Хаҥалас улууһугар Кытыл Дьураа олохтооҕо Виталий Сакердонов сайылыгар эриэн үөнү булбутун туһунан иһитиннэрии бу күннэргэ батсаап ситиминэн тарҕанна. Көстүбүт үөн бары сибикилэринэн бу гадюка диэн ааттанар дьааттаах моҕойго майгынныыр. “Бу сарсыарда миэтирэ кэриҥэ усталаах эриэн үөнү сайылыкпар киирбитин буллум. Тутан баран өлөрбөтүм, чугас баар үрэххэ илдьэн ыыттым”, — диэн суруйбут Виталий Сакердонов. Кини этэринэн Кытыл Дьураа чугаһынан гадюка элбээбитэ биллэр, былырыын сайын баһаары умуруорааччылар үс моҕойу туппуттара биллэр.
Моҕой бу көрүҥэ Саха сиригэр Ленскэй, Өлүөхүмэ, Хаҥалас улуустарыгар үөскүүр. Саха сиригэр гадюка Кыһыл кинигэҕэ киирбит харыстанар көрүҥ. Герпетологтар этэллэринэн гадюка бэйэтэ киһиэхэ саба түспэт, ол эрээри, алҕас үктээтэххэ, тута сатаатахха көмүскэнэн «тигиэн» сөп. Онон моҕой үөскүүр сирдэригэр эрэһиинэ саппыкыны кэтэри сүбэлииллэр, уонна, биллэн турар, тута сатыыр улахан сыыһанан ааҕыллар. «Ытырыллыбыт» киһи тута быраас көрүүтүгэр атаарыллыахтаах. Гадюка дьаатыттан улаханнык эмсэҕэлиэххэ сөп, сорох түгэннэргэ киһи өлүөн да сөп.