Кытаанах ирдэбил эбэтэр хабалаҕа ылларыы

16.04.2018
Бөлөххө киир:

Дорооболоруҥ! Быйыл, дьэ, идэлээх үлэһит буоллум. Чааһынай клиникаҕа үлэҕэ киирэн, терапевтаан эрэбин. Билигин суруйар кэпсээним дьүөгэм туһунан. Саргы 32 саастаах, дэриэбинэҕэ улааппыппыт. Миигиттэн төһө да уонча сыл улахан буоллар, уу тэстибэт доҕордуубут.

Саргым урут «уоллан» диэтэхпинэ, сирэйин мырдыччы туттан, сөбүлээбэтэҕин биллэрэрэ. Кини үөлээннээхтэрэ, омуннаатахха, эбэ-эһэ буолаллара чугаһаата. Саргы идэтинэн архитектор. Өрөспүүбүлүкэ биир биллэр тэрилтэтигэр таһаарыылаахтык үлэлээбитэ сэттэ сыл буолла. Куруук «дьиэ-үлэ-дьиэ» маршруттаах сылдьар, мээнэ күүлэйдээбэт. Быйыл кыыһым «уолланар, кэргэннэнэр туһунан толкуйдаан эрэбин, сааһым ырааппыт эбит» диэн, дьэ, саҥа аллайдаҕа үһү! Иннэ диэн этиэҕиттэн оруобуна үс ый ааста да мэлисээй! Ким да суоҕун курдук суох. Кыыспар, этэргэ дылы, стимул оҥороору 50 тыһ. солкуобайга сакалааттаһыахха диэн этии киллэрдим. Тото байан иччэ элбэх харчынан оонньууллар дии санаамаҥ, дьүөгэм дьылҕатын туһугар ыалдьарым күүһэ бэрт буоллаҕа. Ол гынан кыыһым бэрт өр оҥорбото, толкуйдаан баран сөбүлэстэ. Аны Саргым ирдэбилэ добуочча:

  1. Бааһынай, омук да буоллун;
  2. 28-35 диэри саастаах;
  3. 180 см кырата суох үрдүктээх;
  4. Спортивнай эттээх-сииннээх;
  5. Икки үрдүк үөрэхтээх;
  6. Элбэх хамнастаах үлэлээх;
  7. Муоданы батыһар;
  8. Массыыналаах;
  9. Дьокуускайга дьиэлээх;
  10. Арыгылаабат, табахтаабат.

Чэ, буоллун. Аныгы кыргыттар бары кэриэтэ маннык уолаттары көрө сатыыллар буолуо. Саргы сытыыта киирдэҕинэ хайа баҕарар уолу эрийэн ылыах курдук. Тас көстүүтэ кэрэтэ, уҥуоҕа уһуна, сырдыга… Бэйэтэ икки үрдүк үөрэхтээх буолан, үөрэҕэ суох уолаттары көрбөт даҕаны.

Оспуордаспыппыт икки нэдиэлэ ааспытын кэннэ, олох атын хартыына буолла. Саргы номнуо үс уолу кытта кэпсэтэн, билсэн-көрсөн ырааппыт эбит. Бастакы уол аата Андрей. Саха, уһун уҥохтаах, инженер үөрэхтээх, массыыналаах, дьиэлээх-уоттаах куорат уола. Саргы Андрейдыын “ВКонтакте” сайт нөҥүө билсибиттэр, көрсөн, киинэҕэ, кафеҕа сылдьыбыттар. Ол гынан баран, Дьокуускай устата-туората биллэр, ким-кимниин ханна, хайдах сылдьыбыта барыта биллэн кэлээччи. Андрей хаартыскатын көрөөт даҕаны, Саргы табаарыстара кини кэргэннээҕин, оҕолооҕун эппиттэрэ. Онон Андрей эмиэ “не вариант” буолан биэрдэ.

Иккис уол – Ньургун. Бааһынайдыҥы көрүҥнээх, киирбит-тахсыбыт, спордунан дьарыктанар тыа уола. Кинилэр түүҥҥү кулуупка билсибиттэр, уол бэйэтэ кэлэн, хап-сабар бастакы хардыыны оҥорон, кэпсэтэн барбыттар. Ньургун Саргыны көрөөт да тута сөбүлээбитин кыбыстыбакка эппит, ол гынан баран эмиэ дьүөгэм идеалыттан ыраах эбит. Түүҥҥү кулууптары кэрийэн арыгылыырын, кальян тардарын, кыргыттары кытта билсэрин ордорорун кэпсээн соһуппут. Үөрэҕэ, үлэтэ суох, ийэлээх аҕатын харчытыгар олорор, күүлэйдьит, кыыһын бэрчээккэ курдук уларытар уолу Саргым эмиэ чугаһаппатах эбит.

Оттон үһүс уол – Артем. Кини 39 саастаах, ачыкылаах, кыра уҥуохтаах, бэллэйбит сирэйдээх, киһи “красавчик” диэбэт киһитэ. Эбиитин кэлэҕэй, атаҕа мадьаҕар, аһаабыт, уойбут-топпут көрүҥнээх, үгүс саҥата суох уол. Артеммут Дьокуускай биир биллэр улахан тэрилтэтигэр программистыыр эбит. Үлэһит буолбута ырааппыт уол, куоракка дьиэлээх-уоттаах, массыынатын баҕардаҕын ахсын эргитэр, уларытар харчылаах, уопсайынан кыахтаах эбит. Саргы идеалыттан материальнай эрэ өттө барсар, Артем тас көрүҥүн сөбүлээбэтэх. Ол эрээри, тоҕо эрэ күн бүгүҥҥэ диэри бииргэ күүлэйдииллэр, киинэ көрөллөр, ресторанныыллар, сибэкки бэлэхтэһэллэр, күндү бэлэхтэри биэрсэллэр… Уол ыҥырда да, Саргы саамай мааны таҥаһын кэтэн, уоһун кып-кыһыл помаданан соттон, ытыар диэри киэргэнэн барар. Оннооҕор Артем номнуо биһилэх бэлэхтээтэ диэн соһуйан уонна үөрэн кэпсээбитэ…

Саргыттан “Артему сөбүлээтиҥ дуо?” диэн ыйыппыппар, “суох, ол эрэн миигин хааччыйар кыахтаах, баҕарбыппын барытын толорор, атыылаһар, онон кинини кытта тутустахпына сатанар” диэн эппиэттээтэ. Сакалааттаһарбытыгар оҥорон көрбүт идеал уолбут тас көрүҥүттэн Артем барахсан ыраахха диэри тэйэ сылдьарын таһынан, аны майгыта-сигилитэ ыарахана, дьахтар курдук этиһиигэ, өһүргэһэ, хаппырыыһа Саргыны толуннардар да, кыыһым туруммута сүрдээх. Тас көрүн диэн дьыала аҥара, киһи бииргэ буолар киһитинээн майгытынан, ис санаатынан, ыраас санаатынан барсыахтаах буоллаҕа!

Онон дьүөгэм этэҥҥэ Артемнуун уһаатахтарына 50 тыһ. солкуобай иэскэ киириэх курдукпун. Сорох кыргыттар уол баайын-дуолун эрэ көрөр буолбуттар диэн сакалааттаһан бараммын дьиксинэ, кэмсинэ олоробун. Дьүөгэбэр төһө да өйдөтө сатаабытым иһин, киһи дьылҕатыгар орооспоппун.

Эдита.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0