Кыталык хас сымыытын хомуйдулар?

Ааптар: 
18.06.2021
Бөлөххө киир:

Ханна, хас сымыыты хомуйбуттарын туһунан манна ааҕыҥ.

Бу хаартыскаҕа көстөр сымыыт ханнык көтөр сымыыта буолуой? Кыталык! Бэҕэһээ “Эдэр саас” саайтпытыгар Аллайыахаҕа анал үөрэхтээх исписэлиистэр, учуонайдар кыталык сымыытын хомуйа кэлбиттэрин туһунан кэпсээбиппит.

Бэҕэһээ учуонайдар Аллайыаха киэҥ нэлэмэн туундаратыгар бөртөлүөтүнэн тиийэн, кыталык сымыытын хомуйдулар. Хомуйуу диэн, эттэххэ дөбөҥ эбит. Сүрдээх сылаалаах үлэ дииллэр. Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут кыталыктар барахсаттар тыаһы-ууһу биллилэр да, уйаларыттан көтөн хаалаллар. Онон сымыыты көрдүүр уустугурар, тула өттүгэр туундара эрэ көстөр дииллэр ыраахтан кэлбит ыалдьыттар.

Дьэ, оннук күнү быһа хааман, күөрэ-лаҥкы үктэнэн, уу-хаар бөҕөнү кэһэн икки уйаттан икки сымыыты хомуйбуттар. Уонна анал инкубаторга укпуттар.

Бүгүн эмиэ Орто Халыматтан Чокуурдаахха көтөн кэлэр бөртөлүөтүнэн салгыы хомуйа барыахтара. Кинилэр уон устуука сымыыты эрэ хомуйарга анал тэрилтэлэртэн көҥүллээхтэр.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: Аллайыаха улууһун экологияны кэтээн көрүүгэ иниспиэксийэтэ тиксэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0