Кытай экстремал-туриһа бүгүн Өймөкөөн Күбүмэтигэр тиийдэ!

Ааптар: 
11.02.2018
Бөлөххө киир:

Былырыын Тымныы Полюһугар Өймөкөөҥҥө бэлэсипиэтинэн айаннаабыт кытай экстремал-туриһа Ча Эрдаан айанын бары бэркэ интэриэһиргээн кэтээбиппит.

edersaas.ru

Хомойуох иһин, киһибит  көлөтө   алдьанан, Хаандыгаттан төннөргө күһэллибитэ. Быйыл Ча Эрдээн төннөн кэлэн, Өймөкөөннүүр суолу тутуспута. Былырыыҥҥы курдук киһибитин кэтиэ эбиппит да, быйылгы сырыыта сибээс суох сиринэн уонна саамай уустук айаннаах учаастагынан ааһар. Биир эмэ массыына утары көрсөрө дуу эбэтэр ситэн ааһара дуу — ким да билбэт. Биирдэ эмэ батсаапка: «Хайа били кытайбыт барахсан ханна тиийтэ буолла?» — диэн  хам-түм ким эрэ ыйытан ылар. Ол онон бүттэ. Мин кини саха табаарыһыттан ыйыта сатыыбын да, өрүү «биллэрэ илик» диир.

Бүгүн киэһэ Ча Эрдаан Сунтаартан төрүттээх доҕоро Александр Архипов бэртээхэй сонуннаах таҕыста:

— Ча Эрдаан Күбүмэҕэ тиийбит. Этэҥҥэ үһү.

Аара баран иһэн экстремал-турист Өймөкөөн кэрэ айылҕатын сөҕөн, хаартыскаҕа түһэрэр эбит. Ол ону доҕоругар Александрга ыыппыт.

Оттон «Чернай» уонна «Желтай прижимнэр кими баҕарар долгутар хартыына буоллаҕа!

Бу уста сытар  сүүрүктээх өйүмү тохтобулугар аан бастаан сылдьар киһи баҕа санаатын анаан сипсийэн ааһыахтаах. Ол хайаан да туолар дииллэр.

Ча Эрдаан балааккатын маннык тардынан, хаарга хонор эбит. Онуоха мас суох буолан, бэлэсипиэтэ тирэх буолан, көмөлөһөр аҕай быһылаах.

Кулуһун оттон, итии киллэринэн, чэйин оргутар, аһын астанар эбит. Ас да буолуо дуо, оргуйбут ууга куруппаны суурайан эрдэҕэ.

Онтон  эмиэ ыра санааны угуйар уһун да уһун айан суола уонна кэрэ айылҕа…

Маннык турба «Халыма» трассатыгар көһүннэҕинэ, кытай туриһа төһө үөрэрин сэрэйэҕин эрэ…

Бэртээхэй «дыбарыас» дии! Манна, арааһа, тохтоон бэлэсипиэтин оҥостубута буолуо. Хаамырата тэстэ сылдьыбыт эбит. Ону килиэйдээн баран, сатыы айаннаабыт. Тымныыга алдьаммыт хаамыра хайдах килиэйдэммитэ буолла?

Аара суолга ыт көрсөн батыспыта үһүс күнэ буолбут. Былырыын кулун тутарга араб киһитэ эмиэ Өймөкөөҥҥө билэсипиэтинэн айаннаан истэҕинэ, Развилкаттан биир ыт барсыбыт этэ. Биһиги кинини аара суолга көрсүбүппүтүгэр: «Доҕор буолан абыраата, докумуонун оҥотторон баран дойдубар илдьииһибин. Бу миэхэ үөһэттэн Таҥара ыыппыт бэлэҕэ», — диэн кэпсээбитэ. Кэлин истибиппит, аара суолга төннөн истэҕинэ, ол «Таҥара бэлэҕэ» дьиктитик сүтэн хаалбыт этэ.  Арааһа, бу да ыт эмиэ «Таҥара бэлэҕэ» буолуо. Ыарахан кэмҥэ арыаллыы түһэн баран, соҕотохто сүтэн хааллаҕына көҥүлэ.

Ча Эрдаан  айанньыттарга «Кубанан» аатырар Күбүмэ заправкатыгар хонон баран, сарсын Өймөкөөннүүр суолу тутуһуоҕа.

Онон кытай экстремал-туриһа  «Халыма» трассатын саамай уустук учаастагын этэҥҥэ бэлэсипиэтинэн туораата. Баҕа санаа оҥостубут Өймөкөөнүгэр тиийэрэ олох чугаһаабыт!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Ча Эрдаан түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0