Бу кэмҥэ: “Кытай туриһа биһиэхэ кэлбитэ чаас буолла”, — диэн батсаапка кэллиэгэм Ирина Бодруг суруйда.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
Бэлисипиэттээх кытай туриһын Уолбаҕа ааһарыгар урбаанньыт Николай Андросов көрсөн кэпсэппит. Массыынаҕа олордо сатаабытын, киһитэ кыккыраччы аккаастаабыт. Ол иһин урбаанньыт төлөпүөнүн биэрбит: “Кыраныыссаҕа чугаһаатаххына эрийээр, көрсүөм”, — диэн. Кыраныыссаҕа кэлэн баран эрийбитигэр урбаанньыт тиийэн ылбыт.
— Дьокуускайга диэри сөмөлүөтүнэн кэлбит эбит. Киһибит олох Өймөкөөҥҥө тиийэр санаалаах. Бөөлүүн улуус кыраныыссатын бэтэрээ өттүгэр Буойа муостатыгар балааккаҕа хоммут. Массыыналаах дьон олордо эбэтэр арыаллыыр массыына биэрэ сатыылларын кыккыраччы аккаастыыр эбит. “Бэйэм эрэ кыахпынан тиийиэм”, — диэн этэр. «Өймөкөөн эҥэр нэһилиэк суох. Улахан тымныы түһээри турар», — диэн этэ сатаатыбыт. Ылыммат. Балааккатыгар дэлби тоҥмут. Хараҕа кытаран хаалбыт, — диэн суруйар Ирина.
— Кытайдыы эрэ кэпсэтэр киһилиин хайдах уопсай тыл буллугут? – диэн ыйыппыппар, сэһэргэһээччим маннык кэпсээннээх буолла: «Кытайга цииркэ оскуолатыгар икки сыл үөрэммит 9 кылаас үөрэнээччитэ Женя Пестрякова кытай тылынан көҥүл кэпсэтэр. Биһиги ыйытарбытын тылбаастаан биэрэр. Инньэ гынан түргэнник өйдөстүбүт. Сарсын Саһылынан Хаандыгаҕа айанныыр».
Турист: “Туохтан да куттаммаппын”, – диир үһү. Арай долгуйара биир эрэ эбит: “Аара суолга киһи кулуһун оттор маһа баара буолуо?” – диэн.
Чэ, этэҥҥэ айаннаатын. Ол эрээри кэлэр нэдиэлэттэн Тускул бэлиэтээбитинэн, Саха сирин үрдүнэн бытархан тымныы сатыылыахтаах. Киһибит дьэ хайдах буолар? Тополинайтан ыла – адаар таас хайа уонна уу-чуумпу…
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru