Күтүөккэ хомолто

Ааптар: 
18.02.2023
Бөлөххө киир:
суруйааччы бөрүөтэ

…Итинник буолуо суохтааҕа эбээт! Даайыһым, чыычааҕым, доҕорум, кэрэчээнэм төрүү барарыгар балыыһаҕа илдьэрбэр даҕаны, иккиэн тугу да сэрэйбэтэхпит. Күннээҕинэн кыргыттарын дьаһалын күлэ-үөрэ сорудахтаабыта, барыта этэҥҥэ буолан тахсарыгар тугу аҕаларбын санаппыта, сып-сылаастык куустуһан, сып-сымнаҕастык сыллаһан арахпыппыт баара…
Ол кэннэ олоҕум түүл-бит курдук буолбута. Бу сымыйа, омун тыллар буолбатахтар. Чахчы итинник буолар эбит. Аһыырыҥ амтана суоҕа, саҥа таһааран кэпсэтэр кыаҕыҥ сүтэрэ, тугу да сэҥээрэриҥ барыта өһүллэн-сүтэн хаалара баар эбит этэ, иэдээн иккис өттө. Бэйэбин ыһыктынан кэбиһиэхпин, хайдах да сатаммат этэ. Санаабар Даайыһым киирэн кэлиэхтээх курдуга. Туох эрэ сыыһа-алҕас тахсыбыта көнүөхтээх
дьылҕаланара суох буоллаҕа эбээт, кыһыыта. Тиһэх суолугар да атаарарбар, кэргэним барахсаны билиминэ сыспытым, кубарыйан, кумааҕы курдук сэбэрэтэ киһи атыҥырыах айылааҕа… Оттон мин Даайыһым сэгэйэ үөрбүт мөссүөнэ, чаҕылыһа оонньуур харахтара, чуораанныы лыҥкыныыр куолаһа… бу сытар барахсаҥҥа ырааҕынан маарыннаабата! Ол да гыннар иэдээни ылынарга тиийбитим, доҕорбун букатыннаахтык сүтэрбиппин, аны кэргэним диэн киэн тутта ааттыырбыттан маппыппын өйдөөбүтүм.
Оо, дьон диэн дьиктилэр даҕаны. Мин, эдэр киһи, ити ынырыктаах иэдээҥҥэ түбэһэн өйө-мэйэ суох сылдьар сордоох оннооҕор биир түгэни сөҕө да санаабытым. Киһи кыһалҕаҕа түбэстэҕинэ, билэр-билбэт дьонуҥ үс аҥы хайдаллар эбитин кытаанахтык өйдөөбүтүм: эн аһыыгын үллэстээччи, иэдээҥҥин тэҥҥэ уйааччы-өйөһөөччү уонна буруйдааччы булгуччу баар эбитин. Ханнык эрэ түгэҥҥэ миэхэ иһиллибитигэр соһуйбутум, хатыылаах да соҕустук саҥараллар, сэтэрииллэр эбит! «Сэрэйбит сэрэх, ити эрэ, дойду сир уола булгуччу уолла төрөт диэбит буолуохтаах, ол иһин Даайыс үһүс кыыһыгар сананааччы буолан суорума суолланна», «Дьэ, ол да иһин, эрдэ барыах эрдэ барыах курдук этэ, наар сиэттиһэ эрэ сылдьаахтыыллара, бэркэ диэн дьоллорун кистээбэт адьынаттаахтара, онтукалара ити»… Абаккардарбын да хайыам баарай? Хас киһи айаҕын саба тутуоҥуй, «оннук буолбатах» диэн кими уолуктуоҥуй?!
Мин ити саҕана атын кыһалҕалаах этим эбээт. Уу кыһыл оҕобун бэйэм баран балыыһаттан аҕалбытым. Оҕобун, ити дьон курдук, туохха да буруйдуур са наам суоҕа. Даайыһым барахсан миэхэ ыыппыт бэлэҕин курдук сүрэхпэр ыга тутан баран ыытыахпын баҕарбат турукка киирбитим. Онон олоҕу салгыы олоруохтаах дьон биһиги түөрт эрэ буолбуппут. Кыргыттарбыныын бэйэбит, дьиэбитигэр кутугунаһан олорбуппут. Бастакы сылларга кэргэним ийэтэ барахсан кыра кыыспын көрсөн көмөлөспүтэ. Онон туһанан мин үлэлээбитим, син хамнастанан олорбуппут.
