От үлэтэ түмүктэммитэ син балачча буолла. Арай кэккэ нэһилиэктэргэ биирдиилээн дьон ходуул ходуйаллара иһиллэр. Ол оттооһуҥҥа улаханнык киирсибэтэ буолуо. Быйыл окко ыарахан кэм-дьыл ааста диир толору кыахтаахпыт. Ол курдук, үгүс улууска курааннаан, ыйы-ыйынан халлаантан таммах уу түспэтэҕин ааһан, ойуур баһаардара туран, улахан мэһэйи оҥордо. Холобур, Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр оттуур ходуһаны үгүс өттүн күл-көмөр гынан ааспыта.
Төһө даҕаны кураан сайын уонна ойуур баһаардара сатыылаабыттарын үрдүнэн оту бэлэмнээһин көрдөрүүтэ куһаҕана суох. Маны этэн эрдэхтэрэ, «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн, норуот биир санаанан салайтаран туруннаҕына, тугу баҕарар кыайар, ситиһэр кыахтааҕын бу ырылыччы көрдөрөр.
Быйылгы от хампаанньатыгар мобильнай этэрээттэр 19 улууска, Дьокуускай куорат аттынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга хоротуулаахтык үлэлээтилэр. Бэл диэтэр, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр кытары баран оттоотулар.
Бу күннэргэ быйылгы от үлэтин түмүгүн таһаарар мунньах буолан ааста. Онно СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко уонна тустаах министиэристибэ салалтатыттан саҕалаан улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын салайааччылара кытыннылар.
СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов иһитиннэрбитинэн, быйыл барыта 56 тыһыынча гектар иэннээх бааһынаны туһаммыттар. Мантан 47983 тыһыынча гектарыгар тыа хаһаайыстыбатын култууратын ыспыттар. «Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хос бырагырааматын олоххо киллэрии этэҥҥэ барар. Түөрт сыл устата сыл аайы сүөһү аһылыгар аналлаах култуураны 28 тыһыынча гектардаах учаастагынан элбэтэри ситистибит», — диэн миниистир быһаарда.
Быйыл 9 947 туонна бурдук туораҕа (былаантан 82 % туолбут), 58816 туонна хортуоппуй (былаантан 83 % туолбут) уонна 27, 5 тыһыынча туонна оҕуруот аһа (92 % туолбут) хомуллубут.
Аны от туһунан. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 457 тыһыынча былаантан 394 тыһыынча туонната оттонуллубут. Ол эрээри, 8 улуус уонна Дьокуускай куорат аттынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннара былааннарын аһара куоһарбыттар. 37,7 тыһыынча туоннаны мобильнай дэниллэр биригээдэлэр оттообуттар. Кинилэр 19 улууска уонна өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр үлэлээбиттэрэ. Итини тэҥэ 23 565 туонна сиилэс уонна 11 419 туонна сенаж бэлэмнэниллибит.
«Номнуо бэһис сылын өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай тэриллиилэрин бүддьүөттэриттэн сылын аайы сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хос бырагырааматыгар 200 мөлүйүөн солкуобай көрүллэр. Быйылгы сылга 19 улуус кытынна. Биэс сыл устатыгар 12 тыһыынча гектар иэннээх бааһына чөлүгэр түһэрилиннэ, 600 кэриҥэ анал тиэхэньикэ атыылаһылынна. Итини тэҥэ, сиилэскэ аналлаах 50 дьаама, 2750 км уһуннаах күрүө-хаһаа оҥоһулунна», — диэн миниистир Александр Атласов быһааран биэрдэ.
Миниистир иһитиннэриитин кэнниттэн сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ уонна оҕуруот аһын үүннэрии боппуруостарын көрдүлэр. Ол курдук, бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Александр Фомин, «Саюри» управляющайа Сергей Балнайтис оҕуруот аһын үүннэриигэ баар кыһалҕалары кэпсээтилэр. «Амма» хампаанньа дириэктэрэ Роман Спасьев туорахтаах култуураны үүннэрии хайдах баран иһэрин туһунан иһитиннэрдэ.
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко мунньаҕы түмүктүүрүгэр, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр бэрт судургута суох сайыҥҥа өссө өрөйөн-чөрөйөн үлэлээбиттэригэр ис сүрэҕиттэн махтанна. Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы дьаһалынан тыа хаһаайыстыбатын өйүүр миэрэлэрэ олоххо киириилэрэ этэҥҥэ бара туралларын туһунан бэлиэтээн эттэ.