90-с сыллар саҥаларыгар оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, араас омук сакалаатын рекламатын тэлэбиисэргэ сэргээн аҕай көрөбүт. Биирдэ оскуолаттан кэлбиппит, куукунаҕа турар уһун ыскааппыт түөһүгэр үс устуука «mars» сакалаат сытар эбит. Биһиги көрбүппүтүн итэҕэйбэккэ, таарыйан, сытырҕалаан көрдүбүт. Дьоммут кэлэллэрин кэтэһэн сиэбэккэ сырыттыбыт. Дьэ, онтон киэһэ кэмчилээн, тэлэбиисэргэ «mars» рекламатын кэмигэр тэҥҥэ сиэри манаабыппытын умнубаппын. Оттон сакалааппыт суутун бэрт кичэллээхтик ууран өргө диэри харыстаан илдьэ сылдьыбыппыт.
«Yupi»-лаан кэбиспитим
90-с сылларга тоҕо эрэ дьон муорус утаҕы атарахсытан, суураллар бороһуок утахха умсугуйа сылдьар кэмэ этэ. Биирдэ эмит төрөппүттэрим оннук утаҕы ыллахтарына, «роса» бытыылкатыгар суурайан күндүргэтэн иһэр этибит. 7-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына, дьиэбит малааһына буолла. Дьонум сүүрбэччэ «Yupi» утаҕы ылан «дьэ, суурайан оҥоруҥ көмөлөһүҥ» диэн дьаһайдылар. Эдьиийбинээн утахпытын оҥоро сылдьан биир устуука «Yupi»-ны кистээн кэбистибит. «Роса» бытыылкатыгар суураллыахтаах пакеты чааскылаах ууга суурайар санаалаахпын. Дьоммут көрбөттөрүгэр утахпытын кыра чааскыга суурайан, хоп-хойуу сок оҥостон истибит. Ыра санаа ымыыта оҥосто сылдьыбыт киһи, мин, биир чааскыны бүүс-бүтүннүү иһэн кэбистим. Ол кэннэ хаһан даҕаны пакеттаах суураллар утах диэки көрбөтөҕүм. Оннук сүрэхпэр астаран турардаахпын.
Элбэхтэ туттуллар «одноразовай» иһит
Биирдэ кылааһынан оскуолаҕа кафе тэрийэн үлэлэтэргэ былааннанныбыт. Иһит аҕалыыта кыайтарбатыттан улахан толкуйга түстүбүт. Арай учууталбыт: «Оҕолоор, ааспыкка сыбаайбаҕа «одноразовай» иһит туттубуттар үһү. Олус үчүгэй иһит . Сиргэ түстэҕинэ олох алдьаммат үһү» диэн кэпсээтэ. Биһиги оннук иһит баарын саҥа истэн сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллубут. Бииргэ үөрэнэр уолбут аймаҕын ааҕыттан ол иһити дьааһыкка хаалаан илдьэ кэллибит. Кафебытын ньиргиччи тэрийэн баран, «одноразовай» иһиппитин сууйан-тараан ыалбытыгар төннөрбүппүт. Бу санаатахха, аан бастаан кэлэр «одноразовай» иһиттэр бөҕө даҕаны буолар эбиттэр. Кэлин «одноразовай» иһиппит «многоразовай» буолбутун саныы-саныы сонньуйан күлсэр этибит.
«Доширагынан» бырааһынньыктаабыппыт
2002 сыллаахха суол-иис соччо суох нэһилиэгэр «Доширак» диэн кытайдар лапсалара кэллэ. Итии уу куттуҥ эрэ, түргэнник буһар, электричество наадата суох – диэн хайҕааһыннаах. Биһиги ол саҕана кыра кылааска үөрэнэбит. Дьиэбитигэр сайыҥҥы бырааһынньыгы тэрийээри ас астыыбыт. Оҕурсу, помидор салаатын ортотугар бочуоттаах миэстэҕэ укроп киэргэтиилээх «Доширак» лапсатын уурдубут, майонезтаатыбыт. Дьоммут хайҕыы-хайҕыы сиэтилэр. Сонун аһылык буоллаҕа! Оттон кэлин «Доширагы» дьааһыгынан хаһаанан, окко, сиргэ өйүө гынан илдьэрбит. Кытай лапсатын буортута кэлин биллибитэ, «дьадаҥы» устудьуон аһылыга – диэн ааттаммыта.
