“Кыталыкка” сөмөлүөт олордо

Ааптар: 
17.06.2020
Бөлөххө киир:

Бөөлүүн түүн Аллайыаха улууһун “Кыталык “ харыстанар сиргэ (заказнигар) 2 миэстэлээх кыра сөмөлүөт кэлэн олордо.

Сөмөлүөт Норильскайтан иһэр. Бу сөмөлүөтүнэн муора кустарын уонна хаастарын үөрэтэр учуонайдар сылдьаллар. Кинилэр Саха сиригэр кэлэн үлэлээбиттэрэ иккис сыла буолбут. Былырыын Өлөөҥҥө уонна Өлүөнэ өрүс тардыытыгар үлэлээбиттэр.

Учуонайдар Аллайыахаҕа алта күн үлэлиир былааннаахтар. Ураты харыстанар сиргэ-уокка үлэлииргэ көҥүллээхтэр.

“Кыталыкка”  суотабай сибээс мөлтөхтүк үлэлиир буолан, быста-быста да буоллар, итинник кэпсэттибит. Кинилэргэ миэстэтигэр аллайыаха улууһунааҕы экология иниспиэксийэтин үлэһиттэрэ көмөлөһүөхтэрэ.

Женни СТРЮКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0