Кытыы нэһилиэктэр 2G/3G ситимҥэ холбонуохтара

11.09.2017
Бөлөххө киир:

Суотабай сибээс, интэриниэт өҥөлөрүн өрөспүүбүлүкэҕэ күүскэ сайыннарар сыалтан, Илиҥҥи экономическэй форум кэмигэр СӨ бырабыыталыстыбата Россия биир улахан мобильнай оператора – «МегаФон» ПАУо-ны кытары сөбүлэһии түһэристэ. edersaas.ru

Киин сиртэн ыраах уонна киэҥ сири тайаан олорор буоламмыт, суол-иис, сибээс, электроэнергетика боппуруостара тыын суолталаахтар. Өссө урукку сыллардааҕар арыый да сэргэхсийии баран, оннооҕор кытыы сытар нэһилиэктэр суотабай сибээһинэн хааччылыннылар. Владивостокка түһэрсиллибит сөбүлэһиигэ олоҕуран, «Мегафон» хампаанньа сибээс саҥа ситимнэрин, станцияларын тутуоҕа уонна түргэн сырыылаах мобильнай интэриниэтинэн олохтоохтору хааччыйарга бары күүһүн ууруоҕа.

СӨ Сибээһин уонна информационнай технологияларын министиэристибэтин чахчыларынан, суотабай сибээһинэн өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 99%-на хааччыллан олорор.

4G (LTE) түргэн сырыылаах мобильнай интэриниэтинэн нэһилиэнньэ 65%-на туһанар. Бу региоҥҥа телеком сайдан иһэрин бэлиэтиир. «Мегафон» ПАУо Уһук Илиҥҥи регионун филиалын салайааччыта Андрей Левыкин иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ LTE уонна LTE-Advanced ситимнэр сайдан эрэллэрин таһынан, кыра нэһилиэктэр 2G/3G ситимҥэ холбонон эрэллэр.

Анивера АКИМОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0