Кытай экстремал-туриһа Ча Эрдаан 13 күн бэлисипиэтинэн айаннаан, баҕалаах Өймөкөөнүн булла.
edersaas.ru
Аара айаннаан иһэр дьон Ча Эрдаан хоноору тэринэ сылдьарын көрөн ааһаллар эбит. Ол курдук, батсаап бөлөхтөрүгэр Үчүгэйгэ биир киһи суолга көрсөн хоннорон баран ыыппытын, аара Алыһардаах күөл аттыгар балаакката турарын суруйбуттара. Дьэ, онтон бэҕэһээ: «Киһибит Өймөкөөнү этэҥҥэ булла», — диэн иһитиннэрдилэр.
— Кытай туриһа ханна тиийбитин эрдэттэн билэ олорбуппут. Аара таксистар көрөн ааһаллар эбит. Онон киһибит чугаһаан эрэрин эрдэттэн истэр-билэр этибит. Миэхэ бэҕэһээ күн ортото Томтортон айанаан кэлбит уолаттар: «Били кытайбыт Биэрэк Үрдүгэр чугаһаан эрэр», — диэн биллэрбиттэрэ. Мин ону истээт, фотоаппарааппын туппутунан утары барбытым. Аара суолга көрсүбүт ыта батыһа сылдьар эбит. Тохтотон син ону-маны илиибитинэн кэпсэтэн өйдөһө сатаабыппыт. Онтон мин олохтоох дьаһалтаҕа сирдээбитим.
Ыалдьыппыт регистрацияланан баран, аан дойдуга аатырбыт Тымныы Оҕуһун стелатыгар тиийбитэ. Туристар кэлэллэригэр үөрүйэх олохтоох дьаһалта салалтата, кулууп үлэһиттэрэ уонна Тымныы Хаһаайына Чысхаан хорсун санаалаах кытайга суолталаах докумуону — Тымныы полюһун сертификатын туттарбыттара, — диэн кэпсиир Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ. Кини Тымныы символын Чысхаан брендин сайыннарар биир улахан суолталаах үлэлээх киһи.
«Сыалбын ситтим ээ», — диэн Ча Эрдаан Өймөкөөнү булбутуттан олус үөрбүт үһү. Суумкатыгар от суулана сылдьарын көрөн ыйыппыттарыгар ытын диэки көрдөрө-көрдөрө илиитинэн «утутабын» диэн быһаарбыт. Ону дьон: «Ытын утутарыгар хаарга тэлгиир эбит», — диэн өйдөөбүттэр.
Бүгүн сарсыарда алта чааска туран, Ча Эрдаан массыынанан Дьокуускайга айаннаата. Дьэ, онон былырыын Өймөкөөҥҥө бэлэсипиэтинэн айаннаан, Саха сирин олохтоохторун соһуппут кытай экстремал-туриһа соругун ситэн, айаныгар улахан ТУОЧУКА туруорда.
… Быйыл кыһыны быһа саамай тымныы кэмҥэ француз туриһа эмиэ бэлисипиэтинэн айанныы сатаан, араас омук дьоно Өймөкөөн өйүмүтүгэр сөтүөлээн, Ча Эрдаан айаныгар — кэлбитигэр да барбытыгар да, улахан интэриэс суох диэххэ сөп. Ол эрээри кытай экстремал-туриһа былырыын баччаларга хорсун санааны ылынан, олох хаһан да харахтаабатах сиригэр хаарга хоно сылдьан, барыбытын соһуппута. Оттон быйыл санаатын толорон, айанныахтаах сирин-уотун эрдэттэн билсибэккэ, санаатын хоту айаннаан, соругун толордо да толордо! Онон биһиги хорсун спортсмен киһиэхэ (идэтэ да ону туоһулуур уонна спортсмен буолан, хаарга хоно сылдьан тымныыны тулуйдаҕа) биһиэхэ бэйэтигэр интэриэһи үөскэппитигэр, сонун дьоруой быһыытынан биллэ сылдьыбытыгар махталбытын тиэрдэбит уонна киниэхэ этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ түһэриитэ.