Кыыһар кыһыл хаалтыстаах пионердар этибит!

Ааптар: 
19.05.2022
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын  19 күнэ — бу улуу сирдьит В. И. Ленин аатынан Бүтүн сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ төрөөбүт күнэ. Бүгүн сэбиэскэй пионерия 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтиир.

Биһиги, билигин кыырыктыйбыт баттахтаах аҕамсыйбыт дьон — 40-с, 50-с   , 60-с, 70-с, 80- с сыллардааҕы пионердар, бу күнү үөрэ — көтө, киэн тутта көрсөбүт!

Биһиги оҕолор этибит, биһиги Элиэнньин сиэннэрэ пионердар этибит.

Бу кылгас суруйуубар ахтан ааһыахпын баҕарабын төлөннөөх пионер баһаатайбын Слепцова Нина Ильиничнаны.

Оччолорго кини Мэҥэ — Хаҥалас оройуонун 2-с Баатара нэһилиэгин Советскай Сойуус Дьоруойа Ф.К. Попов аатынан 7 кылаастаах оскуолаҕа  ыстаарсай пионер баһаатайынан үлэлиирэ. Дружинабыт эмиэ Дьоруой аатын сүгэрэ. Нина Ильинична — сытыы сирэйдээх — харахтаах, эрчимнээхтик туттубут — хаптыбыт

нуучча   дьахтара этэ. Сахалыы бэркэ саҥарара. Пионерскай үлэ оскуола, бөһүөлэк иһинэн күөстүү оргуйара! Ыстаарсай баһаатайбытын батыһан биһиги, пионердар, араас өрүттээх үлэни ыытарбыт: тимуровскай хамсааһын, «Ыраас олох иһин!» рейдэлэр, хаарбах тимири, макулатураны хомуйуу, оскуола музейыгар экспонаттары булан аҕалыы, фермаҕа субуотунньук, сэрии кыттыылаахтарын кытта көрсүһүүлэр, ахтыылары суруйуу, эркин хаһыатын таһаарыы, кэнсиэрдэри, биэчэрдэри тэрийэн ыытыы. Ордук чаҕылхайдык мин өйбөр олорон хаалбыттар пионерскай сбордар, сүлүөттэр, похуоттар. Сүлүөккэ оройуон киинигэр Майаҕа киирэрбит, палаточнай куоракка олорорбут, стройунан ырыалаах хаамыыга, речёвкаҕа күрэхтэһэрбит. Төрөөбүт кыраайбыт устун похуокка барарбытыгар баһаатайбыт Нина Ильинична инники хаамара уонна күүстээх лыҥкынас куолаһынан пионерскай ырыалары ыллыыра. «Взвейтесь кострами синие ночи!», «Орлёнок», «Баклажечка походная», » Долгун курдук куугунаан…», «Эниэ күөх отун устунан эдэр этэрээт истэ…» о. д. а. ырыалары ыллыырбыт!

Киэһэтин улахан кутаа отторбут уонна тула олорон, кэпсэтэрбит, сырдыгы ыраланарбыт.

Ыстаарсай пионер баһаатайбыт Нина Ильинична — биһиэхэ улахан доҕорбут курдук этэ, киниттэн элбэххэ үөрэммиппит: доҕордуу буоларга, бэйэ — бэйэҕэ көмөлөсүһэргэ, саҕалаабыт дьыаланы тиһэҕэр тиэрдэргэ, туохха барытыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарга.

Мин Н.И. Слепцова баһаатайдыыр кэмигэр этэрээт уонна дружина сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим, салайар үлэҕэ баскы хардыыларбын оҥорбутум. Бу барыта кэлин комсомол райкомугар инструкторынан, оскуолаҕа учууталынан, иитэр үлэни тэрийээччинэн үлэлиирбэр төһүү буолбута.

Оҕо — ыччат кутун туппут ыстаарсай пионер баһаатайбытын Нина Ильинична Слепцованы куруук умнубаппын, дириҥ  махталынан ахтабын.

Елена Прокопьева, 60-с сыллардааҕы пионерка, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.

Хаартыскалары: Е.Прокопьева ыытта

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0