһуйаанын итиллээччилэрэ сал. Готовцева С.И. тойуктаан эҕэрдэлээтилэр. Бары кэлбит олохтоохтор С.А. Зверев-Кыыл Уолун айымньыларын быыстапкатын билистилэр, “Оһуорун” үҥкүүтүгэр олоҕуран 9 Мэҥэ хамсаныыны уонна оһуокай түһүлгэтигэр көхтөөх кыттыыны ыллылар. Кыыл Уола баай ис хоһоонноох олоҕун, саха омук төрүт култууратын, үтүө үгэстэрин өлбөт-сүппэт үйэлээн, айан хаалларбыт ураты нэһилиэстибэтин үүнэр көлүөнэ үөрэтэ, чинчийэ, тарҕата туруо диэн бигэ эрэллээхпит.

 Л.Р.Готовцева, «Түмэн» ЭКК дириэктэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0