Билиҥҥи кэмҥэ Сахабыт сирин оҕолоро, урукку кэми кытта тэҥнээн көрдөххө, араас дойдуларга баран үөрэниилэрэ үксээтэ. Ханнык баҕарар дойдуга тиий — хайаан даҕаны саханы көрсүөҥ. Бу олус хайҕабыллаах суол. Оттон биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт Алгыс Тимофеев — Кытай дойдутугар магистратураҕа үөрэнэр саха ыччата. Алгыс бэйэтэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет биолого-химическэй факультетын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Киниттэн Кытайга үөрэнэ барар санаа хантан кэлбитин уонна, уопсайынан, кытай норуотун туһунан сиһилии ыйыттыбыт.[vc_separator color=»black» border_width=»2″]Кылгастык кэпсиир буоллахха, бэйэм кыра эрдэхпиттэн кытай уонна дьоппуон — уопсайынан, Азия бу омуктарыгар сүрдээх улахан интэриэстээхпин. Аан бастаан Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха интеллигенциятыгар» диэн суругун ааҕаммын, улахан толкуйга түспүтүм, эбиитин аҕам кэпсээннэрин истэммин маннык өй-санаа киирбитэ. Аҕам бэйэтэ Кытай кыраныыссатын аттыгар Читаҕа сулууспалаабыта. Куруук Кытай туһунан кэпсээччи. Холобур, кытай дьоно саха омугу олус интэриэһиргииллэр эбит. Бу туһунан күөх экраҥҥа, хаһыакка, интэриниэт ситимигэр элбэхтэ аахпытым.
Оскуолаҕа сылдьан кытайдыы-нууччалыы кэпсэтии кинигэтин атыыласпытым уонна ону куруук ааҕар этим. 11 кылааһы бүтэрэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрэнэ киирбитим, ол сылдьан ВКонтакте нөҥүө Ньургун Максимов күрэх биллэрбитин көрбүтүм уонна онно кыттан кыайаммын, кытай тылыгар үөрэниигэ сертификат сүүйбүтүм. Ньургуҥҥа ый курдук кытай тылыгар үөрэммитим, ол кэнниттэн бу дойду култууратыгар, тылыгар интэриэһим өссө улааппыта. 2011 сылга үөрэхпин бүтэрбитим. Ити кэмҥэ идэбинэн үлэ миэстэтэ даҕаны көстүбэтэҕэ, уопсайынан, бэйэм даҕаны оскуолаҕа үлэлиир бэлэмим суох курдуга, ол иһин «эдэр эрдэхпинэ сири-дойдуну көрөн хаалыахха, уопутта ылыныахха» диэн 2011 сыл күһүнүгэр Кытайга Харбин куоракка үөрэнэ барбытым. Кытайга тиийэн Хагунда диэн Харбиннааҕы политехническай университеккэ кытай тылын кууруһугар киирбитим. Биир сыл үөрэммитим. Онно үп өттүгэр төрөппүттэрим көмөлөспүттэрэ, улаханнык үлэлээбиттэрэ. Бу бырагыраама баарын туһунан миэхэ Ньургун Максимов кэпсээбитэ, сүбэлээбитэ-амалаабыта. Кинилиин куруук билсэ сылдьабын, киниэхэ улаханнык махтанабын. Университеккэ үөрэнэр кэммэр сахалар элбэх этибит: уонтан тахса, сүүрбэччэ курдук. Магистраннар, бакалаврдар даҕаны уонна кытай тылын үөрэтээччилэр бааллар этэ. Төлөбүрэ диэн — уопсайга олоруута сыаналаах соҕус, уоннааҕыта наһаа оннук ыарахан буолбатах. Холобур, киһи манна, Саха сиригэр, олорон аһыыра, таҥнара Кытайга олорору кытта тэҥ соҕустар этэ.— Кытайдар омук быһыытынан хайдах эбиттэрий?
Омук туһунан кэпсиир буоллахха: үчүгэй да өттүлээхтэр, мөкү даҕаны баар. Кытайдарыҥ сүрдээх элбэхтэр, ол иһин конкуренциялара наһаа үрдүк, үлэлэрэ тиийбэт. Ити. саха сүрэҕэ суох, кытай олус сүрэхтээх эҥин дииллэрэ, оттон баҕар баара буолуо гынан баран, ону биһиги олус күүркэтэн кэпсиибит быһыылаах. Чахчы, бу сахалар эстэн эрэбит эҥин диэн буолбатах. Кытайдарыҥ ахсааннара элбэх буоллаҕа дии, ол иһин туох баар үлэни кыайаллар, конкуренцияны эҥин алдьархайын тулуйаллар. Сахалар ахсааммыт аҕыйах буолан, ити суох. Дьиҥинэн, саха диэн саамай сүрэхтээх, тыа сиригэр ‑50/-60 кыраадыска таһырдьа тахсан үлэлиир кыахтаах, сүрдээх үлэһит омук буоллаҕа дии.
Кытайдар бэйэлэр туох баар саҥаны батыһаллар, конфуцианство, социализм, коммунизм дьайыыта эбитэ дуу, билбэтим. Сүрдээҕин Америка, Европа олоҕун холобур оҥостор курдуктар. Хас биирдии кытай киһитэ Америкаҕа баран олохсуйуон баҕарар, ону тэҥэ, Американы эмиэ да сөбүлээбэт курдуктар. Уопсайынан, дьикти баҕайы. Илиҥҥи менталитети, Кытай менталитетин чопчу маннык диэн этэр кыах суох. Холобур, биһиги курдук кинилэр толкуйдаабаттар, отой атыннар. Омук күүһэ тылыгар, тылын күүһэ өйүгэр диэн өс хоһооно баар дии. Кытайдар иероглиф систиэмэтин курдук толкуйдууллар быһыылаах диэммин саныыбын. Айылҕаларын наһаа оннук харыстаабаттар. Экологиялара олус мөлтөх. Иһэр уулара, салгыннара кирдээх, астарыгар араас эбиликтэри эбэллэр. Биллэн турар, саха сирин аһын, салгынын, уутун кытта тэҥнэспэт. Уопсайынан, кытайдары харчы хамсатар. Харчы туһугар тугу баҕарар гыныах курдуктар. Балтараа сыл үөрэнэн бараммын оннук толкуйдаах, көрүүлээх кэлэн олоробун.— Кытай тылын үөрэтэр төһө ыараханый?