Иэдээҥҥэ ыллардым диэн мин, кырдьыгы этэбин, кимиэхэ да ытана-соҥноно барбатаҕым. Аһыыбын наар үлэбинэн тумнарарым. Санаабар миигин үөһэттэн Даайыһым көрөн турарга дылыта. Утуйаары сытан күннэтэ киниэхэ — кэргэммэр эрэ туһаайан отчуоттуурум. Сылаалаах күн түмүгэр эһээхэйим ииктээбит-саахтаабыт бөлүөҥкэлэрин сууйарым. Ол туран наар инники кыргыттарбытыгар тэҥнээн ахтылҕаным кэлиилии эргийэ турара. Оччолорго, Маайыспыт төрөөтүн эргин, бөлүөҥкэни чараас быһаҕынан кыһыйа турарбын көрөн, сэгэрим барахсан оҕотун көтөхпүтүнэн аттыбар кэлэрэ уонна эһээхэй кыыстыын кэпсэтэрэ:
— Чыычаах, көрүүй, паапаҥ эн бөлүөҥкэҕин сууйар. Бу оҕобут туһалаабытын диир, ол аата аһаабытын барытын иҥэриммит уонна ордугун бу таһаарбыт диир!
— Оннук буолумуна! Маайыскабыт оҕолоро очоҕосторо бэркэ үлэлээбиттэр, бу үчүгэйин! — диэн тэҥҥэ мин уопсарым…
Ситигирдик Татыйааспытын эмиэ улаатыннарбыппыт. Оттон билигин, мин хайдах да гынан саҥа таһааран оҕобун кытта кэпсэтэр кыаҕым суоҕа. Көннөрү, күүһүм муҥунан оҥоро сатаан:
— Чээн, оҕом туһалаабыта үчүгэйин, — эрэ диирим.
Онуоха хардарсар кэргэним суоҕа ыарахана оччо этэ. Тулам барыта курус, кэри-куру. Кыракый, эргэ дьиэбит түннүктэрэ сууйуллубут таҥас сиигиттэн, харах уутун тохпуттуу, таммахтарынан ытыыллара. Оҕолорум дьагдьайыахтара диэн күүскэ оттубут оһоҕум сойоро да түргэнэ. Амтаннаахтык астанартан тэйэн, чыычаахтарым хааһыларын, торуойдарын тобоҕун холбоон үссэнэр идэлэммитим. Ардыгар, аһынан буолуо, эмээхситтэр чэйгэ ыҥырдахтарына, «оҕолорбуттан ордон онно ойдомуй» диэн сөбүлээбэт, барбат этим. Арай барыбытын тэҥҥэ ыҥыраллара буоллар, хайыам эбитэй эрээри, биирдэ да, ким да оннук гымматаҕа. Түүҥҥү киэһэ уу чуумпу дьиэм иһэ курустук миигин кууһара. Соҕотохсуйуу хаһыыта куолайбар хаайтарбыта. Хараҥа сарсыарданан кырачааммар үүт сылытан иһэрдэрбэр наһаа да хараастарым:
— Оо, бу таас бытыылка оннугар барахсаным сыыһа ийэтин көмүскэ тэҥнээх иҥэмтэлээх үүтүн эмэн, соппойо олороро буоллаар… — диирим.
Ким да билбэт, көрбөт этэ, мин аһыы амтаннаах хараҕым уутун.
Саҥа дьыл чугаһаатаҕын аайы кыргыттарым Тымныы оҕонньортон кэһии ылаары ырыа-тойук бэлэмнээн чаҕаарыһаллара. Биир киэһэ дьыссааппытыттан дьиэлээн истэхпитинэ, билигин да көтөххө сылдьар кырачааным:
— Аҕаа, тохтоо эрэ, мин бу хаар устун хаамыахпын баҕарабын, — диэн чуопчаарбыта.
Богдоччу таҥныбыт оҕом барахсан, түөрэ-маары бадьаалаан хаампыт кып-кыракый хаатыҥкатын суола харахпар бу баардыы көстөр. Оччугуйкаан бэйэтэ үрүҥ туллук курдук сырдык хааннааҕа, чорбойбут уоһа куруутун кус-хаас саҥалааҕа. Көрбүт эрэ дьон үксэ:
— Улааттаҕына үчүгэй, кэпсээннээх кыыс буолсу. Ийэтигэр олус да маарынныыр, — дэһэллэрэ, харахтарынан таптаан ымманыйаллара.
Ол киэһэ тоҥуу хаар устун иһэн, халыҥ сонун курдаан кэбиспитим иннигэр мунньуллан, киһи күлүөх курдук ынайбыт истээх:
— Аҕаа, көр, мин чыычаах курдукпун, сотору көтүөҕүм… оол ыраах-ыраах сулуска… — дии-дии, субу көтүөхчэ курдук туттан, кып-кыра илиитин даллаппыта уонна:
