“Кыталыкка” – таҥыллар дьиэ

Ааптар: 
05.04.2020
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Аллайыахаҕа баар “Кыталык” пааркатыгар Дьокуускайтан суолу баттаһа таһаҕас тиийдэ.

edersaas.ru

Ол курдук, национальнай паарка сиригэр-уотугар туруохтаах хомуллар дьиэни куораттан Биология института уонна “Кыталык” пуондата ыыппыттар. Хомуллар дьиэни массыынанан ыытыыга биология наукатын дуоктара Николай Гермогенов сүүрбүт-көппүт.
Онон биирдэм урбаанньыт массыынатынан ыраах тиэллэн тиийбит таһаҕаһы Аллайыаха улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин үлэһиттэрэ сүөкээбиттэр.
Аны дьиэни хомуйа сылдьаллар. Анараа миэстэтигэр илдьэн хомуйуохтарын көтөҕөр кыраан эҥин көмөтө наада эбит. Ол иһин, Чокуурдаахха бэйэтигэр таҥа сылдьаллар. Дьэ, онтон суолу баттаһа, тиэхиньикэ булан, “Кыталыкка” состорон илдьиэхтэрэ.
Бу таҥыллар дьиэҕэ сайын “Кыталыкка” кэлэр учуонайдар олоруохтаахтар. Урукку дьылларга сайыҥҥы кэмҥэ үгүс учуонай омук сирдэриттэн кэлэн, кыталыгы, атын туундара көтөрдөрүн үөрэтэн, сайылаан кэриэтэ барааччылар.
Быйыл сайын вируһунан сибээстээн кэлэллэрэ биллэ илик. Ол да буоллар, тутуу ыараханнык ыытыллар усулуобуйалаах сиригэр маннык таҥыллар дьиэни ыыппыттара үчүгэй.

Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат.
Хаартыска: Аллайыаха иниспиэксийэтиттэн ыыттылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0