Кытайга үс оҕолоноллорун көҥүллээтилэр

Бөлөххө киир:

Кытай бырабыыталыстыбата дьиэ кэргэттэр 3 оҕолоноллорун көҥүллээтэ диэн “Синьхуа” ааҕыныстыба иһитиннэрэр.

1970-с сыллартан Кытайга төрөөһүнү аҕыйатарга кытаанах миэрэлэр ылыллыбыттара. Кэлин дьиэ кэргэттэр 1 эрэ оҕолоноллоро көҥүллэнэр буолбута. Бу быраабыланы кэстэхтэринэ, олус үрдүк ыстараабы төлөттөрөр, үлэлэриттэн ууратар этилэр. Ол түмүгэр, ыаллар нэһилиэнньиги — уол оҕону эрэ хаалларар буолан, билиҥҥи эдэр дьоҥҥо кыыс, кийиит ахсаана биллэ  тиийбэт буолбута.

Аҕыйах сыллааҕыта эдэр төрөппүттэр иккиэн ийэлээх аҕаларыгар соҕотох оҕо буоллахтарына уонна тыа сиригэр олорор дьиэ кэргэттэр бастакы оҕолоро кыыс буоллаҕына, 2 оҕолоноллорун көҥүллээбиттэрэ. 2016 сылтан туох баар хааччахтар уһуллан, бары ыаллар 2 оҕолоноллоро көҥүллэммитэ.

2020 сыл түмүгүнэн, Кытайга 1,41 миллиард киһи олорор. Урукку буолбатах, кэнники сылларга Кытай экэниэмикэтэ байан, дьадаҥы дьон ахсаана биллэ аҕыйаата.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ykt.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0