— Аҕаа, көтө-өх… сылайды-ым… — диэбитэ.
Оччолорго ийэ, аҕа тапталын икки бүк сүкпүт эдэр киһи үс оҕобор баардара-суохтара мин эрэ этим. Эбэлээх эһэбитин, саастаах дьон диэн харыстааммыт, кинилэри түбүгүрдүбэт буола сатыырбыт. Биирдэ эмит охсуллан, ахтылҕаннарын таһааран, ыалдьыттаан ааһарбыт.
Кэргэним бараахтаабыта син хас эмэ сыл ааспыта. Үс чыычаах кыргыттарым чубугураһар күйгүөрдэригэр аһыыбын мүлүрүтэ, умна быһыытыйарым, хараастыбыт сирэйбин-харахпын киэр үтэрим. Кинилэр ньуу-ньаа саҥаларынан, оокколорум киэһэ-сарсыарда күлэ-оонньуу туллуктанар олохторунан олорорум. Биирдэ да онно-манна аралдьыйан, кэлбэт-барбат киһини соччо-бачча хаайсыбаттар да этэ. Ол быыһыгар бастаан утаа хам-түм быстах ыалдьыттар охсуллан ааһаллара ханна барыай.
— Хайа доо, ыл, арый! Кыратык кут, аһыы утаххыттан амсат. Биһиги эн аһыыгын үллэстэ, санааҕын уос кута кэллибит, ааҥҥын ас! — олохтоох уолаттар арыгы көрдөөн, ардыгар ааммытын дибдийэн чуумпу түүлбүтүм аймыыллара. Оччоҕо уһуктан ытаабыт кыһыл оҕобун оронуттан ылан, чүмэчим уотунан сырдатынан, бэйэбэр ыксары кууһарым, оҕобун уоскутаары киҥинэйэн ыллыырым.
— Утуйбакка сытаҕын дии, түннүгүнэн чүмэчиҥ уота кыламныыр, ааҥҥын ас! — диэн буокка көрдөөн боруоктаһан, тууйуллубут санаабар эбии таһаҕас кэриэтэ буолаллара.
Төһө да сүрэхпэр ыттарбытым иһин, аһыы утаҕынан иэдээммин мүччүрүтэр кыаҕа суохпун билэрим, ол иһин чугаһыыр санаам да суоҕа. Онон хаһан даҕаны арыгыны иһэн оҕолорбун куттаабатаҕым. Дьон ортотугар туттуна сатыырым эрээри, кыһалҕам миэнэ түүн кэлэрэ. Даайыһым барахсан суоҕа хайдах биллиэ суох тааҕай? Курус, кураанах дьиэ, иккиэн дьоллоохтук күлэ-үөрэ, күө-дьаа кэпсэтэ, эйэргэһэ олорор курдук этибит да… эмискэ сатыылаабыт уу чуумпу миигин наһаа баттыыра. Ахтарым, суохтуурум, туоххаһыйарым, сүтүкпүн итэҕэйиэх санаам кэлбэтэ, ити ыар дьылҕалыын иллэһиэх баҕам эмиэ суоҕа. Ол иһин санаам олус тууйуллан, күн аайы кэриэтэ кэргэним уҥуоҕар барарым. Төһө да саха киһитигэр «утуйбут» киһини уйгуурдар аньыытын биллэрбин, син биир тиийэ турарым. Ытыырым, саҥата суох араамалаах хаартыскатын көрөн баран олорорум. Биирдэ тоҥуу хаар устун кэргэммэр сүүрэн иһэн сыыһа үктэнэн умса баран түспүппэр, үрдүбүнэн суор хаһыытаабыта. Мин эмиэ хаһыытыах санаам киирбитэ, тыын ылан халлаан диэки хантайан тоҕо эрэ бөрөлүү улуйбутум, суордуу хаһыытаабытым. Итирбиттии мэйиим эргийбитэ, тыыным кыараабыта. Тапталлааҕым көмүс уҥуоҕун аттыгар бүк түһэн олорон, туох өйбөр кэлэринэн, үлүбээй кэпсэтэн барбытым. Санаабар кини миигин истэрэ. Ол кэннэ, син чэпчээбиккэ дылы сананан, эмиэ сирдээҕи олохпор төннөрүм…

САРДААНА,

«Күтүөккэ хомолто» (Айар, 2022) кинигэтиттэн быһа тардан.

Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0