-Кытай тыла наһаа ыарахана суох. Биллэн турар, бастакы икки-үс ый иһигэр отой буккуллубутум. Кытай эйгэтигэр киирэн бараммын, мунан хаалбытым. Уопсайынан, тугу да өйдөөбөт курдук этим. Оттон төрдүс ыйбар хараҕым аһыллан диэбиккэ дылы, тыл эйгэтэ маннык эбит диэн билбитим. Кытай тыла саха, нуучча тылларыгар майгыннаабат. Кытай тылын чэпчэкитэ диэн — грамматиката суох, суоҕун тэҥэ. Холобур, сирэй ааттар, туохтуурдар эҥин солбуллубаттар. Иероглиф систиэмэтигэр олоҕуран, барыта биирдик барар.
— Кытай уонна саха тыллара туох майгынныыр өрүттээхтэрий?
-Билигин Хотугулуу-Илиҥҥи тыа хаһаайыстыбатын университетигэр үөрэнэ сылдьабын. Онно биир да саха суох буолан, түөрт ыйы быһа сахалыы кэпсэппэккэбин олус чуҥкуйа сылдьыбытым. Билигин үчүгэй. Киһи үөрэнэн хаалар. Кытай уонна саха тыла майгыннаһар диэн этэр буоллахха: тыллар бааллар, суох буолбатахтар, ону кистиир табыллыбат. Майгыннаһар тыллар бааллар, холобур, дьиэ диэн кытайдарга дзя диэн. Итинник хасыһан бардахха элбэх. Грамматикаҕа эрэ буолбакка биирдиилээн тылга майгыннаһыылар бааллар. Урут били монголлар, түүрдэр Кытайы ылан сэриилээн олорор кэмнэригэр тарҕаммыт буолуон сөп.-Тоҕо. чуолаан, кытай тылын үөрэтэргэ санаммыккыный?
— Дьоппуон уонна кэриэй омук сирдэрин тэҥниир буоллахха — Кытайга үөрэнэр саха олус элбэх. Хас биирдии университеккэ баарын кэриэтэ. Онон, саха кытай тылын син ылынан эрэр диэххэ сөп. Бастатан туран, Кытайга баран үөрэнэр чэпчэки, дьоппуон уонна кэриэй сирдэригэр сыаналара сүрдээх ыарахан. Холобур, Кытай бэйэҥ төлөөн үөрэнэргэр, мин саныахпар, саамай табыгастаах. Эбиитин Кытай уонна Арассыыйа сыһыана үчүгэй.
Кытай тылын дойдугар олорон үөрэтэр син биир үчүгэй, оттон Кытайга баран бэйэтигэр үөрэнэр өссө үчүгэй. Бастатан туран, эн тыл эйгэтигэр киирэҕин. Иккиһинэн, ханнык да саха тылын кыбыппакка саҥара сатыыгын. Уулуссаҕа таҕыстаххына, чахчы күһэллэҥҥин тыл эйгэтигэр умса түһэҕин. Онон, Кытайга баран үөрэтэр быдаҥ ордук, кииримтиэ. Киин куораттарга үрдүк үөрэххэ оҕолор түөрт-биэс сыл кытай тылын үөрэтэн баран кэлэллэр. Уонна кытай тылын Арассыыйаҕа үөрэппиттэрэ туһата суох курдук. Саҥаттан барытын үөрэтэллэр. Ол иһин түөрт-биэс сыл манна кытай тылын үөрэппит оҕолорго, биллэн турар, чэпчэки.
— Кытай тылын үөрээтээри сылдьар дьоҥҥо тугу сүбэлиигиний?
-Тылы үөрэтэртэн саллыа суохха наада, олус ыарахан, дьикти, киһи сатаан үөрэппэт тыла буолбатах. Чэпчэки, холобур, иероглифтары билиэххин наада, суруллуутун, ааҕыллыытын уонна түөрт тону. Ол тоннарын уонна иероглифтар суруллууларын кыайдаххына, грамматикатын кыратык билистэххинэ, үчүгэй. Хайа баҕарар киһи үс-түөрт ыйынан Кытай эйгэтин кытта билсэ түһэр. Ол кэнниттэн бастакы түһүмэх — билсии. Иккискэ — тыл эйгэтин билэҕин, ити кэнниттэн үөрэтэргэ олус чэпчэки буолар. Иероглифтары барытын дөбөҥнүк өйдүүгүн. Уонна интэриниэккэ иероглифическэй күлүүстэр диэн бааллар. Ону ылаҥҥыт көрүҥ. Туох баар иероглифтар ити күлүүстэртэн тураллар. Аан бастаан үөрэтэргэр итилэри билиэххин наада. Барыта сүүстэн тахса күлүүс баар. Куруук күлүүстэри көрө сылдьыҥ. Миэхэ бу кытай тылын үөрэтэрбэр күүс-көмө буолбут төрөппүттэрбэр уонна, чуолаан, Ньургун Максимовка улахан махталбын тиэрдэбин. Кытай тылыҥ үөрэтиҥ, тулуурдаах буолуҥ.
Чэлгийээнэ Бахсырова