Быйылгыттан ыла туризмы сайыннарыыга Кытай туристарыгар болҕомто ууруллуута кэм ирдэбилинэн буолла.
edersaas.ru
Ол курдук, кэлиҥҥи сылларга кытай туристарын курдук аан дойдуну кэрийэр омук суох. Москва куорат Кыһыл болуоссата күн аайы кытай туристарынан толору. Бу омук дьоно турист быһыытынан былдьаһыкка сылдьаллара — баар чахчы.
Ил Дархан Айсен Николаев Саҥа дьыллааҕы каникул бүтээтин кытта, Кытай Хэйхэ куоратын мэрэ былырыыҥҥы сыл бүтэһигэр саҥа анаммытын быһыытынан, бииргэ үлэлээһиҥҥэ саҥа саҕахтары тобуларга Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастайааннай бэрэстэбиитэл Георгий Никоновка анаан сорудахтаабыта.
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Михаил Захаров Томтор нэһилиэгин баһылыга Никифор Протопоповы кытта Саха сирин официальнай дэлэгэссийэтигэр киирэн, Амур уобалаһыгар уонна Кытай Хэйхэ куоратыгар командировкаҕа сылдьан кэллилэр.
Сырыы сүрүн соруга — Кытай Өрөспүүбүлүкэтин Хэйлунцзян провинциятын Хэйхэ куоратын кытта бырааттыы сибээстээхтик бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабардаах улуустар уонна тэрилтэлэр салайааччылара ахсынньыга саҥа талыллыбыт куорат мэрин кытта билсиһиилэрэ, үлэ саҥа тосхоллорун дьүүллэһии, Саха сиригэр туристар болҕомтолорун тардыы.
— Быйылгы сыл саҥатыттан ханнык-туох тэрээһиннэргэ үлэлэһэрбитин быһаарыстыбыт. Бу оробуочай сырыыга Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Өймөкөөн улуустарын баһылыктара, «Туймаада» ФАПК, Дьокуускайтан медицинэ кииннэрин салайааччылара сырыттылар. Ахсынньыга Хэйхэ куорат мэринэн тойон Ма Ли талыллыбыта. Онон саҥа салайааччыны кытта билсэн, бэйэ-бэйэбит санаабытын, үлэ уопутун атастаһан астынан тарҕастыбыт. Бу кэпсэтии сүнньүнэн Арассыыйа уонна Кытай икки ардыларынааҕы кыраныыссалаһар куораттар быыстапкаларыгар, Улахан Хэйхэ арыыга норуоттар икки ардыларынааҕы эргиэн уонна экэнэмиичэскэй салаа дьаарбаҥкатыгар кыттыыны ылар туһунан боппуруостары дьүүллэстибит. Ону тэҥэ, Хэйхэ куорат бөдөҥ промышленнай тэрилтэлэрин үлэлэрин кытта билистибит, — диэн кэпсиир Михаил Захаров.
Хэйхэ куоракка сырыы чэрчитинэн, Өймөкөөн улууһун дэлэгээссийэтэ Амур уобалаһыгар кытай туристарын кытары үлэлэһэр «Феникс» туристскай бюро салалтатын кытта көрүстэ.
Ол туһунан улуус баһылыга Михаил Захаров бу курдук билиһиннэрэр:
— Биир сүрүн кэпсэтии Благовещенскайга Уһук Илиҥҥи уокурукка ааттаах-суоллаах туризмынан дьарыктанар «Феникс» туристскай бюро генеральнай дириэктэрэ Александр Кивалы кытта көрсүһүүгэ таҕыста. Өймөкөөҥҥө туристары аҕалыыга сиһилии кэпсэттибит.
Кинини улууспутугар «Өймөкөөн — Тымныы полюһа» диэн быйыл кулун тутарга 19-с сылын ыытыллар кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр ыалдьыттата ыҥырдыбыт. Уопуттаах салайааччы эксперт быһыытынан кэлэн бэстибээли көрүөҕэ-истиэҕэ, сыаналыаҕа, ханна-туохха болҕомтобутун уурарбытыгар сүбэлиэҕэ-амалыаҕа. Быйылгы сылга бэйэтин турбюротун нөҥүө Өймөкөөнү рекламалаан, Кытай туристарын аҕаларга үлэлэһиэҕэ. Онон бэрт көдьүүстээх кэпсэтии таҕыста диэн бэлиэтиибин.
Ити курдук, Өймөкөөн улууһун дэлэгээссийэтэ быйылгы сыл соругун — туризмы сайыннарыыга Кытай туристарыгар болҕомто ууруллуутугар бэйэтин кылаатын киллэрэн, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Дьокуускай куорат салалталарын кытта Хэйхэ куораты кытта бырааттыы сибээстээх сөбүлэҥин салгыы бөҕөргөтөн кэллэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Михаил Захаров архыыбыттан