Кытыл Дьураа олохтоохторо минерализованнай балаһа оҥороллор

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун  Малдьаҕар нэһилиэгэр турбут ойуур баһаара Кытыл Дьураа сэлиэнньэтиттэн 13 километрдаах сиргэ баар.

Нэһилиэк баһылыга Николай Осипов этэринэн, ити уот бэс ыйын 23 күнүттэн көрдүгэннээн, 300 гектар тыаны сиэбит. «Билигин баһаар Отордуурга баар. Ону умуруора түөрт тыраахтардаах 30 киһи үлэлии сылдьар, – диир Николай Петрович.

Бу өрөбүл күннэргэ кинилэр биэс километр усталаах минерализованнай балаһы оҥордулар. Баһаары утары үлэ салҕанар диэн улуус пресс-киинэ иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0