Кытаанахтар былааннарын 48 % толордулар!

Ааптар: 
30.07.2020
Бөлөххө киир:

Төһө да кураан сатыылаатар, Чурапчы үлэһит дьоно күөх быйаҥтан тииһинэр туһугар туруулаһан үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

edersaas.ru

Күн бүгүҥҥү туругунан, улуус үрдүнэн 14 015 гектар ходуһа охсулунна, 8 962 туонна от кэбиһилиннэ, ити былаан 22,5 %-на. Инники күөҥҥэ Кытаанах иһэр, бу нэһилиэк отчуттара 871 туоннаны чөкөтөннөр, сыл тахсар отторун 48,1 % хааччыннылар. Мөлтөх көрдөрүүлээҕинэн Болугур (273 туонна, былаан 8,7 %-ы), Чакыр (367 туонна, былаан 15,9 %-ы) буоллулар. Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин улуустааҕы хамыыһыйата оттооһуҥҥа күрэхтэһии биллэрдэ, онон мантан күһүн тэтим өссө күүһүрүөҕэ диэн улуус дьаһалтата иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0