Кытайга баар Арассыыйа олохтоохторун уоппускатын уһатарга этии киирдэ
31.01.2020
Вице-премьер Татьяна Голикова билигин Кытайга баар Арассыыйа олохтоохторугар уоппускаларын өссө уһатан биэрэргэ тэрилтэ салайааччыларыгар этии киллэрдэ. «Нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстыыр туһугар бу этиини сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырабын», — диэн эттэ кини Арассыыйа үлэ уонна социальнай боппуруостары көрөр үс өрүттээх хамыыһыйатыгар.
edersaas.ru
Маннык ис хоһоонноох суруктары Роспотребнадзорга, Атыы-эргиэн бырамыысыланнай балаататыгар, Арассыыйа бырамыысыланнаһын уонна урбаанньыттарын сойууһугар ыыппыттарын туһунан биллэрдэ кини. Ол туһунан «Российская газета» иһитиннэрэр.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1