-
Дьикти ас
60-с сылларга Уус-Алдан улууһун биир нэһилиэгэр буолбут түбэлтэни кэпсиибин. Оччолорго эбэлээх эһэм саҥа холбоспут эдэр ыал. Эһэм оскуолаҕа суоппардыыра үһү. Биир учуутал киһи соҕурууттан күүлэйдээн кэлбит, ону эһэм көрсөн, дэриэбинэҕэ аҕалбыт. Соҕурууттан кэлбит киһи кэһиитин эһэбэр биир сиэккэ-суумкаҕа толору апельсин бэрсибит. Апельсин диэн ас баарын туһунан сурах эрэ быһыытынан истэр дьон, эбэлээх эһэм, кэһиини тутан олус үөрбүттэр. «Фрукта аата фрукта буоллаҕа» дии санаан, дьаабылыка курдук сууйаннар, хахтыы ыстаан сииргэ быһаарыммыттар. Аҕыйахта ыстаан боруобалаан баран, «Туох дьаабы аһай? Пахай даҕаны!» диэн буолбут, сирэн ситэри сиэбэтэхтэр. Сарсыҥҥы күнүгэр били учууталы көрсөн, эһэм «Туох дьикти аһай? Биһиги курдук дьон сатаан аһаабат аспыт эбит» диэн муодарҕаан ыйыппыт. Онуоха анарааҥҥыта күлэ-күлэ «Ол аата сатаан сиэбэтэх буоллаххыт дии! Бастаан хахтыыгыт, хахтаан баран сиэнэр ас. Минньигэһэ иһигэр буоллаҕа!» диэбит. Дьэ, ол кэннэ дьонум апельсиннарын хахтаан сиэн, кырдьык, үтүө ас эбит диэн билбиттэр.
Сытыйбыт хортуоска
90-с сыллар ортолоругар ыаллыы олорор дьоммут кивини буһаран сиэн турардаахтар. Күһүөрү ийэлэрэ Маайыс Москваҕа дьүөгэлэрин кытта күүлэйдии барбыт. Дьахталлар Москва баһаардарын кэрийэ сылдьаннар дьонноругар кэһии оҥостоору бары үстүү киилэ киви атыыласпыттар. Аны, бу аһы бары бастакыларын көрөллөр эбит, саатар хайдах сиэнэрин ыйыппатахтар, сурасптахтар. Москваттан кэлэн баран, Маайыстаах кивилэрин сиэрилэр толкуй бөҕөҕө түспүттэр. Маайыс кэргэнэ Киэсэ: «Омуктар хортуоскалара быһыылаах, буһаран сиэххэ» диэн этии киллэрбит. Бастаан хахтаан баран буһараары гыммыттар, арай кивилэрин иһэ күөх үһү! «Аны оччоҕо хахтаах буһарыахха, мундирданар хорутоска буолуо» диэн сабаҕалаабыттар уонна үс киилэ кивини дириҥ миискэҕэ уу оргутан, буһарбыттар. «Хортуоскалара» буһуута араас дьүһүн-бодо бөҕө буолбут, дьикти сыттаммыт. Онуоха ыал аҕата Киэсэ: «Пахай, москвалар сытыйбыт хортуоскаларын биэрэн ыыппыттар, киһи сатаан сиэбэт аһа эбит» диэн, буспут кивилэрин барытын сибиинньэлэрин аһыгар куппуттар диэн сурах дэриэбинэбитин толорбута.
- edersaas.ru