М.К. Аммосов аатынан ХИФУ омук тылын филологиятын уонна регионоведение институтун үһүс кууруһун устудьуона Никалана Колодезникова — Матчитова сүрэҕинэн — быарынан таптаан, сөбүлээн үөрэх, билии киэҥ байҕалыгар ньимис гынан үөрэнэ сылдьар.
«2021 сыллаахха үрдүк мындааннаах Айыы Кыһатын ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Оттон билигин номнуо үһүс куурус буоллум. Университеппыт бары өттүнэн сайдарбыт туһугар кыаҕы, тирэҕи биэрэр, усулуобуйаны тэрийэр. «Межкультурная коммуникация и образовательная среда (китайский язык)» хайысхаҕа үөрэнэбин. Мин бу сыл саҕаланыытыгар Кытайга барыахтаахпын диэн сыал — сорук туруоруммутум. Билигин сыалбын ситиһэн дьоллоно сылдьабын. Харбин политехническэй университетыгар тыл кууруһугар үөрэнэ кэллим. Үөрэхпит биир ый ааһар», — диэн сонунун кытта үллэстэр Ника.
Кытай тылын үөрэтиигэ биир ыарахан өрүтүнэн киһи тута кыайан быһаарбат өйдөбүллэрэ бааллара буолар. Кинилэри өйдүүрүҥ туһугар, бу тыл эйгэтигэр баар буолуоххун наада.
Никалана салгыы сэһэргиир: «Харбин — наһаа үчүгэй, ып — ыраас куорат. Күп — күөҕүнэн сууланан олорор. Үрдүк сайдыылаах сир диэн көрдүм. Холобур, үөрэхпит кампуһа сирэйбитин сканердаан киллэрэр. Өссө дьон — сэргэ көҥүлүн, холкутун бэлиэтиэхпин баҕарабын. Аҕам саастаахтар таһырдьа эрчиллэ, бадминтон оонньуу, үҥкүүлүү, үөрэ — көтө сылдьаллар. Ким эрэ көрүөҕэ, туох эрэ дии саныаҕа диэн олох да өйдөрүгэр оҕустарбаттара буолуо».
«Норуоттар икки ардыларынааҕы университекка үөрэнэр буоламмын, бөлөхпөр нууччалар, кэриэй, тай омуктар бааллар. Онон кинилэри кытта кэпсэтэн ангылыйалыы тылбын чочуйабын. Кэриэйдии кыратык билэбин. Харчыбытын Азиатско — Тихоокеанскай бааҥҥа юань валютаҕа уларыппыппыт. Кумааҕы харчынан тутта сылдьабыт», — диэн кэпсээтэ.
Никалана дойдутугар атырдьах ыйын 5 күнүгэр кэлэрин биллэрдэ. Уһуйааччылара күүскэ өйүүллэр, араас бырагыраамалары ыытаннар, устудьуоннара сайдалларыгар олук уураллар. Дьоруойбут сигэлэри кытта үллэһиннэ. Бу саайтка билиҥҥи үөрэнэ сылдьар бырагырааммата баар уонна манна стажировкалары көрүөххтүн сөп.