Кытай уола кыайбатаҕын Иран бэлисипиэттээх туриһа ситистэ

Ааптар: 
11.04.2017
Бөлөххө киир:

«Тымныы полюһугар айан» диэн Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт быйылгы кыһыҥҥы бэстибээлгэ Томторго айаннаан иһэн, Күбүмэ «Куба» кафетын аттыгар омук бэлисипиэтэ турарын көрөн баран: «Быйылгы сылга миэхэ омук бэлисипиэттээх дьоно түбэһэн иһэллэрэ баара! Манна кытта…» — дии санаабытым.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Киирбитим, кырдьык, хара бытыктаах омук киһитэ кутуллан киирбит дьону соһуйбуттуу көрө түспүтэ. Мин куораттан туристары кытта айаннаан иһэр «Якутия»  өрөспүүбүлүкэтээҕи туризм национальнай иһитиннэрэр-биллэрэр киинин генеральнай дириэктэрэ, хас да омук тылын билэр, английскайдыы төрөөбүт тылын курдук холкутук саҥарар Мария Старостинаны иранеһы кытта кэпсэтэрбэр көмөлөһөрүгэр көрдөстүм.

Мария бэрт холкутук мин ыйытыыларбын тылбаастаан барбыта. Ол онно маннык кэпсэтии тахсыбыта.

Ирантан сылдьар Хусейн Мухамед Махмудзадех атыы-эргиэн биир коммерческай хампаанньатыгар офис менеджеринэн үлэлиир. Уоппускатын кэмигэр араас омук дойдуларынан сылдьан туристыырын сөбүлүүр. Үксүн сылаас дойдуларынан  сылдьар эбит эрээри, Сибиири наһаа интэриэһиргиир эбит. Балтараа ыйдааҕы уоппускатын ылаат, кини интэриниэккэ Сибиир саамай тымныы сирэ диэн «гугллаабыт». Онно «Өймөкөөн» диэн тахсан кэлбит. Хаартаны сирийэн көрбүтэ, Дьокуускай куораттан суоллаах-иистээх сир эбит. Ол иһин бэлисипиэтинэн айанныырга санаммыт. Бу айаныгар Хусейн түөрт ый бэлэмнэммит. Уопсайа, Иран экстремал-туриһа Өймөкөөҥҥө диэри 20 күн айаннаабыт. Сүрүн соруга айылҕаны уонна хоту дойду дьонун кытта алтыһыы буолан, Тополинайга кытта сылдьан ааспыт. Кини табаһыттар олорор сирдэрин, олохторун наһаа билиэн баҕарар эбит. Ол иһин анаан эрдэттэн бэлэмнээбит лиистэрин көрдөрөн истэҕинэ, ханан барар суолун дьон ыйан испит.

Табаһыттары буллаҕына, бу абыраллаах лиистэрин көрдөрөр эбит. Ити курдук хас да хонон баран, салгыы баҕалаах Өймөкөөнүгэр туруммут. Аара киһи суох сиригэр 45 кыраадыс тымныыга балаакка туруоран хонор эбит.

Бэлисипиэтигэр ууруна сылдьар таһаҕаһын көрдөххө, олох дуона суох куруустаах. Бу дьоҕус бэрэмэдэйгэ туох балаакката, аһа-таҥаһа киирэрэ буолла? Икки дьоҕус тиэрмэстээх. Аһыыр-утуйар соруга суох буолан, кэрэ айылҕа устун наар айаннаан истэҕэ. Биһигиттэн бэстибээл буолар сураҕын истэн, ымсыыра хаалла. Ылаары гыммыппытын, кыккыраччы  аккаастанна.

— Массыынанан айаннаатахпына, Өймөкөөнү кытта билсибэтэҕим тэҥэ. Кэннигититтэн тиийиэм, — диэтэ. Мария Старостинаттан: «Бу түүн кафе хаһаайына хонноруо дуо? Ону билиэҥ дуо?» — диэн көрдөстө. Биир да нууччалыы тылы билбэт киһиэхэ, биллэн турар, кэпсэтэрэ ыарахана биллэр этэ. Биһиги Мариябытын үөһэттэн түспүт Таҥара курдук санаабыта чахчы. Хаһаайын оптоволокно сибээһин оҥоро сылдьар дьонноох, хоннорор сирэ суох буолан, бу дьиэҕэ ыскамыайкалары холбоон хоннун диэн көҥүл биэрбитигэр, үөрбүтүн көрүөҥ этэ. Мин баай дойду киһитэ, коммерческай фирма үлэһитэ ханна эрэ Тымныы полюһугар кэлэн, мас ыскамыайкаҕа утуйарыттан дьолломмутун көрөн, ааранан бэйэм кытта үөрбүтүм. Ханна да буоллун, сылаас дьиэҕэ хонор эмиэ күндү буоллаҕа!

Бараары туран, бары Хусейны кытта биир-биир хаартыскаҕа түстүбүт. Бүтэһик Мариябыт түһээтин кытта: «Өймөкөөҥҥө көрсүөхпүт!», — диэн бакаалаһаат, массыынабытыгар олорон, Томтордуур суолу тутустубут.

Түөрт күн этэҥҥэ ааһан, бэстибээлтэн төннөн, Үчүгэй нэһилиэгин ааһааппытын  кытта, суоппарбыт: «Оо, оҕолор, иранецпыт бу айаннаан иһэр!» — диэн баран, тохтуу биэрдэ. Биһиги ону истээт, бары кутуллан таҕыстыбыт.  Хусейн Ирантан бииргэ төрөөбүттэрэ да кэллэхтэринэ маннык үөрэр үһүө, аймахтарын көрсүбүттүү, долгуйда. Аара кэлэн иһэн өймөкөөттөр «Гуцул» диэн ааттыыр киһилэригэр икки хоммут эбит, ол иһин хойутаабыт. Аны ыт доҕордоммут. Баҕа санаа оҥосто сылдьар Өймөкөөнүгэр сылдьарыттан олус астынарын туһунан кэпсээтэ.

… Бу күннэргэ Хусейн санаабыт санаатын толорон, дойдулаары Өймөкөөнтөн төттөрү массыынанан айаннаан кэллэ. Бу сарсыарда «Саха «НКИХ «Саҥа күн» биэриитигэр кыттыыны ылла. Киэһэ дойдутугар көтөр.

… Дьиктитэ баара, омук дьоно биир да тылы нууччалыы билбэт эрээри экстремальнай, кутталлаах айаҥҥа турунулларыттан киһи сөҕөр. Дьэ, уонна Өймөкөөҥҥө омуктары көрсөр предприниматель Тамара Васильева бэлиэтииринии, илиилэринэн-атахтарынан кэпсэтэн, бэрт элбэҕи билэн-көрөн бараллар. Хусейн Мухамед тиийээт да, бу айанын туһунан кинигэ суруйар былааннаах. Инстаграмҥа Өймөкөөн хайаларын, айанын туһунан суруйан, номнуо Саха сирин аатырта. Эһиил эмиэ хайаан да Өймөкөөҥҥө иккистээн кэлиэх буолан барда.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Апптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0